Эмкэ күһүн тоҥоруу түһүөн иннинэ хомуллубут отону туһаныллар. Хаппыт отону мэлийиллэр.
Дөлүһүөн
Биэс остолобуой ньуоска мэлиллибит отону 1 лиитирэ тымныы ууга кутан баран, 10 мүнүүтэ оргутуллар, онтон таҥаһынан суулаан баран 8-10 чаас устата сөҥөрдүллэр, ол кэнниттэн сиидэлэнэр. Биирдии ыстакаанынан сууккаҕа сарсыардаттан саҕалаан, иккилии-үстүү чаас буола-буола иһиллэр. Утаҕы, мүөтү, атын да отоннор барыанньаларын кытары иһэр өссө ордук.
Хас истэххит аайы айаххытын кичэйэн сайҕаныҥ. Тиискитин кислота буортулуон сөп. Дөлүһүөн утаҕын ыалдьар кэмҥитигэр биир нэдиэлэни быһа сыыйа аччатан иһиллэр.
Уулаах отон
Кирииптээтэххэ уулаах отону муорустаан утах оҥорон иһэр ордук туһалаах. Оттон тымныйдахха, уулаах отон угун биир ньуосканы 1 ыстакаан оргуйа турар ууга угуллар, 30 мүнүүтэ сойута туруоруллар, онтон сиидэлэнэр.
Бу утаҕы иккилии ньуосканан күҥҥэ түөртэ-биэстэ иһиллэр.
Ону сэргэ, өссө биир ньыманы туһаныахха сөп. Холобур, тэҥ өлүү гына биир остолобуой ньуоскаҕа уулаах отону (угун уонна аһын) уонна дьэдьэни ылан, 1 ыстакаан оргуйбут тымныы ууга кутуллар уонна оргуйуор диэри уокка ууруллар. Онтон сөп соҕус гына мүөтү эбиллэр. Утаҕы итиилии биирдии ыстакаанынан күҥҥэ үстэ-түөртэ иһиллэр.
Биэ эмиийэ
Биэ эмиийэ хатарыллыбыт аһыттан оҥоһуллубут утах кириипкэ, тымныйыыга олус көмөлөөх.
1 остолобуой ньуоска отону 1 ыстакаан оргуйа турар ууга көөнньөрө ууруллар, 20 мүнүүтэ туруоруллар. Бу маннык утаҕы биирдии ыстакаанынан күҥҥэ иккитэ иһиллэр.
Биэ эмиийин уонна липа сибэккитин тэҥ гына ылыллар, 1 остолобуой ньуосканы 1 ыстакаан оргуйа турар ууга көөнньөрө кутуллар. 20 мүнүүтэ иннинэ итиилии биирдии ыстакааны иһиллэр.
Дьэдьэн
Биир ньуоска дьэдьэн хатарыллыбыт сэбирдэҕин 1 ыстакаан оргуйбут итии ууга кутаҕын, 20-30 мүнүүтэ устата хаппахтаан туруораҕын. Сиидэлээн баран мүөт, үүт кутуохха сөп.
Маннык утаҕы күҥҥэ 1 ыстакаанынан иккитэ-үстэ иһиллэр.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru