Тымныйа да сылдьан, эмтэриэххэ сөп

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 29 күнүгэр оҕону ийэ үүтүнэн аһатыы боппуруостарыгар анаммыт пресс-конференция кыттыылаахтара эдэр ийэлэр оҕолорун эмиий үүтүнэн аһаппакка, искусственнай аһылыкка көһөрөллөрүттэн долгуйалларын биллэрдилэр.

ХИФУ Доруобуйа научнай-чинчийэр институтун аһылык киинин салайааччыта, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай диетолога Ульяна Лебедева саҥа төрөөбүт оҕо алта ыйыгар диэри ийэ үүтүттэн ураты атын аһылыгы аһыа суохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Оҕону эмиий үүтүнэн аһатыыга арыый үрдүк көрдөрүүнү «Оҕоҕо үтүө сыһыаннаах балыыһа» диэн аан дойдутааҕы статустаах эмтиир тэрилтэлэр ситиһиллэр. Саха сиригэр итинник тэрилтэлэринэн Дьокуускай к. клиническэй балыыһатын акушерскай стационара, Хаҥалас улууһун киин балыыһата уонна Дьокуускай куораттааҕы Медицина киинэ ааттаналлар. Кинилэр үлэлэрин үөрүйэҕэ ийэ оҕотун эмиийинэн аһатыытын өйүүргэ уонна харыстыырга инники күөҥҥэ сылдьыахтаах.

«Ийэ үүтэ – дэҥҥэ көстөр састааптаах, ийэ бэйэтин оҕотугар эрэ аныыр айылҕаттан бэриллибит айылгылаах. Судургутук эттэххэ, ийэ үүтэ оҕо доруобуйатын, кини инникитин түстүүр. Эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка – кини духуобунай туругун. Биһиги чугас дьоммут, аймахтарбыт тапталларын уонна өйөбүллэрин биллэхпитинэ, өйбүтүнэн-санаабытынан доруобай уонна бигэ буолабыт, – диэн «Арассыыйа ийэлэрэ» регионнааҕы отделение бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова кырачааны эмиий үүтүнэн аһатыы нэһилиэнньэ доруобуйатыгар бигэ тирэх буоларын өссө төгүл бэлиэтээтэ.

Манна сыһыаран эттэххэ, быйыл «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытары ийэ үүтүнэн аһатыы туһатын сырдатааччылары, тарҕатааччылары бэлэмнээн эрэр. Кинилэр ортолоругар быраастар буолбакка, араас идэлээх кэрэ аҥаардар бааллар. Кинилэр оҕо күүтэр уонна ийэ аатын сүкпүт дьахталларга сүб-ама биэриэхтэрэ уонна көмөлөһүөхтэрэ. Ити туһунан Прасковья Борисова: «Биһиги баҕалаах дьону салгыы үөрэтиэхпит. Бу үлэни ыытар икки исписэлиис быраас баар», – диэтэ.

Ульяна Новгородова, клиническэй балыыһа саҥа төрөөбүт оҕоҕо аналлаах отделениетын сэбиэдиссэйэ:

Клиническэй балыыһа акушерскай отделениетыгар төрөөбүт дьахталлар 97,7 бырыһыаннара эмиий үүтүнэн аһаталлар. Манна ийэ төрөөтө да, оҕотун ийэҕэ аҕалан эмтэрэбит. Оччоҕо кырачаан уонна оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбититтэн дьоллоно сытар ийэ икки ардыларыгар быстыбат ситим үөскүүр. Ону сэргэ инникитин төрөппүттэрин кытары духуобунай ситим быстыбатыгар көмөлөһөр. Суукканы быһа үлэлиир 43-23-19 төлөпүөҥҥэ ким баҕарар эрийэн, эмиий үүтүнэн аһатыыга сүбэлэри-амалары ылыан сөп. Өссө анал кабинеттаахпыт .

Изабелла Дьячковская, Дьокуускай к. Медицина киинин кылаабынай бырааһын солбуйааччы:

Саҥа төрөөбүт ийэ үүтэ суох буолбат. Хас биирдии дьахтарга баар. Үүтүм суох диэн санааҕа түһүмүөххэ эрэ наада. Мөкү санаа-оноо үүт киириитигэр (лактацияҕа) куһаҕаннык дьайар. Биһиэхэ баар анал кэбиньиэккэ ийэлэр оҕолоругар памперстарын уларытыахтарын, аһатыахтарын уонна тустаах сүбэни-аманы ылыахтарын сөп.

Любовь Коростелева, Медицина национальнай киинин Маммологияҕа киинин сэбиэдиссэйэ:

Оҕону эмиий үүтүнэн аһатыы уойуу, хаан баттааһына, саахар диабета курдук сыстыгана суох ыарыылары эрэ сэрэтэр буолбатах. Ону таһынан эмиий искэнэ үөскүүр кутталын 12% аччатар. Оҕону аһатарга анаммыт соҕотох уорган дьахтар хас сааһын аайы уларыйан иһэр. Үүт киирэр кэмэ, эмиийинэн аһатыы бу уоргаҥҥа үчүгэйдик дьайаллар уонна эмиий искэниттэн харыстыыллар. Искэн үөскээн да хааллаҕына, эмиий үүтүнэн аһаппатах дьахталлардааҕар ыарыыта арыый кыра уонна үтүөрэргэ эрэл баар.

Биһиги кииммитигэр баар сыыппаралаах маммограф искэни саҥа үөскээн эрдэҕинэ эрдэ быһаарар кыахтаах. Итинник аппараат дойдуга 3 эрэ баар. Онон биһиги дьахталларбытыгар үтүөрэргэ улахан кыах баар.

Эдэр ийэлэргэ сүбэлэр:

  • Урукку курдук чопчу бириэмэни тутуспакка, көҥүл графигынан аһатыы туһалааҕа дакаастанна. Итинник аһатыы ийэҕэ үүт киирэригэр үчүгэйдик дьайар.
  • Оҕону эмиийгэ сыһыарыы кэмэ-кэрдиитэ кырачаан киһи төһө актыыбынайдык эмэриттэн тутулуктаах. Сууккаҕа 8-10 төгүл (онтон да элбэх) 20 мүнүүтэттэн ордук кэм устата буолуон сөп.
  • Ийэ тымныйан температурата таҕыстаҕына даҕаны оҕотун эмтэрэр. Тоҕо диэтэххэ, кини үүтүгэр араас инфекцияттан харыстыыр антителалар бааллар.
  • Ийэ үүтэ 80-90 бырыһыана ууттан турар. Онон эбии уу иһэрдэр наадата суох. Суосканы уонна пустышканы эмэрин аҕыйатыахха наада.

Надежда Егорова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0