Тымныы полюһун хомус куттаах уопсастыбанньыга

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Хомус күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлииригэр Ил Дархан Айсен Николаев: «Ханнык да дойдутааҕар хомусчуппут ахсаана элбэх», — диэн бэлиэтээбитэ.

edersaas.ru

 Тымныы Полюһа Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин олохтооҕо Майя Винокурова- Ньургууна — ол дьонтон биирдэстэрэ. Майя Арсентьевна олоххо көхтөөх уопсастыбанньык. Айар куттаах киһи  хоһоон суруйар, нэһилиэк кулуубун иһинэн тэриллибит «Далбар» дьахталлар ансаамбылларын тутаах ырыаһыта.

Майя Винокурова бүгүн социальнай ситимнэринэн «Хомус абылаҥа» хоһоонун биир дойдулаахтарыгар бэлэх гынан ыытта.

Бу хоһоону былырыын суруйбутум. Хомуска үөрэнэн кэлэн баран. Биһигини Томтордооҕу Култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Евдокия Готовцева үөрэтэр. Уопуттаах хомусчут үөрэтэр буолан, бары бэрт түргэнник хомуска оонньоон барбыппыт. «Куйаар дьүрүскэнэ» диэн хомусчуттар бөлөхтөөхпүт.  Онон Хомус бырааһынньыга — биһиэхэ бэлиэ күн, — диэн бэлиэтиир Майя Арсентьевна.

Хомус абылаҥа 

Өбүгэбит саҕаттан,
Бэлэх буолан хаалбыт
Олоҥхо дойдутун  дьүрүһүйэр хомуһун,
Илиибэр ыламмын,
уоспар таҕайан, дьүрүһүтэн барабын.
Дьэ, уонна… диктилээх айаҥҥа,
Дьиэрэйэ көтөбүн:
Самаан сайыммыт сатыылыыр,
Кэҕэ кыылбыт
кэҕэлиир.
Кый ыраах халлааҥҥа,
Үрүҥ күммүт анныгар,
Күөрэгэйбит дьырылыыр,
Үөрэ-көтө тырыбыныыр.
Сыспай сиэллээхпит,
Көччүйэ сүүрэр.
Атыыр үөрүн хомуйан,
Кистиир саҥата иһиллэр.
Быстах ардах кэлэн курулаччы кутта.
Уоскуйдум, сынньанным.
Хомуспар махтанным.
Кырачаан бэйэтэ дьүрүһүйэ ыллаан,
Тиийэн кэлэр сирэ,
Ырааҕын сөҕөбүн.
Киэҥ куйаарга халлааҥҥа,
Саха хомуһа дьүрүһүйэн,
Аан дойдуну абылаан,
Дьон кутун туппута.
Үтүмэн үгүс сылларга
Алгыстаа, арчылаа
Саханы саха дэтэн,
Кый ыраах куйаартан,
Дьүрүһүйэ, дьырылыы туойаҥҥын,
Сири, халлааны ситимнээ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0