Ньурба биир нэһилиэгэр дэриэбинэттэн хас да көстөөх сиргэ Көппөхтөөх диэн сир баар. Бу сиргэ маннык түбэлтэ буолбуттаах.
60-с сыллардаахха 50-лаах Баһылай уонна эдэрчи Өлөксөй диэн дьоннор Көппөхтөөххө сылгыһыттыы барыахтаах этилэр. Баһылай бу сири абааһылаах диэн кэпсэтэллэрин истэр этэ, оттон Өлөксөй – билбэтэ. Баһылай бараары сылдьан дэлби арыгылаан охтон хаалар, Өлөксөй буоллаҕына, орто холуочук соҕотоҕун барарыгар тиийэр.
Дэриэбинэттэн күнүс араҕан баран, тиийиэхтээх сиригэр түүн кэлэр. Онно тиийэн атын маска баайар уонна эргэ балаҕаҥҥа киирэр. Киирэн оһох оттор уонна аара өлөрбүт куобаҕын сүлэн буһарар. Кини дэриэбинэ үрдүнэн биллибит икки ытырыык ыттардааҕа. Бу ыттар эмискэ, туох эрэ куһаҕаны билбит курдук тохтоло суох ыйылаан, иччилэригэр сыстаҥнаан бараллар. Өлөксөй ыттарыттан аһара дьиктиргиир уонна куттана саныыр. Бу кэмҥэ таһырдьаттан 4-5 саастаах оҕо сүүрэн киирэр. Көрдөҕүнэ, оҕо таҥаһа отой баранан бүппүт, ып-ырыган. Оҕо кимиэхэ эрэ хайыһан туран саҥарбыт: “Һэ, бу киһи күөс өрүммүт. Көрүүй бу!” – диир. Онуоха били Өлөксөйбүт олус диэн куттанар. Ити ыккардыгар күөһүн диэки көрөн баран эргиллибитэ, уола сүтэн хаалар.
Уоскуйа таарыйа, хаҥас турар наараҕа сытынан кэбиһэр. Төбөтүгэр биир ытын, атаҕар атын ытын сытыарар. Саҥардыы уоскуйан утуйан эрдэҕинэ, балаҕан аана аһыллар тыаһа иһиллэр. Ыттара эмиэ ыйыласпытынан бараллар. Өлөксөй куттанан, үрдүгэр быраҕыммыт сонун иһигэр, мэктиэтигэр, тыыммакка сытар. Бу кэмҥэ киһи хаамар тыаһа, наараҕа чугаһаан кэлэрэ олус чуолкайдык иһиллэр. Өлөксөй, ыттарын үрээйэллэр ханнык диэн, биирин кымаахтаан, атынын тэбиэлээн көрөр да, хайалара да иччилэрин курдук, тыыммакка даҕаны сыталлар. Сарыы этэрбэс буорга хаамар тыаһа улам чугаһаан кэлэр, уонна санаатыгар, Өлөксөй аттыгар киһи олорор сибикитэ биллэр. Били олорбут «киһитэ» тохтуу түһэн баран этэр: “Эн биһигиттэн олус диэн куттанныҥ быһыылаах. Биһиги дьоҥҥо туох да куһаҕаны оҥорооччубут суох. Аны биирдэ кэлэ сылдьыам уонна эйигин тыытыам суоҕа”, – диир. Итинник этээт, аа-дьуо тахсан барар.
“Хаамыытынан сабаҕалаатахха, 70-лаах оҕонньор быһыылаах этэ”, – диэн кэлин Өлөксөй кэпсиирэ.
Кини өр да өр сытан баран, утуйан хаалар. Сарсыарда туран, саҥа түспүт хаарга көрбүтэ, кыра оҕо атаҕын суола уонна этэрбэс суоллара бааллара. Ата буоллаҕына, сөллөн баран хаалбыт. Кутталыттан, атын да көрдүү барбакка, дэриэбинэтин диэки ойор. Ол иһэн Баһылайын көрсө түһэр уонна барытын тоҕо-хоро кэпсээн биэрэр.
Кэлин истибитэ, бу балаҕаҥҥа, аччык дьыллар кэмнэригэр, оҕонньор уонна сиэнэ аччыктаан өлбүттэр. Бу быһылаан дьиҥ-чахчы буолбута үһү диэн кэпсииллэрэ. Баҕар, буолуо ээ!..
«Эдэр саас» хаһыат архыыбыттан.