Сыл аайы Кириһиэнньэ күн, омуннаан эттэххэ, турар-турбат бары тымныы ууга умсаахтаан ыларга дьулуһар. Онно хас биирдии киһи бэйэтэ туох эрэ ураты санаалаах, көрүүлээх. Бүгүн Дьокуускай к. 1 №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтиигэ отделениетын сэбиэдиссэйэ Ефросинья Дьячковская тымныы ууга сөтүөлээһин содулларын билиһиннэрэр.
– Кириhиэнньэ күн сөтүөлээһин кэнники кэмнэ тэнийэн эрэр. Сахабыт сирин курдук тымныы кыһыннаах дойдуга эмискэ муустаах ууга сөтүөлээһин үөрүйэҕэ суох киһиэхэ туһалыахтааҕар охсуулаах буолар.
Арай, быраабыла быһыытынан, тымныы ууну 1-2 кыраадыс кыччатан, эти-хааны үөрэтэн баран уонна уруккуттан дьарыктаммыт, үөрүйэхтээх киһи эрэ сылдьара көҥүллэнэр. Өйүнэн-санаатынан эрэ буолбакка, доруобуйатын туругунан бэлэм эрэ киһи муустаах ууга киириэхтээх. Онтон хроническай ыарыылаах, сүрэх, хаан баттааһыннаах, табахтыыр, арыгылыыр дьон киирэллэрэ көҥүллэммэт. Таһырдьа -30-50 кыраадыс турдаҕына оҕону сөтүөлэтии улаатан эрэр оҕо доруобуйатыгар улахан охсуулаах.
Тоҕо диэтэххэ, тымныы уу, тоҥуу киһи организмыгар улахан стреһи үөскэтэр. Киһи эмискэ тымныы ууга киирдэҕинэ, тымыра барыта кыарыыр, оччоҕуна сурэх үлэтэ күүһүрэр .Ол иһин сүрэх, тымыр ыарыылаах киһи инфарктыан, инсуллуон сөп.
Тымныы ууну куттар, сөтүөлүүр дьону учуонайдар үөрэппитэриттэн көрдөххө, бу дьон сылга иккитэ-үстэ тымныйан ыалдьаллар. Кинилэр больничнайга сылдьар кэмнэрэ, атын дьоҥҥо холоотоххо, эмиэ уһун. Үтүөрбүттэрин да кэннэ сэниэтэ суох буолар кэмнэрэ уһаан биэрэр, түргэнник сылайаллар.
Ыарыыларын ырытан көрдөххө, бактериальнай ыарыыттан эрэйдэнэллэрэ элбэх эбит. Биэс сыл дьарыктаммыт дьон ортотугар герпетическэй инфекция элбээбит. Кыра да баастара өр оһор. Бу барыта ыарыыны утары охсуһар систиэмэлэрэ кэбириирин, мөлтүүрүн көрдөрөр.
Эр дьон, дьахтар муустаах ууга киирэллэрэ оҕо төрөтөр, үөскэтэр уорганнарыгар дьайар. Урологтар, андрологтар үөрэтиилэригэр олоҕуран эттэххэ, эр дьоннор ааһан-араҕан биэрбэт простатитынан ыалдьаллара элбиир. Бу барыта оҕото суох буолууга тиэрдиэн сөп.
Хроническай ыарыылаах (тына, сүрэх, бүөр) дьон ууга киириэх иннинэ бырааһы кытта сүбэлэһэн эрэ баран быһаарыныахтарын наада.
— Сөтүөлүү киирэр дьон эккитин-сииҥҥитин үөрэтэн, эрчийэн баран киириҥ.
— Сөтүөлүүр киhи атаҕын танаhа халтарыйбат, тоҥмот буолуохтаах.
— Тымныы ууга киириэх иннинэ сирэйгитин, илиигитин, түөскүтүн ууга үөрэтиҥ.
— Төбөҕүтүн муустаах ууга уга сатааман, ордук саастаах дьоҥҥо кутталлаах. Төбө тымыра эмискэ кыараан, киhи инсуллууон сөп.
— Ууга түргэнник киирэн тахсыы уhаабыта 20-30 сөкүүндэ эрэ буолуохтаах.
— Ууттан тахсан баран түргэнник эккитин кууруор диэри соттуҥ. Сылаастык таҥнан баран итии чэй иһэр ордук.
— Кириһиэнньэ күн сөтүөлээһин бэлэмнэммит эрэ сиргэ көҥүллэнэр. Быраастан эрдэ сүбэлэтэргитин умнумаҥ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru