Тыыннаах поэзия Леонид Попов хоһоонун холобуругар

18.12.2018
Бөлөххө киир:

 Мирнэй куоракка “Алмазное перо” литературнай түмсүүгэ Оһуохай Уола, Күлүмүрэ, Хаҥыл Хара, Этигэ Ыра уо.д.а. дьоҕурдаах хоһоонньуттар бааллар.  «Алмазное перо» “Кимберлит” түмсүү салҕааччыта эрээри, сахалыы тыллаах хоһоонньуттардыын күүскэ үлэлииринэн уратылаах. Манна  дьарыктаммыт, литература киэҥ эйгэтигэр сонун суолунан айаннаан иһэр Сабрина Григорьева саха норуодунай суруйааччыта Леонид Попов биир хоһоонун ырыппытын билсиэҕиҥ. 

edersaas.ru
Сабрина Григорьева билигин Пекиҥҥэ олорор, тылбаасчытынан үлэлиир.

“Хоһоон уус-уран сыаннаһынан хоһоон формата буолар” диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ олохсуйбут сыыһа өйдөбүл баар. Төһө да айымньы  чиҥ-чаҥ тэтимнээҕин, баай-талым тыллааҕын-өстөөҕүн, чаҕылхай уобарастардааҕын иһин, поэзия буолбакка, үчүгэй хоһоон эрэ буолуон эмиэ сөп.

Ханнык да үрдүк маастарыстыба дьиҥ поэзияны айбат, дьиҥ поэзия – айыы кыыма, ханнык да халыыпка киирбэт айымньы. Ол да иһин, улуу Белинскэй: “Поэзия и стихотворчество две совершенно разные вещи”, — диэн эппитэ. Оччотугар дьиҥ поэзия диэн тугуй? Бу ыйытыыга чопчу холобурунан хоруйу биэрэргэ холонуоҕуҥ.
Леонид Попов лирическэй нэһилиэстибэтигэр история кэрдиис кэмнэрин, үйэ баһырхай хардыытын, идеяларын, олорон ааспыт улуу дьону хоһуйар, публистическай тыынынан илгийэр, күн бүгүҥҥэ диэри дьон-сэргэ кутун тутар хоһоооннор үгүстэр. Ол эрээри, “кини айбыт хоһоонноруттан саамай сөбүлүүргүтүн этиҥ эрэ” диир буоллар, киһи үксэ саарбаҕа суох “Илиибэр эн илииҥ баар курдук” диэн 1944 сыллаааххха суруллубут лирическэй хоһоону талыа этэ.
Хоһоон ураты дьикти музыка буолан кутуллар тиэкистээх. Дорҕооннор да, тэтим да хоһоон синтаксическай-интонационнай тутулун кытта холбостохторуна, хоһоон поэтическай эйгэтэ үөскүүр. Поэтическай эйгэ, бастатан туран, хоһоон мелодиката. Бу хоһоон уйаҕас мелодиятын уһун аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ биэрэллэр. Поэтическай эйгэни хоһоон тэтимэ быһаарар. Тэтим “хонуутугар” дорҕооннор дьүрүһүйэр музыканан кутуллаллар. Ордук күүскэ дорҕоон рифмаҕа дьүрүһүйэр, ордук суолталанар.
Маҥнайгы строкаҕа уһун аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһэннэр, хоһоон ураты музыкальнай строканан саҕаланар. “Долгуннуур күөхтэрдээх” эпитет Саха сирин хампа күөхтээх сайынын бары мандар-кэрэ кырааскатынан баай хартыынаны айар. Силигилии сиппит мутукча, сиэдэрэй сибэккилэр, сыһыы долгулдьуйар ото хараххар көстөн кэлэллэр, дыргыйар минньигэс сытынан абылыыллар. “Сай ааһан” диэн тыл ситимэ сырдык курус матыыпка ааҕааччыны хара бастакыттан киллэрэр.


Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин?
Бу строка, маҥнай көрдөххө, күннээҕи туттуллар “прозаичнай” этии курдук. Ол эрээри, бу олус поэтическай строка. Уйан, сылаас иэйиини уһугуннарарынан. Ол иэйии ордук ити строка кэнниттэн кэлэр строкаларга тоһоҕолоон бэриллэр – долгуйуу, сайыһыы, уйадыйыы, ып-ыраас, сып-сырдык, кэрэ үрдүк таптал сибикитэ сылаас сиккиэр буолан ил гынар.
Тоҕус сүһүөхтээх наҕыл ритм, дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ, аллитерация хоһоону киэргэтэллэр.
Аны хоһоон ис тутулун, хоһоон поэтическай эйгэтин уустук өрүтүн көрдөххө:

«Илиибэр эн илииҥ баар курдук
Сүрэхпэр – сүрэҕиҥ сылааһа». 

