Саҥа дьылы Өймөкөөҥҥө анаан кэлэн көрсүү туристары кытта үлэлэһэр оператордарга биир сонун хайысханан буолла.
edersaas.ru
«Норд-стрим» турфирма оператора Михаил Местников Өймөкөөн улууһа туристар болҕомтолоругар сылдьар буолан, баҕалаах дьону сылы эргиччи хомуйан аҕалар. Быйыл күһүн эрдэттэн «Саҥа дьылы Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө көрсүү» диэн анал бырагырааманы бэлэмнээн, туристары хомуйбута. Ол түмүгэр араас омук дьоно интернациональнай бөлөх тэриммиттэрэ.
Сүрүн састаап — Дьокуускай куорат олохтоохторо. Икки киһи — Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕиттэн. Ямайкаттан Кристина Болт, Соҕуруу Кореяттан Джи Ванг сылдьыбыттар. Кристина омук тылын үөрэтэр кииҥҥэ учууталлыыр эбит. Оттон Джи Ванг сонун турмаршрут туһунан Туристскай иһитиннэрэр киинтэн (ТИЦ) билэн Михаил Местниковы булбут. Онон бу бастакы интернациональнай туристскай бөлөх буолар.
Михаил МестниковСаҥа дьыллааҕы аахсыйа туһунан бу курдук билиһиннэрэр:
— Өймөкөөҥҥө Саҥа дьылы ылар буоллахпытына, Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана бэлэхтээх буоларбыт чахчы. Кырачаан дьоҥҥо хайдах кэһиитэ суох тиийиэххиний?
Онон оҕолору сааратар, үөрүүнү бэлэхтиир бэйэбит бырагыраамалаах барбыппыт. Аара баран иһэн сценарийга суруллубут оруолларбытынан бэлэмнэнэн, суолбутун да билбэккэ хаалбыппыт. Араас омук дьоно Саҥа дьыллааҕы аахсыйа тэрийэр буолан, Өймөкөөн биһигини ыкса ситимнээн кэбиспитэ. Ахсынньы 30 күнүгэр хоҥнон баран, ахсынньы 31 күнүгэр бырааһынньык саамай үгэнигэр тиийэн, бэйэбит аахсыйабытын ыыппыппыт.
Бэлэхпитин олохтоохтор сүбэлэһэн баран, Биэрэк Үрдүгэр олорор элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар тиийэн туттарарбытыгар сүбэлээбиттэрэ.
Ол иһин Биэрэк Үрдүгэр тиийэн, туристар оҕолору кытта тэҥҥэ сылдьан, бэлэх туттаран, икки өттүттэн үөрүү бөҕө буолбуппут. Оҕолор тэринэн аҕай кэлбиттэр этэ. Мааскалара, ырыалара-тойуктара, үҥкүүлэрэ диибин диэн.
Туроператор кэпсииринэн, «Саҥа дьылы Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө көрсүү» турмаршрукка сылдьан, бэрт элбэх интэриэһинэйи көрбүттэр. Омук туристара Эбэ хайатыгар сылдьан, Чысхаан резиденциятын муус уонна хаар оҥоһуктары олус сөҕө-махтайа көрбүттэр.
Туристары төрөөбүт Өймөкөөнүгэр көрсөр уопуттаах предприниматель Тамара Васильева өрөспүүбүлүкэ таһымыгар саҥа туристскай маршрут аһыллыбытын олус үөрэ ылынна:
— Ааспыт сыл ахсынньы саҥатыттан ыла омук туристара эрдэттэн уочараттаан суруттарбыт кэмнэригэр кэлиилэрин саамай үгэнэ. Бу күннэргэ мин тус бэйэбэр сылдьыбыт 68-c омук дойдутун киһитин регистрациялаатым. Ол — Колумбия туриһа. Бразилияттан кэргэнин кытта уонна Кытайтан кэлбит туристар өйүмүгэ сөтүөлээн, астынан бардылар. Ахсынньы 31 күнүн түүн Саҥа дьылы Тымныы полюһугар 12 омук туриһа көрүстэ.
Ахсынньы, тохсунньу ыйдарга уопсайа 50-тан тахса турист кэлэн барда. Өссө кэлээри уочаракка турар омук дойдулара үгүстэр. Аны туризмҥа үлэлэһэр оператордар Сахабыт сирин туристарын аҕалан, Саҥа дьылы Тымныы полюһугар көрсөр маршрут арыйан эрэллэрэ наһаа үөрүүлээх.
Михаил Местников салайар «Норд-стрим» турфирмата араас омук дьонун түмэн аҕалан, интернациональнай састааптаах туристар бу саҥа саҕалааһын «бастакы хараҥаччыларынан» буоллулар.
Өймөкөөн тымныыттан атын дьону-сэргэни өссө тугунан умсугутан бэйэтигэр тардарын билээри, Лапландияттан Риеми Бишоф диэн дойдутугар туристары илдьэ сылдьар гид кэлэн, Тымныы полюһун олоҕун-дьаһаҕын, айылҕатын, араас тэрээһиннэри биэс күн устата көрөн-истэн, үөрэтэн барда. 30 саастаах эдэр киһи: «Наһаа да үчүгэй сиргэ олорор эбиккит, айылҕаҕыт кэрэтин! Манна, Өймөкөөҥҥө кэргэннэнэрим буоллар, үөрэ-көтө олохсуйа хаалыа эбиппин, — диэн санаалаах буолан биэрдэ. Олохторун бэлиэ түгэнин бэлиэтээччилэр эмиэ бааллар. Холобура, былырыын Швецияттан эдэр киһи таптыыр дьахтарыгар ыал буолар этиини оҥороору, оттон быйыл Колумбияттан биир турист төрөөбүт күнүн кэлэн ыллылар. Ол эрээри сүрүннээн тыйыс климатическай усулуобуйаҕа дьон хайдах олороллорун, оҕолор үөрэнэллэрин, олохтоохтор сүөһү иитэллэрин үөрэтэр киинэ устааччылар, учуонайдар кэлэллэр, — диэн кэпсиир Тамара Васильева.
«Норд-стрим» турфирма оператора Михаил Местников туристары тугунан интэриэһиргэтэрин эрдэттэн былааннаммыт.
Туристар интернациональнай бөлөхтөрө Өймөкөөн нэһилиэгин олохтоохторо туристарга көрдөрөр бары бырагыраамаларыгар сылдьан, Томторго баар Өймөкөөн улууһун кыраайы үөрэтэр уонна Арассыыйаҕа аатырар ГУЛАГ лааҕырдарын мусуойдарын тэҥэ, Чысхаан муус резиденциятыгар сылдьыбыттар. Ол кэннэ Үчүгэй олохтооҕо Павел Сивцевкэ эрдэттэн сакаастаан, туристары табанан хатааһылаппыт.
Онон Тымныы полюһун нэһилиэктэрин барыларын кэриэтэ хабан, саҥа сонун маршруту тэрийбит Михаил Местников санаатын үөрэ-көтө үллэһиннэ:
— Бастакы тэрээһиммит олус үчүгэйдик табыллыбытыттан эр ылан, эһиилгиттэн ыла «Саҥа дьылы Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө көрсүү» маршруту үгэскэ кубулутуохпут, өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан, омук сирдэриттэн туристары хомуйан аҕалыахпыт.
Дьэ, ити курдук, Тымныы полюһугар бииртэн биир сонун туристскай бырайыак эбиллэн иһэр. Ол барыта Өймөкөөн улууһугар туризм сайдыытыгар улахан олугу уурар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыска — Михаил Местников архыыбыттан.