“Баунти” рулет
Биһиэхэ наада: 150 г ынах арыыта, 200 г бэчиэнньэ, 100 г уу, саахар, кокос бытархайа.
Хайдах бэлэмниибит: ынах арыытын сахары кытта уокка уулларабыт. Бэчиэнньэни бытарытан кутабыт. Наһаа хойуу буоллаҕына, уунан убатабыт. Сөрүүн сиргэ ууран сойутабыт. Сойбутун кэнниттэн, тэнитэн баран, рулеттыы эрийэбит. Үрдүгэр кокос бытархайын таммалатабыт.
“Сып-сап” рулет
Биһиэхэ наада: 200 г бэчиэнньэ, 100 мл уу, 100 г ынах арыыта, 4 остолобуой ньуоска сгущенка, 50 г саахар, кокос бытархайа.
Хайдах бэлэмниибит: бэчиэнньэни бытарытабыт, онтон какаоны уонна ууну кутабыт, тиэстэни бэлэмниибит.
Аны кириэми оҥоробут. Ынах арыытын уулларабыт, кокос бытархайын, сгущенканы, саахары кутан булкуйабыт. Тиэстэни тэнитэбит, үрдүгэр кириэми кутан тарҕатабыт. Рулеттыы эрийэбит, 30-40 мүнүүтэ холодильникка туруорабыт.
“Үбүлүөй” дэсиэрт
Биһиэхэ наада: 400 г “Юбилейное” бэчиэнньэ, 400 г иэдьэгэй, 3 остолобуой ньуоска саахар, 1 банаан, 2 остолобуой ньуоска сүөгэй, 50 г сакалаат.
Хайдах бэлэмниибит: духуопка лииһин салапаанынан бүрүйэбит уонна үрдүгэр бэчиэнньэни тэлгэтэбит. Дириҥ соҕус түгэхтээх миискэҕэ иэдьэгэйи, саахары, сүөгэйи кутан булкуйабыт, үрдүгэр бэчиэнньэ уурабыт. Банааны кыра гына бысталаан баран, үрдүгэр чөмөхтүү уурабыт. Барытын салапааныттан тутан рулеттыы эрийэбит, уһун тэриэлкэҕэ көһөрөбүт. Үрдүгэр сүөгэй кутабыт уонна сакалааты таммалатабыт.
Тымныы туорт
Биһиэхэ наада: 500 г бирээнньик, 500 г сүөгэй, 2 банаан, 100 г сахаар пуударата, 1 ыстакаан эриэхэ, мас арыыта.
Хайдах бэлэмниибит: саахар пуударатын сүөгэйи кытта булкуйабыт. Бирээнньиги уонна банааны чараастык быһан кутабыт. Эриэхэни бытарытан, арыылаах хобордооххо ыһаарылыыбыт. Дириҥ соҕус иһити ас пленкатынан бүрүйэбит. Бастаан бирээнньиги, онтон икки хаттыгас банааны үрүт-үөһэ ууран иһэбит. Икки ардыларын эриэхэнэн сыбыыбыт. Суукка аҥаара холодильникка угабыт. Бэлэм буолтун кэнниттэн, бодунуоска эргитэн уурабыт. Үрдүн араастаан киэргэтиэххэ сөп.