Тымныы полюһун ыһыаҕар Дугуйдан балта Самаана тэҥнээҕин булбата!
Бэҕэһээ, бэс ыйын 11 күнүгэр, Тымныы полюһугар бары нэһилиэктэри түмпүт Саха АССР төрүттэммитэ 100, Өймөкөөн улууһун 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыта Н.О. Кривошапкин 185, саха улуу бөлүһүөгэ, Өймөкөөнү кытта ыкса сибээстээх, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 145 үбүлүөйдээх, Арассыыйа норуоттарын нэһилиэстибэлэрин уонна Саха сиригэр Ийэ сылларынан улуус улахан ыһыаҕа буолан ааста.
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев уонна нэһилиэктэр, Аартык бөһүөлэгин баһылыктара муниципальнай тэриллиилэр дэлэгээссийэлэрин акка олорон, түһүлгэҕэ сирдээн киллэрдилэр.
Ыһыах Ытык Дуоҕатын оройуон аҕа баһылыгар улуус киэн туттар удьуор сылгыһыт ыала, Үчүгэй олохтоохторо, саха атын дойду эрэгийиэннэрин тилийэ көтөн Москубаҕа тиийэ айаннаан эрэр Дугуйдан төрөппүттэрэ Семен уонна Ирина Винокуровтар туттардылар.
Дьэ, бу түгэнтэн Винокуровтар Өймөкөөн ыһыаҕын аатырдыылара саҕаламмыта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
Быйылгы ыһыах арыйыытынан Дугуйдан бииргэ төрөөбүт балта Самаана Винокурова буолла. Кыысчаан 8 кылааһы туйгуннук үөрэнэн бүтэрдэ. Оскуола биир бастыҥ тарбахха баттанар актыбыыһа, ханна барытыгар кытынна да, өрүү «5» сыананы «кууспутунан» сылдьар оҕо. Онон ат сүүрдүүтүгэр аан бастаан да кытыннар, эмиэ «туйгун» сыанаҕа сүүрдэн кэлэн, тэҥнээҕин булбата.
— Кыра эрдэхпиттэн акка сыстаҕаспын. Төрөппүттэрим кыра эрдэхпиттэн аты мииннэрэн улаатыннарбыттара.
Бырааппынаан Туйгуннуун аҕабытын кытта сылдьан аттарбытын көрөбүт-истэбит, бостууктуубут. Онон быйыл ат сүүрдүүтүгэр кыттарбын буолуохтааҕын курдук ылыммытым. Миигин орто уонна кылгас дистанцияҕа киллэрбиттэр этэ. Уһуҥҥа сүүрээри, ортоттон аккаастаммытым. Кылгас дистанцияҕа (1400 м) сүүрдэн, бастыах курдук буолан истэхпинэ, атым аһаҕас сиргэ кэлэн, халыйан хаалбыта. Инньэ гынан, миэстэҕэ тиксибэккэ хааллым. Ол оннугар быраатым, 7-с кылаас үөрэнээччитэ Туйгун 3-с миэстэҕэ тиксибитэ, — диэн кэпсиир кыайыылаах Самаана.
Салгыы Самаана уһун дистанцияҕа — 3200 м хайдах сүүрбүтүн маннык кэпсиир: «Бастаан сүүрдэн иһэн биир киһини ситэн ааспытым. Онтон эр ылан «атым атыттары да ситиэ эбит» дии санаат, салайан биэрдим да, көтө турдум! Биирдэ өйдөөбүтүм, биир киһи аттыбыттан олох арахсыбат. Ол убайым Адам этэ. Иккис эргииргэ кэлэн, Адам ата туора халыйан хаалла. Арай тулабар: «Самаана, кытаат!» диэн хаһыы бөҕө. Мин «Тыый, биэтэк кэлбит дии!» диэн аппын тэһиинин өссө күүскэ тутан биэрдим. Ити аҕам үөрэтиитэ. Онтон эмискэ «Ураа! Кыайыы!» диэн санаа көтөн түстэ. Үөрбүппүөн! Ама, да ааспытын иһин, кытаанах адреналин этэ…«.
