Тымныы оҕонньор төрөөбүт күнүн бэлиэтиир

Ааптар: 
18.11.2021
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 18 күнэ — Тымныы оҕонньор төрөөбүт күнэ.

Дьиҥэр, остуоруйа кыһыҥҥы аптаах дьоруойа 2000 саастаах буолуон сөп. Ол эрээри Арассыыйаҕа 2005 сыллаахтан Великай Устюг куоракка Тымныы  олохтоохтук олоҕун оҥостуоҕуттан ыла, кини төрөөбүт күнүн сэтинньи 18 күнүгэр бэлиэтииллэр. Великай Устюгу Тымныы оҕонньор дойдутунан 1999 сылтан ылыммыттара.

Сэтинньи 18 күнүн остуоруйа дьоруойун төрөөбүт күнүнэн бэлиэтииргэ оҕолор этии киллэрбиттэр. Бу күнтэн ыла ити эҥэр тымныы түһэр эбит. Оттон Тымныы оҕонньор, аата да этиринии, тымныыга эрэ кэлэр.

Тымныы оҕонньор «олоҕун» кэрчигиттэн:

  •  Кыһыҥҥы каникул кэмигэр Тымныы оҕонньор күҥҥэ 6 тыһ. оҕону көрсөр.
  • Биир да тоһоҕото суох үс ый иһигэр тутуллубут дьиэтигэр остуоруйа аптаах дьоруойа сылы быһа олорор.
  • Тымныы оҕонньор саҕынньаҕын саҥардарга 6 м искусственнай түү уонна 10 м үрдүкү кылаастаах баархат баранар.
  • Великай Устюгка көһүөн иннинэ остуоруйа дьоруойа Арҕаа Двина өрүс тардыытыгар баар Морозовка дэриэбинэҕэ олорбут.
  • Остуоруйа кыһыҥҥы дьоруойун таҥаһын киэргэтиитэ сыаналаах өҥнөөх таастарынан оҥоһуллар.
  • Тымныы оҕонньор кыһыҥҥы сонун дьэрэкээн быысыпкатын балтараа ый устата киэргэтэллэр.

Тымныы оҕонньор чугас доҕоро Чысхаан

 Тымныыны кытта сибээстээх остуоруйа оҕонньотторо ыкса доҕордуу буолбуттара сүүрбэттэн тахса сыл буолла.

Аныгы үйэ кэмигэр интернеккэ «Тымныы оҕонньор» эбэтэр «Чысхаан» диэн «гуглга» суруйуоҥ эрэ кэрэх, тута иккиэннэрин туһунан суруллубут матырыйааллар тахсан кэлэллэр.

Ону тэҥэ, бииргэ түспүт хаартыскалара эмиэ буолунай. Чысхаан аата 2002 сыллаахха модельер Августина Филиппова кини уобараһын көстүүмүн нөҥүө айыаҕыттан ыла дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн барбыта. Онтон ыла аан дойдуга Тымныы хаһаайынынан Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө Эбэ Хайатын иһигэр баар муус резиденцияҕа олорор Чысхаан биллэр.

Кини хайа хаспаҕыттан таһааран, Тымныы символын Саха сиригэр Великай Устюгтан анаан ыалдьыттыы кэлэр Тымныы оҕонньорго туттарар. Ол кэмҥэ Саха сиригэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ үгэннээн турар кэмэ.

Ыраахтан-чугастан ыалдьыт, турист бөҕө тоҕуоруһар. Арассыыйаҕа Бастакы харыйа уота күлүмүрдүү уматыллар. Ол уоту Тымныы оҕонньор тымныыны кытта дойдугар «кэһии» гынан барар. Салгыы дойду киин куораттарыгар тымныы тарҕанан, Кыһын кэлбитинэн ааҕыллар.

Тымныы оҕонньор оҕо сааһы уонна Саҥа дьыл бырааһынньыгын кытта ыкса сибээстээх буолан, бары да сөбүлүүр уонна ахтар кыһыҥҥы дьоруойбут буолар. Онон Чысхаан чугас доҕорун – Тымныы оҕонньор төрөөбүт күнүнэн барыбытыгар эҕэрдэ!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru

Хаартыска –интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0