Тымныы полюһун Ийэтэ туризмы сайыннарыыга ылсыбыта 15 сылын бэлиэтээтэ

Ааптар: 
26.01.2020
Бөлөххө киир:
OLYMPUS DIGITAL CAMERA

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи, Саха сирин брендинэн буолбут «Өймөкөөн — Тымныы полюһа» туристическай хамсааһыны инники күөҥҥэ тутан сайыннара сылдьар киһи, төрөөбүт Өймөкөөнүн патриота Тамара Васильева туристическай эйгэҕэ үлэлээбитэ 15 сылын бэлиэтиир.

edersaas.ru

Бу сыллар тухары Тамара Васильева бэйэтин дьиэтигэр тэрийбит ыалдьыттары түһэрэр гостиницата мусуойга тэҥнээх буолла. Кини манна Саха сирин туһунан бэрт киэҥ ис хоһоонноох анал муннуктаах. Онон омук туристара өрөспүүбүлүкэбит туһунан сиһилии билэн-көрөн барллар.

15 сыл устатата бу дьиэҕэ 72 араас омук дойдутуттан 5000 кэриҥэ турист кэлэн ыалдьыттаан ааста. Тымныы полюһун туһунан ааттаах-суоллаах омук сирин хамапаанньалара 30-тан тахса документальнай киинэлэри уһуллулар.

Маныаха кыраайы үөрэтээччи  Өймөкөөн улууһун туһунан хомуйбут матырыйаалларын суруналыыстар уонна учуонайдар хото туһаналлар. Тамара Егоровна идэтинэн биология учуутала буолан, баай бибилитэкиэтэ үгүс ыалдьыт болҕомтотун тардар.


Тамара Васильева туризм эйгэтигэр ыытар үлэтин улууһун салалтата үрдүктүк сыаналаан, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбитэ.

2018 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт дьыалабыай дьахталлар XIV Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһугар туризм салаатыгар бастаан, «Олоҕор ситиһиилээх дьахтар» номинацияҕа бэлиэтэммитэ.

Куонкуруска кыттыбытыгар кыайыылаах быһыытынан Ыҥырыы суругу Тамара Егоровна билигин да күндү өйдөбүнньүк гына уура сылдьар.

Тамара Егоровна ыалдьыттара киниэхэ өрүү махтал суруктары хаалларар үгэстээхтэр.

Кинилэр бары «ыра санаа оҥостубут сирбитигэр аан дойду саамай тымныы сиригэр — Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө кэлэн бардыбыт» диэн Таҥараҕа махтаналлар. Тамара Егоровна ийэлии сырдык санаатын уонна минньигэс аһын ахталлар.

«Күүлэйдии сылдьан, мин илиим наһаа тоҥмута. Ону мин планета саамай тымныы сиригэр — Тымныы полюһугар кэлэн илиибин тоҥордум!», — диэн санаабын бөҕөргөппүтүм», — диэн суруйар АХШ «Дели Телеграф» диэн Британия хаһыатын кэрэспэдьиэнэ Алек Лун Висконсин. Ити курдук араас ис хоһоонноох суруктары киһи кинигэ курдук күнү быһа ааҕа олоруон сөп.

Тамара Егоровнаҕа бастаан ыалдьыттыы кэлэн баран, иккистээн, үһүстээн кэлээччи үгүс. Кини аатын ааттаабытынан кэлээччилэри таһынан, онтон-мантан истэн Өймөкөөҥҥө баран иһэр ыалдьыты Тамара Егоровнаҕа ыйан ыыталлар.

Ыалдьыттар кыһын өйүмэҕэ тиийэн сөтүөлүүр үгэстээхтэр. Ол икки ардыгар дьоно сөтүөттэн кэлээт,Тамара Егоровна  лиэппиэскэтин уонна үүттээх чэйин суохтаабытынан киирэллэр. Онон дьонун 50-60 кыраадыс тымныыга өйүмэҕэ «сөтүөҕэ» атаараат, тута бурдук аһын астыыр түбүгэр түһэр. Тамара Егоровна бу үгэс оҥостубут үөрүйэҕэ.

