— Уончалаахпар Элиэнэ эбэ саас угуттаан аҕай турдаҕына, дойдубар Намҥа кэлээри, тыынан эбэбитин туораабыппыт кутталлаах да айан этэ, — диэн Саанньа эбээ кэпсээнин саҕалыыр.
— Ийэбит сэрии саҕаланыыта ыалдьан олохтон туораабытын кэннэ, аҕабыт хараҕынан көрбөт буолан хаалбыта. Тоҕуһуттан кыра үс оҕолорун кытта бэйэтэ туран хаалбыта. Үс оҕону кыайан иитэр кыаҕа суох буолан, миигин сэттэ саастаахпар атын улууска олорор балтыгар ииттэрэ, үөрэттэрэ ыыппыта. Онно хаһан да харахтаан көрбөтөх дьоммор тиийэн баран, дьоммун ахтан аҥарым эрэ буолара.
— Биирдэ чугас дэриэбинэ киһитэ Кууһума сэттэлээх уолунуун мин дойдубар, аймахтарыгар дьаарбайа, билсэ барар буолбутун истэммин, көрдөһөммүн, илдьэ барыах буолбутуттан олус үөрбүтүм. Эппит күнүгэр кыра өйүө сыыһа ылынан алааспыттан Кууһумалаахха балтараа көс сири өр гыммакка бэйэм тиийбитим. Сарсыҥҥытыгар Кууһума аҕыстаах уолунаан үһүөн, халыҥ систэри, алаастары туораталаан омоох суолунан биэс көс курдук сири сатыы хааман өрүс чугаһынааҕы дэриэбинэҕэ тиийбиппит.
Айылҕа барахсан хамсыы-хамсыы тыллан, көҕөрөн, сыттыын-сымардыын дыргыйан турар кэмэ этэ. Ойуурга кэҕэ этэрэ, чыычаах ырыата – барыта муусука курдук иһиллэрэ. Үөрэ-көтө айаннаан, сылайбыппын да өйдөөбөппүн.
Дэриэбинэҕэ биир ыалга хонон баран, Кууһума кимтэн эрэ тыы уларсан, үһүөн биэрэккэ киирбиппит. Өрүспүт мэндээрэн, кытылыттан дьалкыҥнаан, арыы талахтар ууттан быган эрэ көстөллөрө.
Биһиги тыыга киирэн олордубут. Кууһума уолун тыы тумсун диэки олбоххо олорто. Миигин тыы кэлин өртүгэр олорто уонна: “Маннык тутан, сүүрүгү көрөн куормалаар”, — диэн кыра эрдии курдугу туттаран кэбистэ. Бэйэтэ тыы ортотугар олорон эрдэн барда. Санаабытыгар, кытыыттан балайда тэйбиппитин кэннэ, тыыбытыгар уу киирэн кылдьыгыраата. Кууһума тута, уу ылбыт талахтарыгар тиийэн, тутуһан олорон, бааҥканан тыыга киирбит ууну баста уонна тугунан эрэ уу киирэр сирин бүөлүү сатаата. “Уу киирдэҕинэ, бу бааҥканан баһан иһээр”, — диэн миигин соруйда. Эмиэ эрдинэн баран истибит. Тыыбытыгар бастаан уу кыратык, онтон улам эбиллэн истэ. Сэрэнэн тыыны хамсаппакка, бааҥкабынан баһа сатыыбын да, уубут элбээн барда. Хата, эмиэ чугас соҕус талах баарыгар тиийэн тутуһан, Кууһума ууну баста уонна эмиэ уу киирэр сирин бүөлээтэ.
