ХАРАҤА ХОС: Түһүүр да араастаах

Бөлөххө киир:

Атаһым Маппый туһунан суруйаары гынабын. Биһиги аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыппыт. Сулууспабыт бүтүүтэ 18 саллааты хомуйан, «Дембельский аккорд» диэн тутуу биригээдэтин оҥорбуттара. Гараас туппуппут. Гарааспытын бүтэрэрбит чугаһаан, бары турунан туран үлэлээбиппит.

Биир сарсыарда атаһым кэлэн: «Бүгүн үлэлии тахсыма, уопсайынан, ханна да барбакка хаһаарынаҕа хаал», — диэбитэ. Мин соһуйан: «Тоҕо?» — диэн ыйыппыппар, киһим: «Дьэ, доҕоор, куһаҕан түүлү көрдүм. Түһээтэхпинэ, эн төбөҕүн ким эрэ хайа охсубут. Барыта хаан буолан баран сылдьаҕын. Нэһиилэ тохтоттубут», — диир. Ону мин: «Оо, бу да киһи, ону-маны түһээбитэ буолаҥҥын», — диэтим. Уолум: «Дойдубар сылдьан, араас куһаҕаны түһээтэхпинэ, оннук буолар этэ», — диир. Инньэ гынан, тылыгар киллэрэн, эбиэккэ диэри хаһаарымаҕа таах сыттым. Эбиэт кэннэ тэһийбэккэ үлэлиир сирбитигэр тиийэн көрбүтэ буола, дьээбэлэнэ эҥин сырыттым. Дьэ, ол сылдьан күрэхтэһии буолла. Үөһэ турааччылар түргэттэр дуу, алларалар дуу диэн. Мин таах туруохтааҕар аллара турааччыларга көмө буоллум. Дьэ, ол үлэлии-хамсыы сырыттахпына, эмискэ төбөм «ньир» гына түстэ, түҥ-таҥ, ирим-дьирим буолла, төбөбүттэн туох эрэ сылаас саккыраан эрэрэ. Дьон саҥата оргууй аҕай сүтэн хаалла. Санчаас чугас буолан, уолаттарым көтөҕөн начаас аҕалбыттар. Өйдөнөн кэлбитим, төбөм барыта биинтэ буолбут. Аттыбар Маппый кэлэн турар эбит. «Дьэ маны түһээн көрбүт эбиппин», — диэн буолла. Хайыахпытый, күлсэн ылбыта буоллубут.

Ол кэнниттэн сулууспалаан бүтэн, дойдубутугар кэллибит. Мин бастаан атаһым дойдутугар сылдьан баран, киһибин бэйэм дойдубар күүлэйдэтэ аҕаллым. Айаннаан киэһэ тиийдибит. Аһаан-сиэн баран утуйан хааллыбыт. Сарсыарда аһыы олорон, ыалдьытым аҕабыттан ыйытар: «Манна чугас эмээхсин дуу, саастаах дьахтар дуу олорор дуо?» — диэн. «Олороллор», — диир аҕам. Ыалдьыппыт: «Арааһа, эмээхсин куһаҕан буолла быһыылаах», — диэн соһутта. Дьиэ иһэ уу-чуумпу буолан хаалла. Ол олордохпутуна, ыалбыт уол аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн киирдэ. «Ийэм эрэйдээх бараахтаата», — диэхтээтэ. Бары соһуйан ыалдьыппыт диэки көрө түстүбүт. Дьэ оннук…

“Иччилээх кэпсээннэр” батсаап бөлөхтөн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0