Муустаах ууну төбөҕө куттуу эбэтэр ойбоҥҥо сөтүөлээһин — доруобуйаны бөҕөргөтүү биир көрүҥэ. Доруобуйатын көрүнэр, эрдэттэн харыстанар киһи айылҕаны кытары алтыһа таарыйа, тымныы ууну атас-доҕор оҥосторо туох да буортута суоҕун эмчиттэр да, учуонайдар да быһааран тураллар. Онуоха эти-хааны эрчийии тулхадыйбат быраабылаларын билиэххэ, эмчиттэри кытары сүбэлэһиэххэ уонна баҕа санааны хорсуннук олоххо киллэриэххэ эрэ наада.
edersaas.ru
КИҺИЭХЭ ХАЙДАХ ДЬАЙАРЫЙ?
— Муустаах ууга төбөҕүнэн түһэргэр мэйииҥ киин ньиэрбэтэ уһуктар.
— Намыһах температура кылгас кэмҥэ дьайыытын эт-сиин олус үчүгэйдик ылынар: сүһүрбүт ыарыы, хаан туруута, бопторуу суох буолар.
— Тымныы уу эккэ-сииҥҥэ кистэнэ сытар күүстэри босхолуур, эт-хаан температурата ууну кытары алтыһыы кэнниттэн 40 кыраадыска тиийэр, онуоха вирустар, микробтар уонна ыалдьар килиэккэлэр өлөллөр.
Ону таһынан, тымныы дьайыыта эккэ-сииҥҥэ абыраллаах “стресс” буолар. Тоҕо диэтэххэ, хаан бу кэмҥэ мэйиигин, сүрэххин уонна да атын уорганнаргын хааччыйа сүүрэр. Тымырдаргын тиһигин быспакка (нэдиэлэҕэ иккиттэн итэҕэһэ суох) эрчийдэххинэ, ыалдьыбыт тымырдар уонна синньигэс капиллярдар үлэлээн бараллар.
Ойбоҥҥо киирэн тахсыы кэнниттэн эт-сиин сылыйан, ыалдьар килиэккэлэр уларыйаллар, патогеннай микробтар өлөллөр. Эккэ-сииҥҥэ сылдьыбыт буортулаах барыта тирии нөҥүө паар буолан тахсан барар.
СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ МЭҺЭЙДЭЭБЭТ
— Ойбон мас далаһалаах эбэтэр уу саамай кытыытыгар баар буолуохтаах.
— Ууга сөтүөлүүрү аа-дьуо саҕаланыллар. Тоҕо диэтэххэ, бэлэмэ суох ууга киирэн, тымныйыахха сөп.
— Ууга киирэргэ саамай табыгастаах кэм — сарсыарда.
— Кыратык да ыалдьыбыт эбэтэр уугун хамматах буоллаххына, ууга киирбэтиҥ ордук. Кыһыҥҥы сөтүөлээһин булгуччулаах эбээһинэс буолбакка, үөрүүнү-көтүүнү, астыныыны эрэ аҕалыахтаах.
— Араас быһылаан тахсыан сөп, онон аттыгар ким эрэ баар буолуохтаах. Сөтүөлүөх иннинэ уонна бүтэн баран, 15-20 мүнүүтэ түргэнник хаама түһэр туһалаах. Сүүрэн да ылыахха сөп.
— Арыгыны уонна кыһыҥҥы сөтүөлээһини хаһан да дьүөрэлээмэ. «Итирик киһиэхэ муора тобугунан» диэн мээнэҕэ эппэттэр.
— Тас таҥаскыт чэпчэки, ол эрэн, тыалтан харыстыыр, сылаас буолуохтаах. Тимэхтээх уонна хатыырдаах таҥаһы кэтимэ, тымныыга сөтүөлээһин кэнниттэн тарбахтарыҥ тоҥоллор.
— Таҥаскын устан баран, күүстээхтик сананан тута ууга киир. Салгыҥҥа таҥаһа суох өр туруу эт-сиин тоҥорун күүһүрдэрин умнума.
— Ойбоҥҥо тута буолбакка, аа-дьуо киир.
— Саҥа саҕалааччылары уонна дьахталлары ууга төбөлөрүнэн түспэттэригэр сүбэлииллэр. Баттахтарыгар муус чопчу тоҥон хаалыан сөп. Төбөҕүнэн түһэргэ санаммыт да буоллаххына, сөтүөлүүргэ аналлаах бэргэһэни кэт.
— Тымныыга сөтүөлүүргэ эрэһиинэ таапачыкалары умнума. Мууска сыгынньах атаҕынан халтарыйыахха сөп. Тилэххин эмиэ тоҥорума.
— Ууга түһэргэр айаххын сабыахтааххын, тиис тымныы ууну дэбигис билэр.
— Сөтүөлээн баран, тыалга турума. Сотторунан кураанах буолуор диэри күүскэ куурдун. Баҕалаахтар таҥнан баран, кыра эрчиллиилэри оҥоруохтарын сөп.
Маннык ньыманан эти-хааны эрчийии — ыарыыны эмтээһин буолбакка, эти-хааны чэбдигирдии, ыарыыттан сэрэтии буоларын өйдүөххэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru