Тымныы полюһугар Төрүккэ кырачааннар Өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтээтилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Саха сирин олохтоохторо кыралыын-улаханныын Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүлээхтик бэлиэтиир тэрээһиннэри ыыталлар.

Ыраах Тымныы  полюһун Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин «Чэчир» оҕо саадын иитээччилэрэ улууска үүнэр көлүөнэни иитиигэ бастыҥ үлэлээх кэлэктиип быһыытынан биллэллэр.

Соторутааҕыта иитээччилэр кырачааннарын сиэдэрэй таҥастарын таҥыннарбытынан, Индигиир эбэлэригэр киирэн, «Тымныы полюһун оҕолоро Саха сирин 100 сылын уруйдуубут!» диэн бэртээхэй тэрээһини ыыттылар, хаартыскаҕа түһэн, уһуйааннарын биир күннээҕи айымньылаах үлэтин үйэтиттилэр.

Бу туһунан оҕо саадын иитээччитэ, «СӨ Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытыгар кылаатын иһин» бочуоттаах бэлиэ хаһаайына  Людмила Чачуа  бу курдук кэпсиир:

Бу күннэргэ  уһуйааммытыгар «Тымныы полюһун оҕолоро Саха сирин 100 сылын уруйдуубут!» диэн төрөөбүт Өймөкөөммүт Саха сирэ биир бөдөҥ улууһа буоларын, төрөөбүт  дойдубутун — Өймөкөөнү оҕолорго чугастык билиһиннэрэр  иитии-үөрэтии үлэтин араас хайысханан ыыттыбыт. Кыра оҕо олоххо маҥнайгы хардыыта, бастакы ситиһиитэ бу мантан — төрөөбүт түөлбэтиттэн, төлкөлөөх Төрүппүтүттэн саҕаланар. Биһиги, уһуйаан үлэһиттэрэ, кырачааннарбытын оҕо эрдэхтэриттэн тостор томороон тымныытынан аан дойдуга аатырар Сахабыт сиригэр, Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһугар төрөөбүттэринэн киэн тутталларын курдук иитиэхтээхпит.  Онон бу күннэргэ Саха АССР  төрүттэммитэ 100 сылынан сибээстээн,  уһуйааммытыгар араас тэрээһиннэри ыыттыбыт.  Холобура,  «Мин дойдум, мин Сахам сирэ», «Өймөкөөн — Тымныы  киинэ»,  «Төрөөбүт түөлбэм Төрүт» диэн бэрт интэриэһинэй бэсиэдэлэри оонньуу пуорматынан ыыттыбыт.  Саха сирин былааҕын уонна гербэтин, Өймөкөөн геральдикатын билиһиннэрдибит. Кэрэ айылҕабытын уруһуйдаатыбыт,  пластилинынан араас кыыллары уонна көтөрдөрү оҥордубут.  Дойдубут туһунан кинигэлэри оҕолорбут олус сэргээн көрдүлэр. Өймөкөөн улууһун киэн туттууларын — Тымныы баһылыга Чысхаан уонна Лабыҥкыр күөл туһунан номохтору кытта билистилэр. 

«Тымныы дойду Өймөкөөн
Киэргэллэрэ — биһиги
Кырыа кыһын кып-кыра
Оҕуруота буолабыт!» — бу биир дойдулаахпыт, суруйааччы, кыраайы үөрэтэр суруналыыс Сергей Егоров суруйбут «Чэчир оҕо саада» диэн ырыатын үөрэттибит. 

Бу уонна да атын дириҥ ис хоһоонноох тэрээһинэрбитин түмүктээн,  уһуйаан иитээчилэрэ үлэбит биир күнүн сонуннук уонна умнуллубаттык үйэтитэргэ санаммыппыт. Өскө киин улуустарга номнуо харалдьык тахсан эрэр буоллаҕына, Өймөкөөҥҥө билигин да халыҥ хаар ууллубакка сытар. Ол ону баттаһан, быйылгы үбүлүөйдээх сылга анаан тикпит көстүүмнэрбитин кэтэн,   кырачаанннарбытын кытта айылҕаҕа тахсан, Сахабыт сирин 100 сылын бэлиэтээтибит. 

Өймөкөөн улууһа Саха сирин биир кэрэ айылҕалаах киэн туттуута, Тымныы полюһунан аатырар туристическай брендэ буоларын быһыытынан, нэһилиэкпит биир маанылаах киэргэлэ — «Пионер» хайабыт анныгар хаартыскаҕа түстүбүт, амтаннаах арыылаах алаадьынан Индигир эбэбитин аһатан, алгыс тылы эттибит.

«Тымныы полюһун кырачааннарабыт» диэн оҕо муодатын көрдөрүүтүгэр төрөппүттэр олус актыыбынай кыттыыны ылбыттара.  Ол иһин бу үлэлэри үйэтирэр сыалтан биһиги  Сахабыт сирин күндү баайын — туристическай Өймөкөөнү ойуулаан көрдөрөргө санаммыппыт. 

Хайдахтаах курдук кэрэ көстүүнүй — бу тураллар Өймөкөөн култууратын, устуоруйатын, айылҕатын ойуулаан-дьүһүннээн көрдөрөр көстүүмнэр!

Биллэн турар, бу көстүүмнэри көрдөрбүт оҕолор бары номинацияларынан бэлиэтэнэн, минньигэс бэлэхтэри туттулар.

Ол курдук, ким бастыҥ Чысхаанчык, ким нарын Хаарчаана, ким суостаах Дьүкээбил уота буолла. Манна баай Байанай Тыйыс Тымныы Кыһынныын сиэттистэ, Индигирка өрүсчээн Табачаанныын куустуста. 

Биһиги дьүүллүүр сүбэҕэ кыттыбыт төрөппүттэрбитин, эбээлэрбитин уонна эһээлэрбитин, уһуйааммытын барытын — кырачааннардыын уонна иитээччилэрдиин көһөрөн эбэбитигэр тиэйэн илдьэ сылдьыбыт суоппардарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. 


Кинилэр түбүктээх үлэттэн туора турбакка, биһиэхэ оҕолорбут төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх буолалларын туһугар билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэр, култуура эйгэтигэр маҥнайгы ситиһиилээх хардыыны оҥороллоругар өйөбүл буоллулар.

Оҕолорбут, үүммүт үйэ дьоно, кэнэҕэс «Чэчир оҕо саада» диэн ырыаҕа  ылланарын курдук:
«Чысхаан тыаллаах дойдулаах,
Хаҕыс тымныы салгыннаах,
Туман кырыа кыһыннаах
Өймөкөөннөр буолабыт! » диэн киэн тутта этэр-тыынар дьоһун дьон буола улааттыннар!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0