Тыын суолталаах эмп-том сыаната хонтуруолланар

Бөлөххө киир:

«Дьокуускай куорат аптекаларыгар сыана сиэри таһынан араастаһар. Уопсайынан, эмп-том сыаната хонтуруолланар уонна бэрээдэктэнэр дуо?», – диэн СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин отчуоттуур мунньаҕар куорат олохтооҕо Людмила Герасимовна чопчуласта.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Бүгүн туһааннаах кэмитиэт нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттуур мунньаҕар балачча киһи муһунна. Мустубут дьон тарыып олохтонуутун, коммунальнай төлөбүр, ас-үөл сыанатын тула араас хабааннаах ыйытыылары биэрдилэр. Ол курдук эмп сыанатыгар туһаайан, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Галина Служаева тыын суолталаах эмтэри, итиэннэ муниципальнай эрэ буолбакка, коммерческай аптекалары эмиэ хонтуруолга ылалларын туһунан эттэ. «Өскөтүн сыананы аһара үрдэппиттэр дии санаатаххытына, тута биһиэхэ биллэриэххитин сөп», – диэн эбэн эттэ.

Бүгүҥҥү туругунан Россияҕа тыын суолталаах эмп-том испииһэгэр 5000 кэриҥэ көрүҥ киирэ сылдьар. «Эмкэ уонна медицинскэй аналлаах оҥоһукка атыы-эргиэн муҥутуур эбилигин бигэргэтии туһунан» докумуонугар олоҕуран, тыын суолталаах эмтэри кууһунан уонна биирдиилээн атыылааччылар атыы-эргиэн эбилигин муҥутуур таһымын учуоттаммыт сыанатынан батарар эбээһинэстээхтэр. Онно олоҕуран өрөспүүбүлүкэҕэ үс зона тыырыллан, атыы-эргиэн эбилигэ тус туһунан бигэргэнэр. Бастакы зонаҕа Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар сирдэрэ-уоттара киирэллэр. Иккис зонаҕа бастакы уонна үһүс зоналарга киирбэтэх сир-уот хабыллар. Үһүс зонаҕа: Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Аллараа Халыма, Кэбээйи, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустара киирэллэр.

Билигин хас биирдии улууска сыана исписэлиистэрэ сыананы хонтуруоллуур эмиэ толору бырааптаахтар. Онон сокуону кэһээччилэр ыстарааптаныахтара. Ыстараап кээмэйэ кырата суох. Дуоһунастаах сирэйдэргэ – 50 тыһ.солк., тэрилтэлэргэ – 100 тыһ.солк.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0