Бу Самаана атынан саҥа көтүтэн эрэр түгэнин устуу бассаапка тарҕанна. Биэтэк кыайыылааҕы быһаарыа өссө да илик…
Оттон бу — кыайыы өрөгөйүн билии. Төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, чугас дьоно кини үөрүүтүн кытта үллэстэр түгэннэрэ.
Самаана бу көтүтэн иһэрин түһэрбит Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ түһэрбит хаартыската өрөспүүбүлүкэни биир гына тилийэ көтөн, социальнай ситимнэри тоҕо тарта. Ол иһигэр хоһоон айылла охсон тарҕанна:
Таас дьарҕаа дьапталҕан хайаҕа,
Муус болгуо ньуурдардаах кырдалга
Күн Айыы Далбара дьаарбайда,
Ирбэт тоҥ күөҕүнэн чэлгийдэ.
Хоту сир нэлэмэн дуолугар
Күөх сайын сатыылаан эргийдэ,
Өбүгэ үгэһин тыыныгар
Былыргы итэҕэл күүһүрдэ.
Алгысчыт ыһыаҕы арыйда,
Кымыстаах чороону көтөхтө,
Уйгулаах сайыны түстээтэ,
Илгэлээх быйаҥы көрдөстө,
Аар Баҕах сэргэни тулалаан
Оһуохай оройун туттулар,
Күөх торҕо буруону унаардан
Дьүрүскэн хомуһу тартылар.
Аар Тойон удьуора түмүллэн
Алыптаах биһиккэ бигэннэ,
Үрүҥ түүн оһуора анньыллан
Уйан кыл сылааһа тэнийдэ.
Удьуор хаан сылгыһыт төрүттээх
Самаана күрэххэ кыттыста,
Туус маҥан атыгар олорон
Кынаттаах кэриэтэ кыырайда,
Лиҥкир муус очуостан тирэннэ,
Добун күүс үөһэттэн билиннэ,
Күөх оттон тирэнэ тэбиннэ,
Атара тэптэрэн көтүттэ!
Кыыс оҕо кылаана бу кыаҕын!
Инники биэтэккэ тигистэ!
Өрөгөй үөрүүтэ-көтүүтэ,
Дугуйдаан балтыгар эҕэрдэ!
ХОТУУНА.
«Национальнай таҥастаах сүүрдүбүтэ буоллар», — диэччи да баар буолла. Онуоха Самаана маннык хоруйдаата:
— Көстүүтэ, кырдьык, үчүгэй буолуо эрээри, ат сүүрдүүтүгэр саха дьахтарын таҥаһа хайдах да барсыбат. Ат барытыттан үргэр. Тыалга түргэн үлүгэрдик куһуурдан иһэн, дьахтар ырбаахыта тэлэбириирин көрдөҕүнэ, биллэҕинэ, сонно үргэр. Онон кыайыы туһунан санаабаккар тиийэҕин. Арай сахалыы истииллээх эр киһилии таҥныахха сөп буолуо. Ол эрээри ол эмиэ атын көстүү буолар. Ити ийэм Эрэл диэн өрүү ат сүүрдүүтүгэр чөмпүйүөннүүр ата. Бу атынан убайым Дугуйдан Байаҕантай ыһыаҕар сүүрдэн, «Синтай» тыраахтары сүүйбүтэ. Онон Эрэлбэр улахан эрэллээх этим«, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр самаан сайын аатын ылбыт кыыс. Быйыл Өймөкөөн улууһун ыһыаҕар Самаана аата доҕоонноохтук ааттанна.
Ат сүүрдүүтүн муҥутуур кыайыылааҕар улуус баһылыга Иннокентий Сивцев «Охотный двор» маҕаһыынтан тугу баҕарбытын атыылаһарыгар 50 тыһыынча солкуобайдаах сэртэпикээти туттарда. Биллэн турар, 15 саастаах кыысчаан ат сүүрдүүтүн кыттыылаахтарын барыларын кэннигэр хаалларыа диэн ким сэрэйбитэ баарай, эр киһи бэлэҕэ буоллаҕа. Ол эрээри тыа сиригэр иитиллибит сылгыһыт уонна булчут кыыс бу маҕаһыынтан наадалааҕын чопчу булан ылара чахчы.
Ат сүүрдүүтүн муҥутуур кыайыылааҕын бастакынан үөрүүтүттэн дьолломмут ийэтэ Ирина Христофоровна көрүстэ.