Онтон талахтаах сирбит бүтэн, киэҥҥэ киирдибит. Ол курдук балайда эрдинэн, айаннаан баран Кууһума: “Эбэбит кыра үөһүн туораатыбыт, аны улахан үөскэ киирэбит”, — диэтэ. Кини холку курдук, ол иһин мин улаханнык куттаммаппын, эрэллээх курдукпун. Улахан үөскэ киирбиппитигэр, өрүспүт долгуна күүһүрэн, уута хараарыҥнаан, мин кэнники олорор киһиэхэ, тыыбыт иитинэн дьалкылдьыйар. Кыратык да дьигиҥнээтэххэ тыыга уу киириэх айылаах, долгуна күүгэннирэн, бырдаҥалаан ылаттыыр. Долгун үллэҥниириттэн, уу эрилийэриттэн куттанаары гыннахпына, тыы төбөтүн диэки, ууттан арыый өндөс олорор Сеняны көрөн, уоскуйбут курдук буолабын. Уу тыы түгэҕинэн быыһылаан киирэрэ эбилиннэҕинэ, сэрэнэн бааҥканан баһабын, хата, наһаалаабата, ол быыһыгар куормалаабыта буолабын.
Үөс ортотун диэки долгуна өссө күүһүрэн, биһигини үөһэ-аллара түһэртээн барбытыгар, Кууһума ыксаата быһыылаах, аргыый ботугураан барда: “Эбэбит барахсан, оҕолор дьоллорун туһугар көмүс, талаһаҕын ууран кулу! Күн буол! Ый буол! – диэмэхтээтэ. Мин: “Кууһума куттанна”, — дии санаат, этим дьырылаан ылла. Ол да буоллар, куттаммыппын биллэрбэккэ, холкутуйа сатыыбын. Кытыл син көһүннэ да, баҕалаах биэрэкпит билигин да ыраах.
Онтон арай эмискэ, хантан эрэ көтөн кэлэн үрдүбүтүгэр чыычаахтар чыбыгырастылар. Ол чыбыгыраһалларын кытта, мин хайдах эрэ чэпчии түстүм, тоҕо эрэ дьэ быыһанар дьон буоллубут, — дии санаатым. Тыыны хамсатыам диэн, үөһэ хантайан көрбөтүм.
Күммүт киириитэ, биэрэккэ дьэ чугаһаан кэллибит. Күн киирэн, үрдүк да үрдүк биэрэк күлүгэ ууга түһэн, барыта барыаран, хараҥаран, чуумпуран хаалла. Хайа курдук туруору биэрэк чугаһаатахпытына, үрдүбүтүгэр сууллан түһүөх айылаах сабырыйар.
Сүүрүккэ да оҕустардахпыт буолуо, кытылы кыйа балайда бардыбыт. Онтон дьэ арыый тыы тохтуох айылаах сырыынньа соҕус сир кэлэн, тохтоотубут. Тыыбытыгар уу киирэрэ сыыйа дэлби эбиллэн, олорор сирим, ырбаахым сыыһа, барыта уу буолан чоккураан, туран кэллим. Кууһума дьэ “һуу” буоллар да, сылайдаҕа аҕай, оччо тугу да саҥарбат. Тыыны үөһэ тардан, иҥиннэрэн кэбистэ.
Онтон кэлин санаатахха, сахсайбыт тыынан айаннааммыт иэдэйэ сыспыт эбиппит. Онтон дьэ эбэ кытылыттан үс, түөрт биэрэстэни хааман, дэриэбинэбитигэр букатын түүн тиийбиппит.
Дэриэбинэҕэ аҕам аах олорор балаҕаннарын булан, аһаабакка даҕаны, ыарыһах аҕам сылаас хоонньугар киирэн, миигиттэн ордук дьоллоох киһи суоҕун курдук сананан, аҕам барахсаны кууһуохпунан кууһан баран, утуйан хаалбытым. Күһүөрү үөрэнэр сирбэр төннүбүтүм. Ол аҕабын бүтэһик көрсүһүүм эбит этэ. Кыһын ыарыыта бэргээн, орто дойдуттан бараахтаабытын туһунан кэпсээбиттэрэ. Аҕабын аһыйан ытаабытым да этэ.