…Кыргыттарын атаартаан баран, Сардаана хайдах эрэ этин сааһа аһыллан, куттанан дьик-дьах туттар буолан хаалла. Хайдах эрэ бүлүүһэ сиргэ түспүтүтүттэн ытырыктата саныыр. Хата, алдьаммата ээ. Ириитиккэ барытын күлүүгэ-оонньууга кубулутан кэбистэ. Күлэ-сала олорбут бэйэлэрэ, уку-сакы буолан, хомунан тарҕастылар.
Ийэтэ улуус киинигэр киирбит буолан, саатарын соҕотох хонор. Тоҕо биир эмэ дьүөгэтин хонноро хаалларбатаҕын улаханнык кэмсинэ санаата. Куттанан Чолбонун ыҥыран киллэрдэ. Эриэн ыт «бу иччим туох буолбутай» диэбиттии өйдөөх харахтарынан көрө-көрө, соһуччу тосхойбут дьолуттан манньыйан, оһох таһыгар сытынан кэбистэ.
Кыыс уута кэлэн быстыбакка эрэйдэннэ, оронугар эргийдэ-урбайда. Кэмниэ-кэнэҕэс халтаһата ыараан, утуйуох курдук буолан барда.
Арай уутун быыһынан сытан баттатар курдук. Эмиэ да уһуктаҕас курдук да, кыайан хамсыыр кыаҕа суох. Туох эрэ ыарахан кини атаҕар кэлэн олордо. Онтон суорҕан устун сыҕарыйан, үөһэ диэки сыыллан тахсан истэ. Ыарахана диэн сүр. Кыыс куттанан сүрэҕэ толугуруу тэптэ, тымныы көлөһүн сарт түстэ, тыына хаайтарда. Кини үрдүгэр киһи сытар курдук… Мөхсө, хаһыытыы сатыыр да, саҥата тахсыбат, эгэ, хамсыа баара дуо? Түүл дуу бу, илэ дуу?!
Били ыарахан баҕайыта балачча хам-бааччы сыппахтаан баран, аны моонньуттан, кулгааҕыттан ип-итиинэн даҕайан сыллыыр, ууруур курдук буолла. Сүрдээҕин куттанна, уолуйда, ол эрэн сэниэтэ эстэн нэһиилэ сытта. Хайдах эрэ нукаай курдук буолан, туохха да кыһаммат курдук буолан хаалла. Ону тэҥэ туох эрэ саҥа, сонун иэйиини билбит курдук буолла. Сардаана хаһан эр киһиэхэ сыллаппыта, уураппыта баарай? Санаатын түгэҕэр «сыллатар диэн маннык эбит ээ» диэн санаа кылам гынан ааста. Ону сэрэйбиттии, били баҕайыта аны кыыс уоһун көрдөөн үөһэ тахсан эрэрэ…
Киһи эрэ буоллар, туох эрэ өйдөммөт, кутталлаах буолан эрэрин сэрэйэн, кыыс уоһун куоттаран, киэр хайыста, туох баар күүһүн түмүнэн, түүрүллэ түһээт, уһукта сатаата. Аттыгар ыт ырдьыгыныырын истэн, хайдах эрэ кулгааҕа куугунуурга дылы гынна да, уһуутаабытынан, уһуктан кэллэ…
Кутталыттан сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүт, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түспүт. Саҥарар да кыаҕа суох, хараҥа хос үрдүн көрөн сыппахтаата. Тамаҕа хаппытын ньии! Ыта кэлэн илиитин, сирэйин салаамахтаата. Ыйылыы-ыйылыы тула көтө сылдьар. Кыыс ытын төбөтүттэн имэрийдэ, уһугуннарбытыгар махтанна уонна нэһиилэ туран, уот уматтан, уу куттан истэ.
Куһаҕан да түүл! Илэ курдуга тоҕо баҕас ынырыгай? Ол эрэн, баттаттаҕа дии. Оҕо сылдьан биирдэ эмиэ баттатан турар.