Сарсыарда ыалдьыттарын иннинэ 6 чааска тураат, сибиэһэй салгыҥҥа хаамар. Хас да кыраадыс буоллун. Бу сайыннары-кыһыннары доруобуйатын бөҕөргөтүнэр үгэһэ.

Индигиир Эбэтигэр бэйэтигэр дьоҕус ойбонноох. Онтон сарсыарда аайы хааман тиийэн, ыраас ууну ылан кэлэн, күнү быһа иһэ сылдьар. Бу эмиэ Тамара Егоровна олоҕор тутуһар үгэһэ.

Тамара Егоровна араас омук дьону кытта дьэ булан кэпсэтэр, наадатын быһаарсар. Ол да иһин буолуо, үгүс ыалдьыт кинини кытта эрдэттэн кэпсэтэн, болдьоһон, кэлин уһугар олох чугас аймаҕар кэлэр курдук, дьиэҕэ үөрэн-көтөн киирэн кэлэр. Биир киэһэ түөрт-биэс араас омук дьоно мустан, кус-хаас тойугун түһэрэн, бэйэ-бэйэлэрин кытта илиилэринэн, харахтарынан кэпсэтэн, өйдөһөн хоноллор. Онон араас омук дьонун сомоҕолуур айылгылаах Тамара Егоровна 15 сыл устата биир тылбаасчыта суох ыалдьыттарын санааларын табан кэллэ.

Үгүстэр бөлөҕүнэн кэлэр буолан, Тамара Егоровна «уолаттарга» уонна «кыргыттарга» диэн анал хостоох. Кэргэнниилэр эмиэ туһунан хостоохтор. Тамара Егоровна сүрүн баҕата — туризм эйгэтигэр үлэлиир киһиэхэ киэҥ-куоҥ гостиницалааҕа буоллар диэн. Бу сыллар тухары бэйэтин дьиэтигэр дьону түһэрэ сылдьар. Онон киниэхэ туһааннаах өйөбүлү оҥорор уолдьаста.

Туризм эйгэтин сайыннарыыга 15 сылын анаабыт Өймөкөөн улууһун патриота Тамара Васильева үөрүүтүн үллэстэн, бар-дьоно мустан, үөрэ-көтө кинини айхаллаатылар.

Биллэн турар, Тамара Егоровна бу күннэргэ омук туристарыгар саамай  былдьаһыкка сылдьар кэмэ. Онон бу суолталаах тэрээһиҥҥэ Италияттан, Польшаттан, Кэриэйэттэн  кэлэ сылдьар уонтан тахса дьоллоох туристар түбэстилэр. Кинилэртэн бу дьоро киэһэ Тамара Егоровна махтал тылын бастыҥын иһиттэ.

Омук туристара Тамара Егоровнаны  «Легенда Полюса холода» уонна  «Мама Полюса холода» диэн таптаан ааттыыллар. Буолумуна, итии дойдуларыттан олох харахтаан да көрбөтөх тымныы муус дойдуга  ийэлии истиҥ сылаас сыһыаны бэлэхтиир киһини атыннык аатыахтарын сатаммат.

Саха сиригэр туризм сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэ сылдьар «Гражданскай килбиэн» бочуоттаах бэлиэ хаһаайына Тамара Васильева Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылын олоҕун анаабыт үтүө дьыалатын 15 сылын бэлиэтээн, бэрт дьоһуннаахтык саҕалаата. Онон быйыл Өймөкөөн улууһун 100 cыллаах үбүлүөйүгэр биллэриллибит «100 үтүө дьыалаттан» бу тэрээһин көмүс буукубанан суруллар биир бастыҥнара буолан, историяҕа киирдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0