Тымныы уунан эмтэниҥ

25.01.2017
Бөлөххө киир:

Муустаах ууну  куттуу эбэтэр ойбоҥҥо сөтүөлээһин доруобуйаны бөҕөргөтүү биир судургу уонна тоҕоостоох ньыматынан биллэр. Доруобуйатын көрүнэр, харыстанар киһи айылҕаны кытары алтыһа таарыйа тымныы ууну атас-доҕор оҥосторо туох да буортута суоҕун эмчиттэр да, учуонайдар да быһааран тураллар. Онуоха эти-хааны эрчийии тулхадыйбат быраабылаларын билиэххэ, эмчиттэри кытары сүбэлэһиэххэ уонна баҕа санааны хорсуннук олоххо киллэриэххэ эрэ наада эбит.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 Тымныы ууну куттуу, сөтүөлээһин организмҥа хайдах дьайарый?

  1. Муустаах ууга төбөҕүнэн түһэргэр мэйииҥ киин ньиэрбэтэ уһуктар.
  2. Намыһах температура кылгас кэмҥэ дьайыытын организм олус үчүгэйдик ылынар: сүһүрбүт ыарыы, хаан туруута, бопторуу суох буолар.
  3. Тымныы уу организм  кистэнэ сытар күүстэрин босхолуур, эт-хаан температурата ууну кытары алтыһыы кэнниттэн 40 кыраадыска тиийэр, онуоха вирустар, микробтар уонна ыалдьар килиэккэлэр өлөллөр.

Ону таһынан, тымныы дьайыыта организмҥа абыраллаах стресс буолар. Тоҕо диэтэххэ, хаан бу кэмҥэ мэйиигин, сүрэххин уонна да атын уорганнаргын хааччыйа сүүрэр. Тымырдаргын тиһигин быспакка (нэдиэлэҕэ иккиттэн итэҕэһэ суох) эрчийдэххинэ, ыалдьыбыт тымырдар уонна кырачаан капиллярдар үлэлээн бараллар.

Ойбоҥҥо киирэн тахсыы кэнниттэн эт-хаан сылыйыыта организм уустук охсуһууга киирэн тахсыбытын туоһулуур. Эт-хаан сылыйан ыалдьар килиэккэлэр уларыйаллар, патогеннай микробтар өлөллөр. Организмҥар сылдьыбыт буортулаах барыта тирии нөҥүө паар буолан тахсан барар.

Сэрэхтээх буолуу мэһэйдээбэт

— Ойбон мас далаһалаах эбэтэр уу саамай кытыытыгар баар буолуохтаах.

— Ууга сөтүөлүүрү аа-дьуо саҕаланыллар. Тоҕо диэтэххэ, бэлэмэ суох ууга киирэн, тымныйыахха сөп.

— Ууга киирэргэ саамай табыгастаах кэм — сарсыарда.

— Кыратык да ыалдьыбыт эбэтэр уугутун хамматах буоллаххытына, сарсыҥҥыга көһөрөргүт ордук. Кыһыҥҥы сөтүөлээһин булгуччулаах эбээһинэс буолбакка, үөрүүнү-көтүүнү, астыныыны эрэ аҕалыахтаах.

— Араас быһылаан тахсыан сөп, онон аттыгар ким эрэ баар буоларыгар кыһалын. Сөтүөлүөх иннинэ уонна бүтэн баран, 15-20 мүнүүтэ түргэнник хаама түһэр туһалаах. Баҕалаах киһи сүүрүөн да сөп.

— Арыгыны уонна кыһыҥҥы сөтүөлээһини хаһан да  дьүөрэлээмэҥ. «Итирик киһиэхэ муора тобугунан» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Муустаах ууга аһара өр «мэниктээн»,  хомолтолоох түмүккэ кэлиэххэ сөп.

— Ууга бараргытыгар таҥаскыт чэпчэки, ол эрэн, тыалтан, хаһыҥтан харыстыыр сылаас буолуохтаах. Төһө кыалларынан тимэхтээх уонна хатыырдаах таҥастан босхолонуҥ. Тоҕо диэтэххэ, олус тымныыга сөтүөлээһин кэнниттэн тарбахтарыҥ тоҥоллор.

— Таҥаскытын устан баран куттанан уонна бытааран турбакка, быһаарыылаахтык сананан ууга киириҥ. Салгыҥҥа таҥаһа суох өр туруу организм тоҥорун күүһүрдэрин умнумаҥ.

— Ойбоҥҥо ыстанымаҥ, ууга аа-дьуо киириҥ, олус ыраах барымаҥ.

— Саҥа саҕалааччылары уонна дьахталлары ууга төбөлөрүнэн түспэттэригэр сүбэлииллэр. Баттахтарыгар муус чопчу тоҥон хаалыан сөп. Төбөҕүтүнэн түһэргэ санаммыт да буоллаххытына, сөтүөлүүргэ аналлаах бэргэһэни кэтиҥ.

— Тымныыга сөтүөлүүргэ бааннаҕа кэтэр таапачыкалары умнумаҥ. Мууска сыгынньах атаҕынан халтарыйыахха сөп. Тилэххитин эмиэ тоҥорумаҥ.

— Ууга түһэргитигэр айаххытын сабыахтааххыт, тиис тымныы ууну дэбигис билэр.

— Сөтүөлээн баран, тыалга турумаҥ. Сотторунан кураанах буолуохха диэри күүскэ куурдунуҥ. Баҕалаахтар таҥнан баран, кыра эрчиллиилэри оҥоруохтарын сөп. Итии чэйдээх тиэримэс хаһан да мэһэйдээбэт.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1