х х х
Күнү быһа Сардаана ээл-дээл сырытта. Уутун хамматах буолан, нукаай курдук. Хаһан да күнүс утуйа үөрэммэтэх буолан, нуктаан да ылбата. Хайдах эрэ ол-бу кыра тыастан куттанар курдук буолан хаалбыт, дьик-дьах туттар.
Дьиэтээҕи үлэтин барытын оҥордо, ийэтин кытта кэпсэттэ. Ытын киллэрэн, доҕор гынан, киэһээҥи аһылыктарын үллэстэн аһаатылар. Онтон түү былаатын бүрүнэн, дьыбааҥҥа кинигэ ааҕа олордо. Кыыс саха, нуучча классик суруйааччыларын барыларын аахпыта. Омуннаан эттэххэ, олохтоох библиотекаҕа аахпатах кинигэтэ суох буолан, билигин ол-бу «дьахтар романнарын» ааҕа сатыыр. Кини кинигэҕэ өйдүүн-санаалыын бүтүннүү киирэн хаалан, тулатынааҕы эйгэтин умнан кэбиһэр идэлээх. Кинини, кылаас бастыҥ үөрэнээччитин, үрдүк үөрэххэ хайаан да киириэ дии саныыллара. Ол эрэн, бастакы экзаменыгар «проваллаабытыгар» бары да соһуйбуттара. Ийэтэ ордук аймаммыта. Төлөбүрдээх үөрэххэ киллэрэ сатаабыта. Кыыс эһиил бэлэмнэнэн баран киириэм диэн буолумматаҕа. Эһиилигэр эмиэ баала хапсыбакка, кыайан киирбэтэҕэ. Үөрэммит оскуолатыгар остуораһынан, муоста сууйааччынан үлэлиир. Бастыҥ үөрэнээччилэрэ муоста сууйа сылдьарын учууталлара сэмэлии, сорохтор сүөргүлүү көрөллөрө, мөҕөн-этэн ааһааччы да баара. Ол эрэн, ким да сэрэйбэт, кыыс тоҕо үөрэххэ киирбэтэҕин.
Сардаана ыалдьар ийэтин хаалларан барар кыаҕа суох. Ийэтэ ыйы-ыйынан балыыһа иччитэ буоларын, дьиэтин-уотун соҕотоҕун көрөр кыаҕа суоҕун кини билэр. Кини бэйэтин өйдүүрүн тухары ийэтинээн иккиэлэр эрэ. Саамай күндү киһитин хайдах быраҕан барыай? Ол кэриэтин кини барытын тулуйуо…
Бу түүн өр уута кэлбэккэ, эргичиҥнии сытта. Хайдах эрэ утуйарыттан куттанар курдук. Эмиэ баттатыам диэн дьиксинэр. Ол да буоллар, түүн үөһүн саҕана халтаһалара сабыллан, ааҕа сыппыт кинигэтэ сиргэ сырылаан түстэ.
Эмиэ утуйа сытар курдук да, тугу барытын истэр-билэр. Били ыарахан баҕайыта кэлиэ диэн сэрэйэ сытар. Онто өр күүттэрбэтэ, кыыс утуйарын эрэ кэтэспит курдук, атаҕар кэлэн олордо. Онтон эмиэ үрдүгэр саба баттаан сытынан кэбистэ. Кыыс мөхсө, уһукта сатаата да, кыайтарбата. Эмиэ уураан-сыллаан киирэн барда. Кыыс иэдэһигэр хас да күн хоруллубатах кытаанах бытык кытта биллэр курдук. Оттон уостара ип-итиинэн даҕайаллар, омуннуран, моонньуттан, кулгааҕыттан уурууллар. Кыыс хаһан да билбэтэх иэйиитигэр куустарда. Кулгааҕын уурууллара маннык минньигэс буолуо дии санаабат этэ. Эт-этэ налыйан, биллибэт сүүрээҥҥэ бэринэн, иһин түгэҕэ итийэн, ыараан хаалла…
Эмискэ ыраах ыт үрэрин истэн, ханна баарын өйдүү түстэ да, эмиэ мөхсөн, хаһыытаан, уһукта сатаата. Били баҕайыта онно утарылаһар, өссө эбии хам баттыыр курдук. Кыыс илиилэрин-атахтарын хаимсата, бэйэтин кымаахтана сатаата, ыксаан бары билэр таҥараларыттан барыларыттан көрдөһө сытта. Онтон куоракка ийэтинээн таҥара дьиэтигэр киирэ сылдьан, мэлииппэлээх халандаар атыыласпыттарын өйдүү түстэ. Онно суруллубут мэлииппэни хайдах өйдүүрүнэн иһигэр ааҕан субурутта: «Отче наш, иже еси на небеси, да святится имя твое, да приидет царствие твое…».
