Тымныы полюһа Кытай болҕомтотун тарта

Ааптар: 
22.05.2017
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 20-23 күннэригэр Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйхэ куоратын “Большой” диэн арыытыгар Арассыыйа уонна Кытай Өрөспүүбүлүкэтин доҕордоһууларын чэрчитинэн дьыалабыай көрсүһүүгэ Өймөкөөн улууһун 10 киһилээх дэлэгээссийэтэ кыттыыны ылла. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Манна аан дойду бары сайдыылаах сирдэриттэн 17-с төгүлүн кэскиллээх боппуруостары туруорса инвестиция эйгэтигэр уопут атастаһаллар, саҥа тосхоллору тобулаллар.

— Быйыл кулун тутарга ыытыллыбыт “Өймөкөөн – Тымныы полюһа” кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр Хэйхэ куораттан туризм сайдыытын кэмитиэтин салайааччы Е Линьшэн кэлэ сылдьан, 10 хонуктаах “Хэйхэ-Благовещенскай-Дьокуускай-Өймөкөөн” туристическай оптуобус сырыытын олохтообут киһи диэн санаатын үллэстибитэ. Онон биһиги дэлэгээссийэбит сүрүн соругунан кэлиҥҥи кэмҥэ Кытайга Тымныы Полюһугар Өймөкөөҥҥө интэриэс ураты улааппытынан сибээстээн, Хэйхэ куорат салалтатын кытта туризм хайысхатынан эрэ буолбакка, араас социальнай боппуруостарга, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сөбүлэҥ түһэристибит.

Өймөкөөн улууһун туһунан кэпсиир хаартысканан быыстапканы кыраайы үөрэтээччи Спиридон Слепцов оҥордо. Бу үлэни биһиги бары тэрээһиннэргэ туһанан, Тымныы полюһа Өймөкөөн Хэйхэҕэ ыытыллар суолталаах  дьыалабыай көрсүһүүлэргэ болҕомто киининэн буолла, — диэн кэпсиир Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын баһылыга Михаил Захаров.

Улуус култуураҕа управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева иһитиннэрбитинэн, дэлэгээссийэ Хэйхэ куорат култуураҕа уонна теле-араадьыйаҕа, бэчээккэ салайааччыларын кытта дьыалабыай көрсүһүүгэ 2018  сылга ыытыллар  «Тымныы полюһа» кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр Хэйхэ куорат тыйаатырдарын артыыстарын, «Тымныы Полюһун Кэрэ Куота» диэн кэрэ кыргыттар куонкурустарыгар бэйэлэрин бэрэстэбиитэллэрин  уонна «Амур тыатааҕыта»  диэн Хэйхэ куорат татемын, остуоруйа дьоруойун кытыннарарга сөбүлэҥ түһэристэ.

— Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, бырааттыы Хэйхэ куорат дэлэгээссийэтэ эһиилги сылы күүппэккэ, б.дь. атырдьах ыйын 5 күнүгэр ыытыллар улуус киинин Уус-Ньара бөһүөлэгин 80 сыллаах үбүлүөйүгэр кыттыын ыла кэлэр былааннаахтар. Онон сырыыбыт соругун барытын толорон, араас эйгэҕэ сөбүлэҥ түһэрсэн, Хэйхэ куорат дьаһалтатын салалтатын кытта бары боппуруостарга уопсай тылы булан, дойдубутугар ситиһии көтөллөнөн төннөн эрэбит, — диэн санаатын үллэһиннэ улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева.

Биллэн турар, бу суолталаах тэрээһиҥҥэ Өймөкөөнү эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин сирэйдиир Тымныы Полюһун хаһаайына Чысхаан аан дойдуга биллэр туризм брендин быһыытынан эмиэ кыттыыны ылла.  Чысхаан уобараһын сирэйдиир улуустааҕы култуура методиһа Семен Сивцев Хэйхэ куоракка иккис сырыытын сылдьар. 2013 сыллаахха Хэйхэ куоракка ыытыллыбыт 13-с дьаарбаҥка-быыстапкаҕа Чысхаан “Индигиир хайалара” диэн кини биир дойдулаахтара олус сөбүлүүр хит буолбут ырыатын ыллаан, кытайдар сүрэхтэрин сүүйэн кэлбитэ. Онон быйылгы тэрээһиҥҥэ Чысхааны кытайдар эмиэ сэҥээрэ көрүстүлэр. Кини арыалдьытынан Өймөкөөнтөн төрүттээх виртуоз-хомусчут Георгий Слепцов сырытта.

Ити курдук, Өймөкөөн улууһун дэлэгээссийэтэ Кытай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйхэ куоратын кытта бырааттыы сыһыаннаах буоларга (побратим), араас эйгэҕэ доҕордуу сүбэнэн бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥнэри түһэристэ. Онон Тымныы Полюһа Өймөкөөн омук сиригэр суолу аһарыгар  бастакынан Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйхэ куората «күөх уоту» уматта!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0