Миэхэ тастыҥ убайым кэпсээбитин суруйан эрэбин.
Кини Бүлүү улууһун Лөкөчөөнүгэр олорор. Сылгыһыт. Училищеҕа киирээри сылдьаммын, тахса сырыттахпына, аһыы олорон кэпсээбитэ: “Биир күн сылгыларбытын кэрийэ бардыбыт. Ол сылдьан биир өтөххө хоннубут. Урут да манна дьоннор хонон ааһар сирдэрэ. Күнү быһа аанньа аһаабакка сылдьаммыт, киэһэ аһылыкпыт үрдүгэр түстүбүт. Кыра арыгылаах этибит. Саҥардыы куттан иһэн эрдэхпитинэ, аан тэлэллэ түспүтүгэр, биир кыра оҕонньор киирэн остуол аттыгар олорунан кэбистэ. Биһиги буоллаҕына, харахпытын тиэрэ көрөн, айахпытын атан олорон хааллыбыт.
Бэйэ-бэйэбитин көрсөбүт. Онтон биир киһибит өй ылан, куруускаҕа арыгы кутан биэрдэ. Ону оҕонньорбут, эргиччи көрүтэлээн баран, айаҕар биирдэ түһэрэн кэбистэ уонна тахсан барда. Биһиги куттана хааллыбыт.
Сарсыарда туран сылгыларбытын көрө бардыбыт. Киэһэ кэлбиппит атын табаарыспыт (эмиэ сылгыһыт) кэлэн олорор эбит. Киниэхэ кэпсээбиппитигэр, олох да итэҕэйбэтэ. Биһигини сымыйанан кэпсии олороҕут диэн, өссө өһүргэнэ сыста.
Арай түүн уһуктубуппут, били киһибит хаһыытаан ахан турбут: “Миигин ким эрэ атахпыттан тардыалыыр”, – диир. Олох уолуйан хаалбыт этэ. Ол да буоллар, этэҥҥэ утуйан турдубут. Сарсыҥҥытыгар киһибит тугу да саҥарбат, оттон биһиги испитигэр күлэ саныыбыт. Бу кэнниттэн кини, бу өтөххө хоммотох хоннун диэбит буолуохтаах”.
Дьэ ити курдук тастыҥ убайым биир түгэҥҥэ түбэһэ сылдьыбытын кэпсээн турардаах. Онон, мин санаабар, иччи баар быһыылаах.
1994 сыл муус устар 6 күнүнээҕи “Эдэр саас” хаһыаттан.