Мэлииппэтэ туһалаата быһыылаах. Бэрт ыараханнык уһуктан кэллэ. Сүрэҕэ көппүт аҕай, сэниэтэ эстибит. Ыта тула көтө сылдьар.
х х х
Үһүс түүнүн эмиэ да куттана, эмиэ да кистээн долгуйа күүттэ. «Уураһар диэн хайдаҕа буолуой? Мин да баҕарбат үһүбүн дуо, уураһыахпын? Ону баара, ким да миигин көрбөт. Мин да кими да көрбөппүн. Оннук уураһар да диэни билбэккэ кырдьан өлөрүм буолуо. Ириитиккэ этэрин курдук, старай дева буолан баран… Ол кэриэтэ… боруобалаан көрбүт ордук. Саатар түүлгэ».
Сардаана төбөтүгэр араас санаа ытыллар.
Бу сырыыга эрдэ оҥостон сытта. Кинигэтин аахпакка, дьиэтин өһүөтүн одуулаан сытта. Арааһы толкуйдаата. Ол сытан утуйан хаалла.
…Арай, түһээтэҕинэ, дьэрэкээн сибэккилээх күп-күөх хонууга сылдьар эбит. Халлаан күөх да күөх, чэп-чэмэлкэй күннээх. От-мас көҕөрөн, чэлгийэн аҕай турар. Чыычаах ырыата дьырылыыр. Кыыс дугунар-дугуммат икки ардынан чэпчэкии-чэпчэкитик ойуоккалаан хонуу устун баран иһэр. Эмискэ халлааны хара күлүк хаххалыыр. Кыыс куттанан куота сатыыр. Хара күлүгэ улахан баҕайы хара көтөр эбит. Сиргэ түһээт, хара таҥастаах уол буолан хаалар. Хойуу хаастаах, уоттааҕынан көрбүт хап-хара харахтаах, муус-маҥан мичээрдээх…
— Сардаана, бу сылдьар эбиккин дии. Өр да көрдөөтүм эйигин.
— Эн кимҥиний? Миигин хантан билэҕин?!
— Васябын дии. Эн эмиэ миигин билэҕин ээ…
Уол чугаһаан кэлэн, кууһан ылар. Иккиэн куустуспутунан сиртэн арахсан, оргууй өрө көтөн тахсаллар. Күп-күөх хонууну, тыалары үөһэттэн көрөллөр. Үчүгэй даҕаны!..
— Сардаана, миигин кытта барсаҕын дуо? Мин эйигин кый ыраах аптаах дойдуга илдьиэм. Ол дойдуга бары дьоллоохтор. Мин эйигин таптыыбын. Иккиэн дьоллоох буолуох!..
Кыыс туох да диэн эппиэттиэн билбэт. Онтон оргууй тайааран сиргэ түһэллэр. Хонуу ортотугар куустуһан тураллар. Уол кыыһы сэҥийэтиттэн ылан, үөһэттэн таҥнары сирэйин одуулаан турар.
— Наһаа да кыраһыабай кыыскын! Мин эйигин өр да өр көрдөөтүм ээ. Барыс, миигин кытта, Сардаана, көрдөһөбүн…
Сардаана үйэтигэр хаһан да истибэтэх тылларыттан ууллан, өрө хантайан, хараҕын симэн, уоһун тоһуйан, талбааран турар. Өйүгэр: «дьэ, билиэм буоллаҕа, уураһар диэн хайдаҕын» дии саныыр. Ону сэрэйбиттии уол уоһа чугаһаан, итии тыына биллэн, сып-сылааһынан даҕайан, уураһан киирэн бараллар. Сардаана иккистээн халлааҥҥа көппүт курдук сананар. Онтон уолун уоһа кытаатан, ыараан, баттаан киирэн барар. Тимир-тамыр курдук тутан, кыыһы мөҕүһүннэрбитинэн окко тиэрэ баттыыр. Ыарахан ыйааһынынан хам баттаан, уоһун араарбакка, ыарыылаахтык чупчуруйан, кыыс тыынын хаайар.
Кыыс уолуйан, туох баарынан мөхсөн иһэн, уһуктан кэллэ. Оронугар сытар эбит. Оо, кэбис, били баҕайыта сол да баар эбит. Баттаабытын курдук баттаан сытар. Илэ дуу, түүл дуу? Бу иэдээни! Илэ кэлбит буолбаат, дьэ, сиирэ буолуо!..
Кыыс муҥур уһугар тиийэн, эмиэ мэлииппэтин ааҕан барда. Балачча эрэйдэммитин кэннэ, били баҕайыта кыыһырар быһыылаах, хаһыырар курдук кулгааҕын чуҥкунатан баран, нэһиилэ арахсан барда.
Сардаана дьэ, дьиҥнээхтик уһуктан кэллэ. Эмиэ сэниэтэ эстэн, туохха да кыһаммат буолан, кураанаҕынан көрөн сытта. Бу курдук өр барыа суох, күүһүн-күдэҕин курдаттыы оборон ылан, кырдьык да, били дойдутугар илдьэ барыыһы…
Хайдах гыныахха?! Хайдах быыһаныахха?!
Сарсыныгар ийэтэ кэллэ. Киирээт да, кыыһа кубарыйбытын, дьүдэйбитин, хараҕын анна көҕөрбүтүн өйдөөн көрдө. Ийэ туох эрэ соччото суоҕу сэрэйэн, сүрэҕэр ыттарда.
— Хайа, тоойуом, туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо?
— Ээ, суох, суох, ити бэйэм…
— Ыалдьыбыт көрүҥнээххин дии… Туох эрэ буолла дуу?!
— Бөөлүүн кинигэ ааҕаммын сарсыарданан биирдэ утуйбутум.
— Оо дьэ, ол хайдах баҕайыный? Утуйары да умнар диэн? Хараххын да харыстыаҥ этэ…
Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ, чэйдээтилэр. Сардаана туох буолбутун чып кистээн кэбистэ. Туох да диэн кэпсиэҕэй? Бастакытынан, ийэтин долгутуон баҕарбат. Иккиһинэн, ийэтинээн төһө да чугастарын иһин, маннык тиэмэлэргэ кэпсэтэ үөрэммэтэхтэр эбит.
Ол да буоллар, ийэтэ кыыһа уларыйбытын бэлиэтии көрдө. Кырдьык, түүнү быһа кинигэ ааҕар, уоттаах хонор. Ол гынан баран, утуйда да баттатар, түһээн саҥарар, ынчыктыыр буолбут. Оннооҕор ытын киллэрэн хоннороруттан соһуйда. Сэмээр ыйыталаһан көрдө да, кыыһа ол-бу диэн кубулдьутан кэбиһэр. Ону кытары чүмэчи курдук ууллан, умуллан иһэр.
Ийэ иһигэр сүрдээҕин айманна. Ыалдьыбыт дии санаан, дьүөгэтин, ичээмсийэр дьахтары ыҥырда. Вера Георгиевна бэйэтин «экстрасенс» диэн ааттанан, хаартынан таайар, дьиэтигэр дьону эмтиир, илбийэр, улуустары да кэрийэр. Биир оннук айантан кэлбит буолан, сынньанар аатырдар, дьүөгэтин көрдөһүүтүн быһа гыммакка, анал тэриллэрин хааламмытынан, биир күн киирэн кэллэ.