Онтон аҕата Семен Львович кыыс кыайыытын бар дьонун кытта үллэстибитин кэннэ, оҕотунан сэмээр киэн тутта, кыыһын хайгыы истэ. Бу кылгас түгэннэри барытын Өймөкөөн аатырбыт фотограба Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ кыраҕы хараҕынан бэлиэтии көрөн түһэрэн ылбытын социальнай ситимнэргэ тарҕатта.
Винокуровтары ыһыах кыайыы сырдык дьаралыгынан кууһуута итинэн эрэ бүппэтэ. Ийэ сылыгар анаммыт улуустааҕы Далбар Хотун конкуруска аны сылгыһыттар ийэлэрэ Ирина Христофоровна бастаан, «Далбар Хотун аатын» ылла. Мин санаабар, дьүүллүүр сүбэ Далбар Хотун бочуоттаах ааты биир күннээх күөн күрэһинэн сыаналаабакка, бары өрүтү учуоттаабыта харахха быраҕыллар. Ирина Христофоровна бу кэтэн турар көстүүмүн Болгарияттан саҕалаан, Санкт-Петербурга, Хабаровскайга, Дьокуускайга, быһата, араас тэрээһиннэргэ өрүү кэтэн, эбээннии фольклорунан Өймөкөөн улууһун чиэһин өрүү чаҕылхайдык көмүскүүр.
— Бу көстүүмэ суох биир да бэлиэ тэрээһин ааспат. Бэйэм тиктэн кэппитим уонча сыл буолла. Дугуйдантан уонна Семеринаттан ураты оҕолорбуттан бары кэлэн, бу куонкуруска кыттарбар күүс-көмө буоллулар. Дугуйданым Арассыыйа устун саха атынан айаннаан, төрөөбүт дойдутун Саха сирин ааттата сылдьар. Семеринам Чурапчы улууһун иккис дойду оҥостон, онно ыал буолан, биир да тэрээһини көтүппэт көхтөөх эдэр ыал ийэтэ. Чурапчыларын ыһыаҕар «Эдэр ыал» номинацияҕа дьиэнэн кыттан, кыайыылаах аатын ыллылар. Онон биһиги дьиэ кэргэҥҥэ 2022 сыл бэс ыйын 11 күнэ — дьоллоох күммүт» , — диэн сулустаах чаастара умайбыт улахан дьиэ кэргэн ыал ийэтэ санаатын үллэһиннэ.
Өймөкөөн улууһун быйылгы ыһыаҕа эһиил Тымныы полюһугар ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии быһыытынан барда. Манна, биллэн турар, улахан эксээмэни нэһилиэктэр баһылыктара аастылар. Кинилэр бары нэһилиэктэриттэн үстүү-түөртүү массыына дьону аҕалан, биирдии тэрээһини бэйэлэригэр ылан, тэрийэн, спонсордары булан, биир дойдулаахтарын «Өймөкөөҥҥө Олоҥхо Ыһыаҕын ыытарга бэлэммит!» диэн киэн туттуу санаатын, төрөөбүт дойду туһугар биир санаанан түмүстэххэ, туох барыта кыалларын көрдөрдүлэр. Бу буолар — быйылгы урууну-аймаҕы түмүүгэ туһаайыллан ыһыллыбыт Өймөкөөн ыһыаҕын сүрүн түмүгэ.
«Дугуйдан балта Самаана Винокурова ат сүүрдүүтүгэр быйыл буолбакка, Олоҥхо Ыһыаҕар сүүрдүбүтэ буоллар, Өймөкөөммүт итинэн биллиэ хаалла» диэччилэр бааллар. 15 саастаах оскуола үөрэнээччитэ, буолаары буолан, кыыс оҕо, эр дьону кэннигэр хааллартаан, быйылгы ыһыахха ат сүүрдүүтүгэр бастаабыт буоллаҕына, өймөкөөннөр эһиилги Олоҥхо Ыһыаҕар өссө тугунан чорбойон аатырыахтара биллибэт. Маннык ыччаттардаах Өймөкөөн сирэ эһиил да өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун соһутар Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийиэҕэ диэн бигэ санаа үөскээтэҕэ ити.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска — Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ.