Сарсын, тохсунньу 22 күнүгэр, Дьокуускай куоракка туманнаах, кыра тыаллаах буолара күүтүллэр. Түүнүн -47-49°, күнүһүн -46-48° кыраадыс тымныйыаҕа.
Онтон тохсунньу 23-24 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс оройуоннарыгар тымныы, туманнаах күннэр туруохтара. Хоту уонна соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Тохсунньу 24 күнүгэр Халыма-Индигиир оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ тыалырыа. Тохсунньу 23 күнүгэр Булуҥҥа сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ күүстээх тыал түһүөҕэ. Түүҥҥү өттүгэр -52-57, күнүһүн -48-53 кыраадыс тымныйыаҕа. Дьокуускайдааҕы гидрометсулууспа сабаҕалааһынынан, соҕуруулуу арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-илин түүнүн -47-52, хаардаатаҕына -37-42, күнүһүн -40-45, соҕуруу уонна хоту -35-40° кыраадыс буолуоҕа.
edersaas.ru