Сардаана онтон олус соһуйбата. Ийэтэ илбийтэрээри үгүстүк ыҥырааччы. Ол эрэн тоҕо эрэ иһигэр олус абааһы көрө санаата. Тоҕотун бэйэтэ да билбэт. Бу саас ортолоох, сонос соҕус, куруук үөрэ-көтө сылдьар, ньымааттаһан эрэр курдук сыыйан саҥарбыт дьахтары кини урут сөбүлүүрэ эбээт… Остуолга чэй иһэ олорор Вера Георгиевналыын аат-харата дорооболоһоот, кэпсэппэккэ эрэ, хоһугар киирэн хаалла. Дьахталлар сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Сардаана ийэтэ «эппитим дии» диэбиттии саннын ыгдах гыннарда.
Ону-маны кэпсэтэллэрин истэ-истэ, Сардаана оронугар иһэ буһа сытта. Вера Георгиевна ньуолбар куолаһын истэ-истэ, хаһан да кими да абааһы көрбөтөҕүн абааһы көрдө. Саһыл курдук ньуолбаара сытыйан, тугун сүтэрэн, тоҕо кэлбитэй! Албын-түөкэй, хара санаалаах дьахтар! Итиннигин урут тоҕо билбэтэҕим баарай? Эрдэ-сылла ийэбин араардахха сатанар.
Ити курдук муучу буола сыттаҕына, ийэтэ киирэн кэллэ.
— Тоойуом, Вера эйигин кыратык көрүөм, тыыта түһүөм диир. Ыалдьыбыккын быһ…
— Суох!!! Суох!!! Тыыппатын! Бардын! Киэр бардын!!!
Кыыс эмискэ үлүгэр кыламмытыгар, ийэтэ соһуйан, кэннинэн чинэрийдэ. Вера Георгиевна хоско ойон киирдэ. Кинини көрөөт, кыыс өссө ордук иэдэйэн, орулуур дуу, сарылыыр дуу икки ардынан иэрийэн барда. Хараҕын үрүҥүнэн көрөн, айаҕыттан күүгэн тахсан, устунан таттарыах курдук буолан барда. Эмчит бэрт сымсатык кыыска ойон кэлэн, хам баттаата уонна эргиллэн хаһыытаата:
— Луоската! Түргэнник!
Ити хаһыыттан аан таһыгар уолуйан биир сиргэ хам хараҕаланан турбут ийэтэ бэрт чэпчэкитик тэп гынан хаалла. Ньуоска уонна чааскыга уу кутан аҕалбыта, Вера Георгиевна тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, кыыһын имэрийэ олорор эбит.
Сардаана кубарыйан баран сытар. Баттаҕа ыһыллан, арбайан хаалбыт. Арай биллэр-биллибэт халтаһалара хамсаан, уһун кыламаннара иэдэһигэр ибирдииллэр. Төбөтүн өндөтөн, уу иһэртилэр. Вера Георгиевна өссө имэрийэ түһэн баран, куукунаҕа таҕыста. Ийэ куттаммыт, уу-хаар баспыт, ааттаспыт хараҕын көрөн баран, баһын быһа илгиһиннэ. Илиитин хаста да мыылалаан кичэйэн суунна уонна остуолга кэлэн олордо.
— Чэйдэ кут эрэ, хата. Итии чэйдэ иһиэххэ. Айуу, ити ыккардыгар сэниэм барана сыста дии.
— Биэрэ, эрэйдээбэккэ эт… Кыыһым улаханнык ыалдьыбыт дуо? Быраастарга көрдөрөбүт дуо?
— Туох диэххэ сөбүй… Суох, кыыһыҥ ыалдьыбатах, вернее, дууһата ыалдьыбыт. Ээ, туох… Туох эрэ олорсо сылдьарга дылы. Мин ону кыайан үтэйбэппин.
— Ол аата?!
— Бэйэм да билбэппин. Бэйэтэ туох да диэбэт этэ дуо?
— Суох. Ыйыта сатаабытым даҕаны… Кэлбитим, итинник буолан хаалбыт…
— Баҕар, чугас дьүөгэтигэр кэпсээрэй?
