Сардаана Осипова: «Тылы да билбэккэ Эмиэрикэҕэ хаалан хааллым…»
Сардаана Осипованы Саха сирин успуорт уопсастыбатыгар билбэт киһи аҕыйаҕа буолуо. Бу нарын ааттаах, намчы куоластаах бааһынай кыыс чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга, армлифтиҥҥэ, фитнес-бикинигэ, паурлифтиҥҥэ, футболга, мас тардыһыыга, strongwomen, баһаарынай успуорка көхтөөх кыттыыны ылар.
Сорох киһи бу кыыс бэйэтин була илик диэн сөп. Оттон Сардаана бэйэтэ «киһи биирдэ олорор, кыах баар буоллаҕына, саҥаттан саҥаны боруобалыырга туох куһаҕана кэлиэй, бэйэбин саҥа өттүттэн арыйарбын сөбүлүүбүн» диэн этэр.
— Сардаана, бэйэҕин билиһиннэр эрэ. Хайдах успуорду кытта доҕордоспуккунуй?
— Мин Нам улууһун Граф биэрэгиттэн төрүттээхпин. Кыра эрдэхпиттэн куруук таһырдьа футболлаан, оонньоон тахсарым. Үксүн уоллаттары кытары сылдьар эбиппин, бу санаатахха. Оттон тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан аан маҥнайгы күрэхтэһиибэр биир килэмиэтир сүүрүүгэ улуус күрэхтэһиитигэр үһүс миэстэ буолбутум. Наһаа үөрбүтүм. Билиҥҥэ диэри ол үөрүүбүн өйдүүбүн, мэтээлим баар. Онтон ыла чэпчэки атлетиканан дьарыктанан саҕалаабытым. Онно физкултуура учууталлара Александр Николаевич Софронов уонна Вячеслав Сидорович Стрекаловскай улахан оруоллаахтар.
— Ол эрээри, мин билэрбинэн, эн култуура үөрэхтээххин. Успуорка сыстаҕас киһи хайдах култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр киирдиҥ?
— Кыра эрдэхпиттэн артыыс буолар баҕалаах этим. Сайыҥҥы туттарсыы кэмигэр дьылҕа хаан ыйааҕынан эбитэ дуу, култуура уонна СГУ физкултууратын эксээмэнэ биир күҥҥэ турбуттар этэ. Мин, биллэн турар, баҕа санаам ыҥырар сиригэр кэллиэскэ баран туттарсыбытым. Устудьуоннуур сылларым олус да чаҕылхайдык, интэриэһинэйдик ааспыттар эбит! Хас нэдиэлэ аайы бэйэбит тэрээһин, испэктээк, кэнсиэр тэрийэрбит. Үөрэхпин кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим. Ол эрээри, син биир бэйэм успуордунан дьарыктанар этим. Паараларым иннинэ сарсыарда алта чааска туран сүүрэ барар этим.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиигин дуо?
— Үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан, Бүлүүгэ ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар кэргэммин кытта билсибитим. Сыл буолан баран холбоспуппут, ол эрээри, Игорь дойдутугар ытык иэһин төлүү барбыта. Икки сыл буолан баран уолбут төрөөбүтэ. Ол кэнниттэн көҥүл тустуунан дьарыктанан саҕалаатым. Кэргэним тустуу сэҥээрээччитэ, миигин «тустууга барсаҕын, күүһүн-уоҕун элбэх» диэн, кини этиитинэн тустуук буоллум.
Саҕалыырбар олус ыарахан этэ: төрөөбүт дьахтар, хаһан даҕаны тустуунан дьарыктамматах улахан киһи буоллаҕым дии. Кэргэним Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физкултуура уонна спорт институтугар үөрэнэ сылдьар кэмигэр ССРС успуордун маастара, педагогическэй наука доктора Александр Завьялов сэминээрр ыыппыт этэ. Онуоха кэргэним тута миэхэ эрийэн: «Сардаана, кэлэ оҕус», — диэн, Чурапчыга баар буола түстүм. Ол кэпсэтии түмүгэр Александр Иванович Красноярскайга ыҥырда. Онон, ол күһүн Красноярскай тустуутун оскуолатыгар дьарыктана барар буоллум.
Уопсайга олорор этим, оскуолам сороҕор аһылыгынан да көмөлөһөр этэ. Бастаан, биллэн турар, интэриэһинэй этэ. Ол эрээри, тустуу миэнэ буолбатах, кэргэним баҕа санаатын толоро сылдьар эбиппин диэн сыыйа-баайа өйдөөбүтүм. Ону таһынан, дьоммун ахтар этим.
Сайыҥҥы сынньалаҥҥа дойдубар кэлбитим. Тааттаҕа ыһыахха мас тардыһыытыгар кытынным, бэйэм ыйааһыммар кыайталаатым. Онно бастакытын мас тардыһыытыгар интэриэс үөскээбитэ. Онтон күһүн харчы булбаккабын Красноярскайга барбатым.
— Мас тардыһыытыгар эн чаҕылхай киирсиилэргин дьон олус кэтэһэр этэ. Хайдах дьарыктанан саҕалаабыккыный?