Хайдахтаах дириҥ иэйии, олох олоруу баай ис хоһооно бу строкаларга бэриллибитий!? Саха народнай поэта Семен Данилов, бука, бу строкалары: “Бу тыллар буолбатах – кубалар” – диэтэҕэ.

«Доҕоруом, миигинниин үллэстиэҥ
Дьоллоох дуу, сордоох дуу дьылҕабын.
Мин ааппар долгуйа эн истиэҥ
Сириини, хайҕалы, дьон хобун…”

Поэт айар эйгэтигэр бэйэтин иэйиитин эрэ хоһуйбат, кини бэйэтин айымньытыгар олох олорор, бэйэтин киһи, личность быһыытынан арыйар, кини олоххо тутуһар сыаннастара көстөллөр. Бу строкаларга поэт олоххо моральнай, этическэй, сиэрдээх сыһыанынан ааҕааччыны умсугутар эрэ буолбатах, толкуйдатар, олоххо мындырдык, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга үөрэтэр.

«Ардыгар санааргыам, санньыйыам –
Мунчаарбыт сүрэхпин үөрдүөҥ дуо?
Ыраммын санныгар тайаныам –
Ыараабыт илиибин уйуоҥ дуо?»

Бу ыйытыылар кииннэригэр – суобас, сиэр-майгы, үрдүк, кэрэ өйдөбүллэр ситимнэрэ. Бу Леонид Попов поэзиятын биир сүрүн тиэмэтэ. Хоһооҥҥо поэт өйө-санаата, иэйиитэ тыыннаах тырым тыл буолан, туналҕан кубалыы сапсынар, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа дайа көтөр. Ону таһынан поэт айар энергетикатын сүдү күүһэ ааҕааччыны абылыыр, хоһоон ураты уйаҕас, нарын, сырдык мелодиката умсугутар. Поэт киһи быһыытынан ырааһа, Киһи Киһилиитинэн, Киһи Кэрэтинэн киэн туттууну үөскэтэр, олоххо дириҥ, дьоһуннаах, сиэрдээх сыһыаҥҥа үөрэтэр.
Бу хоһоонунан холобурдаан көрдөххө, поэзия орто дойду олоҕун эриэккэс, уйан кылларын таарыйан, дьон Үтүөҕэ, Үйэлээххэ, Дьиҥҥэ тардыһыыларын күүһүрдэр, санааларын кынаттыыр, сарсыҥҥынан угуйар, дьол сардаҥатынан умсугутар. Олоххо, дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа тускуллуур.
Хайдахтаах курдук күүстээҕий, киэҥ эйгэлээҕий дьиҥ тыл искусствота – тыыннаах Поэзия!

ИЛИИБЭР ЭН ИЛИИҤ БААР КУРДУК
Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан,
Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин?
Ыраатар бэйэҕин сайыһан,
Ытаата мин уйан сүрэҕим.

Илиибэр зн илииҥ баар курдук,
Сүрэхпэр — сүрэҕиҥ сылааһа.
Өрүүтүн биллиэхтин бу курдук
Үйэлээх тапталыҥ былааһа.

Доҕоруом, миигинниин үллэстиэҥ
Дьоллоох дуу, сордоох дуу дьылҕабын.
Мин ааппар долгуйа эн истиэҥ
Сириини, хайҕалы, дьон хобун…

Ардыгар санаарҕыам, санньыйыам,
Мунчаарбыт сүрэхпин үөрдүөҥ дуо?
Ыраммын, санныгар тайаныам,
Ыараабыт илиибин уйуоҥ дуо?

Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан,
Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин?
— Ыраатар бэйэҕин сайыһан,
Ытаата мин уйан сүрэҕим!

ххх

Мин бу ырыаны аан бастаан оҕо сылдьан балыыһаҕа сытан истибиппин күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппын. Балыыһаҕа оҕо уонна улахан киһи отделениета диэн суоҕа. Ыарыһахтары барыларын биир балаатаҕа сытыараллара.
Мин аттыбар кыра оҕолоох (биирдээх эрэ  быһылааҕа) эдэркээн ийэ сыппыта. Кини киэһээ аайы оҕотун бу ырыанан биһиктээн утутара. Бэйэтэ да наһаа нарын, лирическэй куоластааҕа, сибигинэйэн кэриэтэ ыллыыра. Кэргэнэ авиатор эбит этэ. Билигин санаатахха, ийэ барахсан тапталлаах кэргэнигэр да анаан ыллаабыт буолуон сөп эбит.

Ити түгэнтэн ыла Леонид Попов бу тылларыгар  ырыатын  иһиттэхпинэ, мин куруук оҕо сааспар төннөн ылабын. Дьиҥнээх поэзия, ырыа буолбут хоһоон диэн итинник уһун үйэлээх буолар эбит (1944 с. суруллубут хоһоон!).

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0