— Ириитиккэҕэ дуо? Ыҥыран көрүөм…
Чэйдээн баран, киэһэ кэлэ сылдьыах буолан, Вера Георгиевна дьиэлээтэ. Оттон Сардаана ийэтэ кыыһын өҥөйөн көрөөт, ыалыгар таҕыста. Кыыс утуйа сытар. Сотору буолаат, ийэтэ Ириитиккэни батыһыннарбытынан киирэн кэллэ.
Ириитиккэ хоско киирэн, орон баһыгар устуулга олордо. Сурунаалы ылан, мээнэ арыйбахтаата. Кини тыаһыттан Сардаана уһуктан кэллэ.
— Привет! Хайа, ыарыйдыҥ дуо, Сардаана?
— Суох.
— Мин сотору барабын. Бакаалаһа киирдим. Маамаҥ барытын кэпсээтэ. Сардаанчык! Туох буолбуккун кэпсээ. Өйдүүгүн, урут штабка саһан олорон, барытын кэпсэтэр этибит дии. Кими эрэ таптаатыҥ дуо? Эйиэхэ көмөлөһүөм дии, кэпсээриий…
Сардаана саҥарбакка сытта. Онтон уйа-хайа суох ытаан барда. Киһи эрэ буоллар, өйдүүр киһитин булан, аһыннаттаран, барытын кэпсээн биэрдэ.
– Ириитэ, быыһаа миигин! Түүн аайы кэлэр… Сэниэбин, күүспүн вампир курдук оборон ылар. Ааспыкка тугу эрэ сэрэйэн, хабарҕалыы сатаабыта. Сотору сиирэ буолуо… – дии-дии ытаата.
Ириитиккэ истибитин итэҕэйбэккэ олордо. Ама, аныгы сайдыылаах үйэҕэ маннык «ужас» курдук түбэлтэлэр буоллахтарай? Оттон аан кэннигэр саһан истэн турбут ийэтэ өссө ордук уолуйда.
х х х
Киэһэтин үһүөн сүбэ мунньах тэрийдилэр. Сардаана кэпсээбитин, хайдах бүлүүһэ сүүрдүбүттэрин, умнан кэбиһэн быраһаайга илдьибэтэхтэрин, «Васябын» дэммитин, кыыс тугу түһээбитин Вера Георгиевнаҕа Ириитиккэ барытын кэпсээн биэрдэ.
Вера Георгиевна «ол иһин даа» диэн ытыһын ньилбэгэр охсунна.
— Түүҥҥү эр диэн баар үһү ээ. Кырыллыбытынан кыргыттарга эрэ кэлэр. Били, «Мааппа» диэн кэпсээн баар дии. Онно өлбүт кыыс илэ кэлэр дии… Ол курдук өлбүт дьон дууһалара буулуохтарын сөп.
— Аата ынырыгын!.. Ол аата оҕобун өлбүт киһи, үөр буулаабыт дуо?!
— Оннук курдук буолар дии… Бээрэ, ол гынан баран, илэ буолбатах буоллаҕа дии. Кыыс эр киһилэннэҕинэ, ол баҕайы барар үһү диэн истибитим.
— Оччоҕуна… Сардаана срочно кэргэн тахсыан наада дуо?
— Кэргэн да буолбатар, эр киһилиин эҥэрдэстэҕинэ, хоонньостоҕуна, тэйэр үһү.
— Сардаана уола суох ээ. Биир эмэ уолу сөбүлүүрүн да билбэппин. Чугаһатыа суоҕа. Ыксала да бэрт.
— Чэ, хайыахпытый? Кыыспытын быыһыыр суол ол эрэ баар. Бэйэтэ да өйдүүр ини. Бэйэтиттэн улахан тутулуктаах.
— Оччоҕо хайыыбытый? Уол булабыт дуо?
— Оннук буолар дии. Ким баарый? Уонна хайдах холбуубут?
— Оттон арай… Одноклассникпыт баар дии. Гриша. Кини Сардаананы сөбүлүүр ээ. Кыра кылаастан таптыыр.
— Ону кыыспыт?
— Ээй, сөбүлээбэт быһыылаах. Чугаһаппат дии.