— Ол сыл кэргэним дойдутугар хаалан, Таатта баһаарынай чааһыгар диспетчериннн үлэлии сырыттахпына, улуус мас тардыһыытын федерациятын салайааччыта биһиги ааппытыттан күрэхтэс диэн көрдөстө. Федерация Куубагар улахан дьарыга суох сылдьан иккис миэстэ буоллум, ол эрээри, сиспин эчэппитим. Улаханнык аахайбакка сылдьан, иккис күрэхтэһиибэр сиспин букатыннаахтыы тардан кэбистим. Атахпын да сатаан көтөхпөт буола сылдьыбытым. Ол быыһыгар сынньанар кэммэр баһаарынай-прикладной успуорка холонон көрдүм. Тута өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитим.
— Аны өссө фитнес-бикини күрэхтэһиитигэр кыттыыны ылбыккын көрбүтүм…
— Ол кэмҥэ хас да куобаҕы тэҥинэн эккирэтиһэн, чуут-чаат биирэ да суох хаала сыспытым. Оччолорго куоракка саҥа көрүҥ – crossfit үөдүйэн турар кэмэ этэ. Ол көрүҥ күрэхтэһиитэ муус устар 18 күнүгэр буолар, сарсыҥҥы күнүгэр фитнес-бикини ыытыллар. Бодибилдиҥҥэ тугу да билбэт киһи көннөрү хайдах баарбынан киирбитим. Онтон үс күнүнэн мас тардыһыытыгар Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр иккис миэстэ буолбутум.
Ол кэмҥэ күрэхтэһиилэргэ «ким бэлэмнээх ол кыайдын» диэн бэргэн этии сөптөөҕүн өйдөөбүтүм. Көннөрү хара күүс кыайыыны аҕалбатын, хас биирдии күрэхтэһиигэ систиэмэлээх бэлэм наадатын өйдөөбүтүм, уопут быһыытынан ылыммытым.
— Сардаана, Эмиэрикэҕэ баран дьарыктаммыккын билэбин. Олоҕун бу кэрчигин туһунан кэпсээ эрэ.
— Дьокуускайга ыытыллыбыт Аан дойду чөмпүйэнээтигэр кэлбит АХШ мас тардыһыытын федерациятын бэрэсидьиэнин Одд Хогены кытары кэпсэттим. Киниэхэ Арнольд Классик күрэхтэһиигэ кыттар баҕабын биллэрдим. Сотору кэминэн бу күрэхтэһиигэ кыттарга ыҥырыы суругу туттум. Олунньуга визабын көҥүллээннэр, бу ый бүтүүтэ номнуо Эмиэрикэҕэ баар буола түстүм.
Огайо штакка хас сылын ахсын ыытыллар Арнольд Классик күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытынным. Онтон кэргэним көҥүлүнэн, тылы да билбэт бэйэм, Эмиэрикэҕэ хаалан хааллым. Мас тардыһыыны Эмиэрикэ күүстээх эр дьонугар дьарыктыыр этим, бэйэм дьарыктанар этим. Онно сылдьан саҥа көрүҥү бэйэбэр арыйбытым – strongmen уонна strongwomen.
— Эмиэрикэ олоҕо хайдах эбитий?
— Көннөрү туристыырга биллэн турар, ыарахан. Оттон үлэлиир, үчүгэй хамнастаах буоллаххына, киһи олороругар наһаа үчүгэй дойду. Бастатан туран, дьоно элэккэйэ, аһаҕастара, атын дьоҥҥо көмөлөһө сатыыллара сөхтөрөр. Холобура, мин Вирджиния диэн штакка Дьокуускай куоракка кэлэ сылдьыбыт Адам Тантер диэн киһи дьиэтигэр босхо кэриэтэ олорбутум. Бастакы кэмҥэ биһиги биир дойдулаахпыт Саргын Данилов эмиэ көмөлөспүтэ. Тоҕо диэтэр, холобура, Вирджинияҕа биир хоһу куортамныыр ыйга 150 дуолларга (11 тыһыынча солкуобай), оттон Калифорнияҕа 650 дуолларга (50 тыһыынча солккуобайга) тэҥнэһэр.
Өссө Соҕуруу Эмиэрикэҕэ бара сылдьан, арм-лифтиҥҥэ, мас тардыһыытыгар ситиһиилээхтик кыттыбытым. Бу олоҕум кэрчигин сылаастык саныыбын. Биллэ сайынным. Английскай тылы үчүгэйдик үөрэттим, тириэньэр хаачыстыбаларын сайыннардым, саҥа успуорт көрүҥнэрин арыйдым, сөптөөхтүк аһыы үөрэнним. Онно оҕуруот аһа чэпчэки сыаналаах буолан, спаржа, брокколи, авокадо, шпинат диэн манна суох астары куруук сиир этим. Үксүн балык, куурусса аһылыктаах этим.
Бу сыл балаҕан ыйыгар дойдубар төннүбүтүм. Пандемиянан сибээстээн.
— Салгыы туох былааннааххыный?
— Саха сиригэр strongmen көрүҥү сайыннарыахпын баҕарабын. Тоҕо диэтэр, биһиэхэ күүстээх саха уолаттара элбэхтэр. Кинилэргэ дьарыктанар усулуобуйаны тэрийдэххэ, бу да көрүҥҥэ миэстэлэһэр кыахтаахтар эбит диэн түмүккэ кэллим.
— Сардаана, инникитин успуорка уонна тус олоххор ситиһиилэри баҕарабыт. Бу курдук куруук кыайыы көтөллөөх буол.
Виктория Бястинова, edersaas.ru
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.