«Түмэн» ыччат түмсүүтэ устуорук Иван Николаевтыын көрүстэ

Бөлөххө киир:
Хаартысканы Сибэкки Заровняева тиксэрдэ.

Билигин даҕаны үгүс саха дьоно хантан төрүттээхпитин билбэппит. Хас устуорук араас чинчийиини оҥорор да, оччо туспа көрүү баар. Ол эрээри, соторутааҕыта саха омугар улахан суолталаах үлэ, хардыы оҥоһулунна диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Ол курдук, устуорук, суруналыыс, политолог Иван Николаев «Происхождение народа саха и его геокультурного наследия» диэн монографията күн сирин көрөн, үгүс дьон интэриэһин тарта. 

Муус устар 18 күнүгэр «Түмэн» ыччат түмсүүтэ Иван Игнатьевиһы кытта көрүстэ. Ыччат дириҥ билии, элбэх кистэлэҥ тайаан сытар байҕалыгар ньимис гыммыттыы, өйдөрө — санаалара дьэҥкирии түстэ.

Түмсүү салайааччыта, Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт 3 кууруһун устудьуона Сибэкки Заровняева кэпсиир: «Саҥа тахсыбыт кинигэ тула интэриэһинэй, сэргэх кэпсэтии буолла. Түгэн тосхойбучча, омукпут түҥ былыргы устуоруйатыттан саҕалаан буолан ааспыт быһыы-майгы, Өрөспүүбүлүкэбит бүгүҥҥү олоҕун-дьаһаҕын, инники дьылҕатын туһунан интэриэһиргиир ыйытыыларбытын биэрдибит. Ордук өрөспүүбүлүкэбит суверенитетын, бүгүҥҥүтүн туһунан үгүс ыйытыы киирдэ».

«Көрсүһүү түмүгэр Иван Игнатьевич кэлбит оҕолорго буруолуу сылдьар кинигэтин бэлэх уунна. Өйдүү-саныы сылдьарга илии баттатан, ыйытыыларбытыгар чаҕылхай хоруйдары тутан, чахчы да дьоллоох сахалар буолан тарҕаспыппыт! Бу үлэни сыныйан ааҕан баран, ырытыһыы киэһэтин оҥоруоххайыҥ диэн сүбэлэстибит», — диэн эбэн биэрдэ түмсүү чилиэнэ Алексей Борисов.

— Сибэкки, түгэни мүччү туппакка, түмсүү туһунан сырдатан биэриэххэйиҥ. «Түмэн» диэн тугуй?

-«Түмэн» ыччат түмсүүтэ 1992 сыллаахха төрүттэммитэ. Сахабыт сирин, дьонун, дьоллоох олоҕун туһугар туруулаһыы, сырдык кэскили уһансыы — биһиги сүрүн сыалбыт.  Маны тэҥэ «Түмэн» биир санаалаах ыччаты түмэр.

Биһиэхэ кыттыһыан баҕалаах дьон ахсаана аҕыйах. Ол эрээри, биһигини көрдүүр дьон, хайдаҕын да иһин, булан кэлэр. Тапталлаах дойдубут, дьоммут туһугар туох эмит туһалааҕы, кэскиллээҕи оҥордорбут диэн баҕалаахпыт. Хас биирдии саха киһитэ дьоллоохтук олоруон, сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээхтик хардыылыан, саха сахатынан кэрэтин өйдүөн туохтааҕар да баҕарабыт. Ити баҕа санааларбытын батыһа, дойдубутугар тапталы, махталы кытта иннин диэки айаннатан иһэбит. Ол онно биһиэхэ күүс-көмө буолаллар биһиги холобур оҥостор, тумус туттар чулуу дьоммут — Ульяна Алексеевна Винокурова, Уйбаан Уйбаанабыс Самаайап, Егор Петрович Жирков, Михаил Ефимович Николаев, Наталья Владимировна Михалева-Сайа, Дорҕоон Дохсун, Дьулустаан Осипов уо. д. а.

Төрөөбүт тылбытын, сахабыт баай култууратын, олоҥхобутун, устуоруйабытын, литэрэтиирэбитин, билиммитин, үөрэхпитин өрө тутан бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Биһиэхэ кыттыһыан баҕалаах оҕолору үөрүүнү кытта ыҥырабыт!

— Махтал, кырдьык, аныгы саха оҕото олоҕу толору олорор өйдөөх-санаалаах, бэҕэһээҥҥи күнтэн үөрэнэн, бүгүҥҥү күнтэн тирэнэн, сарсыҥҥы күнү түстүүр буоларыгар баҕарабыт!

+1
2
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0