Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө — кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэ бүтэһигэр — кулун тутар 28-31 күннэригэр Өймөкөөн улууһугар «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ ыытыллыаҕа.

edersaas.ru

Бренд буолбут кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ быйыл 19-с төгүлүн ыытыллар.

Туризмы сайыннарыыга өр сылларга бэйэлэрин кыахтарынан үлэлэһэр Өймөкөөн улууһун олохтоохторун кытта Ил Дархан Айсен Николаев көрсүөҕэ.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, кэлиҥҥи сылларга тэрээһиҥҥэ «Халыма» федеральнай суолунан тайаан сытар Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Томпо улуустара кытталлар. Кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр айаннаан эрэр туристар  бэлиэ сирдэринэн, түмэллэринэн сылдьан,  бу улуустар историяларын кытта билсэллэр.

Тымныы полюһун олохтоохторо Өймөкөөҥҥө уонна Томторго араас хайысхалаах интэриэһинэй туристическай маршруттары бэлэмнээн билиһиннэрэллэр. Ол курдук, Өймөкөөҥҥө туристар саха ынаҕын уонна сылгыны үөрдээн иитэр хаһаайыстыбаларга сылдьан олохтоохтор күннээҕи түбүктэрин кытта билсиэхтэрэ. Томторго ытык Эбэ Хайатын анныгар баар Чысхаан резиденциятыгар, суруйааччы Ньукулай Чысхаан аатынан Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр уонна Томтор орто оскуолатын иһинэн үлэлиир ГУЛАГ суруйааччыларын мусуойдарыгар сылдьыахтара. Туристары, ыҥырыылаах ыалдьыттары араас интэриэһинэй тэрээһин күүтэр.

Биир дьоҥҥо сөбүлэтэр тэрээһин — Тымныы полюһун Кэрэ Куотун талыы куонкуруһа үгүс көрөөччүнү түмүөҕэ. Кыһыҥҥы бэстибээли аһыы сиэрэ-туома үгэс быһыытынан Чысхаан аны кыһыҥҥа диэри Тымныы символын бэйэтин резиденциятыгар угуутунан түмүктэниэҕэ.

Быйыл Өймөкөөҥҥө бастакы гидрометеорологическай ыстаансыйа тэриллибитэ 95 сылын туолар. Онон сибээстээн Томтор нэһилиэгэр Москваттан, Дьокуускайтан гидрометеорологическай сулууспа уонна Нуучча географическай уопсастыбатын салайааччылара кыттыылаах «төгүрүк остуол» ыытыллыаҕа.

Биллэн турар, бу суолталаах кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр 19 сылы быһа интэриэһиргээн кэлэр омук туристара эмиэ кыттыыны ылыахтара. Ол курдук, Тайваньтан, Кытайтан, Японияттан, Францияттан омук туристара бу күннэргэ «Халыма» федеральнай суолунан айаҥҥа турунуохтара. Аара баран иһэн туристар этиэхтэн кэрэ айылҕалаах Өймөкөөн айылҕатын, адаар таас хайаларын кытта билсиэхтэрэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0