— Ол сирэ-тала сылдьар кэм буолбатах, һыччыай. Кыыска бэйэтигэр үчүгэйдик этиэххэ наада. Оттон уолу эн «обработкалыыгын». Ол гынан баран, уолга барытын этимиэххэ наада. Мало ли что… Уопсайынан, бу туһунан үһүөммүтүттэн ураты ким да билбэтин…
х х х
Ириитиккэлээх Сардаана чэй иһэ-иһэ кэпсэтэ олороллор. Кэм да куорат кыыһа омуннура-омуннура бүтэһик тапталын туһунан ыһа-тоҕо кэпсиир.
— Представляешь, сылдьыбыппыт сыл буолла да, холбоһор туһунан саҥа суох. Ону мин санаабар ыксата сатыыбын, араастаан намектаан да көрөбүн – туһа суох. Арааһа, саҕатыттан ылан ЗАГС-ка соһон илдьииһикпин быһыылаах.
Дьүөгэлиилэр күлсэллэр.
— Оттон эн, Сардаанчык? Биллибэтэ дуо, кэлин?
— Суох, тү-тү-тү! Бастакы түүн кэнниттэн түүлбэр көстүбүтэ ээ. Маҥан акка олорсон айаннатан иһэбин. Онно хара көтөр үрдүбүнэн көтөн бара турбута. Онно чэпчээбиппиэн!.. Ол кэнниттэн биллэ илик…
Хоско кыһыл оҕо ытаан эһээхэйдиир. Сардаана сүүрэн киирэн, оҕону көтөҕөн таһаарар. Мотохоно курдук илиилээх-атахтаах, мыс курдук уол оҕо, сырдык уоттан хараҕа саатан симириктии-симириктии, сыҥааҕырдаан оппоҥнуур.
— Чукуруок, олох копия папы эбит дии. Ксерокстаан ылбыт курдук! Арай, сүүһэ, мунна эн курдук эбит. Паапата олох күнэ-ыйа тахсара буолуо.
— Ээ дьэ, диэмэ даҕаны. Олох сиэри гынар. Киэһэ ахтан бөҕө кэлэр.
— Ньяшка! Сып-сылаадкай дии кини! Мип-минньигэс сыттаах. Сардааноо, былырыын бу киһи кэлиэ диэн санааҕа да суох буоллаҕа дии…
— Этимэ даҕаны, – эдэр ийэ дьоллоохтук күлэр. Кини оҕотун кэтэҕиттэн сыллыыр уонна хараҕын симэр. Санаабыта дуо, бу сыл устата олоҕо тосту уларыйыан? Сороҕор дьиҥнээх дьол аттыгар сылдьарын өйдөөн көрбөккүн эбээт.
Сардаана дьүөгэтин диэки махтаммыттыы көрөн кэбиһэр.
— Ириитиккэ, эйиэхэ махталым улахан. Эн баар буолан, барыта үчүгэйдик сатаммыта.
— Өйдүүгүн, бастаан сирэн мырдыҥнаабыккын, һа-һа!
— Санатыма, бээ! Ыарахан этэ ээ, уол диэҥҥэ чугаһаабакка сылдьан баран, эмискэ баҕайы… Хата, Гришам өйдүүр, таптыыр буолан…
— Хата, куһаҕан үчүгэйдээх диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Эн олоҕуҥ табыллыбытыттан мин оолус үөрэбин. Баҕар, миэнэ эмиэ табыллыа дии!..
Кыргыттар күлсэн тоҕо бараллар. Арчын диэн сахалыы ааттаммыт уол онтон соһуйан, ытаан эһинньэхтиир. Эдэр ийэ оҕотун бигээн уоскутан, эмиийдэтэн киирэн барар.
Аан аһыллар. Таһырдьаттан үрдүк уҥуохтаах, хара бараан синньигэс сирэйдээх, халыҥ камуфляж сонноох уол киирэн, саҥата суох кинилэри көрөн турар. Кини хараҕар таптал, дьол уота умайар. Сардаана төбөтүн өндөтөн кинини таба көрөр, сирэйэ сырдаан ылар.
– Оо, паапабыт кэллэ! Арчын, көр, паапа кэллэ!..
Ангелина ВАСИЛЬЕВА-Дайыына