Тыыннаах сибэкки – ханнык баҕарар бырааһынньык сүрүн кэрэһитэ. Атыыласпыт сибэккибит өр тыыннаах турарын туһугар хас биирдии сибэкки төһө эргэтин эбэтэр чэбдик туруктааҕын уонна харайар усулуобуйаны учуоттуурга сүбэлииллэр.
Чэбдик көрүҥнээх сибэккини хайдах талабыт?
Сибэкки атыылаһаргар болҕомтоҕун сибэкки умнаһыгар уур, умнас олус куурбут-хаппыт буолуо суохтаах. Сибэккини, чуолаан розаны, атыылаһарга кини төһө эргэтин-саҥатын быһаарарга сибэкки «ырбаахылааҕын» эбэтэр «ырбаахытын лииһэ» баарын-суоҕун көрүөххэ сөп (баара ордук). «Ырбаахыта» диэн аллараа өттүгэр арыый суон уонна куруубай эминньэҕэ. Атыыһыттар роза үчүгэй көрүҥнэнэригэр ардыгар эминньэҕин быһан ылан быраҕан кэбиһэллэр. Онон, «ырбаахыта» суоҕа сибэкки сибиэһэйин чуо-бааччы быһаарбат.
Сибэкки дьөрбөтө төһө арыллыбыта — эмиэ биир көрдөрүү. Кыратык сэгэччи аһыллыбыт тыыннаах сибэккини талар ордук. Онтон бүтүннүү аһыллыбыт сибэкки дьөрбөтө, төһө да кэрэтик көстөрүн иһин, кини өр турар болдьоҕо биллэ кылгас.
Сибэкки төһө имигэһэ кини төһө сибиэһэйин көрдөрөр. Өскөтүн сибэкки эминньэҕин сэрэнэн тиэрэ тутан баран ыыттахха, түргэнник урукку быһыытыгар-таһаатыгар төннөр. Онтон олус сибиэһэйэ суох сибэкки эминньэхтэрэ мөлтөх, кэхтибит, кыратык хаппыт буолаллар. Итинник сибэкки эминньэҕэ урукку быһыытыгар төннөрө ыарахан уонна кыратык да таарыйдаххына тооронон түһэр.
Аны сибэкки дьөрбөтүгэр ханнык да оҥоһуу киэргэл суоҕа эмиэ кини хаачыстыбатын биллэрэр. Тоҕо диэтэххэ, сибиэһэй сибэкки бэйэтинэн кэрэ, онон сибэккини, эн көрдөспөтөххүнэ, эбии киэргэтиигэ наадыйбат. Өскөтүн эн көрдөспөтөҕүҥ үрдүнэн, сибэкки кылабачыгас суунан байбарыламмыт эбэтэр атын киэргэллэринэн симэммит буоллаҕына, атыылаһааччы сибэкки туругун көрбөтүн курдук, аралдьытыы буолуон сөп. Биллэн турар, бу көрдөбүллэр, сакаастаан аҕалтарар сибэккигэр сыһыана суох буолуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, син биир суулаан, киэргэтэн ыыталлара — сиэрбис биир көрүҥэ.
Хайдах өр харайабыт?
Тыыннаах сибэккини өр туруорарга бэрэбиэркэлэммит ньыма -– тута уулаах вазаҕа угуу. Онуоха дьиэ сылааһа-тымныыта эмискэ уларыйа туруо суохтаах.
Сибэккини тымныы күҥҥэ атыыластаххына, дьиэҕэ киллэрэ охсорго ыксаама -– кылгас кэмҥэ арыый сөрүүн сиргэ тута түс. Ону таһынан айанныыр да кэмҥэр сибэккигин тыалтан, тымныыттан харыстаан сабыылаах буоларыгар кыһалын. Сибэккини вазаҕа ууруоҥ иннинэ умнастарын көр. Быраабыла курдук, атыыһыт умнастары тэҥнии быһар. Ол да буоллар, сибэкки сииги өр тутарын туһугар, дьиэҕэ кэлэн умнаһын эмиэ лаппыйа түһэриҥ сөп. Сымнаҕас, суон умнастаах сибэккини иҥнэри быһар ордук: сибэкки умнаһа төһөнөн суон да, быһыллыбыт сирэ уһун буолуохтаах. Маска маарынныыр, кытаанах умнастаах үүнээйилэр эбии көрүүнү эрэйэллэр: умнаһын тоһутуохха эбэтэр быһыахха, онтон уһугун быһаҕынан хайытыахха наада. Аллараа сэбирдэхтэрин эмиэ ылан бырах. Алларааҥҥы сэбирдэхтэр ууга сытан түргэнник сытыйаллар, куһаҕан сыты таһаараллар уонна сытытар бахтыарыйалары үөскэтэллэр.
Хас биирдии сибэкки кимниин ыаллаһара эмиэ суолталаах. Ол эбэтэр биир вазаҕа нарциһы уонна лилияны, гвоздиканы уонна розаны, лаандыһы уонна тюльпаны угуллубат. Кымаах саахар розалар, тюльпаннар уонна гвоздикалар өр туралларыгар көмөлөһөр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыска — souzcvettorg.ru