Тылбаасчыттар эмиэ ыраахтан олорон үөрэнэллэр

09.04.2020
Бөлөххө киир:

Бу күһүн атырдьах ыйыгар, саха суруйар талааннаах ыччаттара Москваҕа М.Горькай аатынан Литературнай институкка тылбаасчыт идэтигэр үөрэнэ баран эрэллэрин туһунан иһитиннэрбиппит.

Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Реасовна Кулаковскаялыын (уҥаттан иккис).

Онуоха тоҕо ураты болҕомто ууруллубутай диэтэххэ, бу курдук тэрээһиннээхтик биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн  8 эдэр киһи 45 (!) сыл анараа өттүгэр — 1974 сыллаахха, бу институт тылбааска салаатыгар үөрэнэ тиийбитэ. Ону барытын оччолорго Саха сиринээҕи Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ  Семен Данилов тэрийбитэ. Оттон, дьэ, 45 сыл ааспытын кэннэ бу үтүө үгэһи сөргүппүт киһинэн “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров буолар.

Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин үөрэммит институтугар ыалдьыттыыр.
Суруйааччылар Владислав Доллновы, Аграфена Кузьминаны. Иван Мигалкины уонна Олег Сидоровы кытта.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уус-уран тылбаас кыһалҕата кэнники кэмнэргэ ордук күүскэ турарын саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева салайааччылаах Суруйааччылар сойуустара туруорсубута, араас таһымнаах мунньахтарга, сийиэстэргэ  тоһоҕолоон эппитэ ыраатта. Ол иһин, дьэ бу, күүстээх тургутууну ааһан, талыллан үөрэххэ баран эрэр эдэр дьону үөрэххэ атаарыыга норуот суруйааччылара Наталья Харлампьева, Иван Мигалкин, Баһылай Харысхал, айар сойуус чилиэннэрэ эҕэрдэлээн туран, алгыс тылы эппиттэрэ.

Устудьуоннар Аита Ефимовнаны кытта.
Институт корпустара киин куорат хабыллар хаба ортотугар -- Герцен төрөппүттэрин Москватааҕы уһаайбалырыгар турар

Ол курдук, 5 миэстэҕэ 4 кыыс уонна 1 уол киирэннэр, Москва саамай историческай киинигэр турар Литературнай институкка үөрэнэ сылдьаллар — Настя Васильева, Анжелика Эверстова, Чэлги Анисимова, Лилия Иванова уонна Альберт Софронеев. Кинилэр куратордара РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх тылбаасчыт  Аита Шапошникова, 1979 сыллаахха бэйэтэ бу Литературнай институт тылбааска салаатын бүтэрбитэ, онон, эдэр коллегаларыгар көмөтө, сүбэтэ-амата үгүс. Аита Ефимовна литинститукка саха тылыттан нууччалыыга тылбаастааһыҥҥа айар сэминээр  салайааччытынан буолар уонна эбии саха тылын үөрэтэр.

Суруйааччы Владимир Федоровтыын

Биллэн турар, аан дойдуга бүрүүкээбит билиҥҥи уустук балаһыанньанан, коронавирус пандемиятынан, устудьуоннар дойдуларыгар Саха сиригэр кэлбиттэрэ, араас улуустарынан дьиэлэригэр тарҕаспыттара, онон, бука бары дистанционнай ньыманан үөрэнэ олороллор.

Мин бүгүн кинилэртэн Настя Васильевалыын төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым:

Бастакы кууруска үксэ уопсай үөрэхтээһин биридимиэттэрин үөрэттибит – былыргы цивилизациялар устуоруйалара, латынь тыла, античнай литература, нуучча литературатын устуоруйата, устуоруйа, бэйэҥ талан ылыыгынан омук тыла, уонна да атыттар. Устудьуон аатын ылан, маҥнайгы сиэссийэбитин туттардыбыт. Билиҥҥи үөрэхпит сүрүннээн уонна реферат, дакылаат суруйуута, айымньылары ырытыы, анаалыстааһын буолар. Чэпчэки үөрэх диэбэккин. Бука барыбыт аатыттан эппэтим буолуо эрээри, улахан куоракка адаптацияны син бары ааспыт курдукпут.

Дистанционнай үөрэхпит кулун тутар 17 күнүттэн саҕаламмыта. Арааһа, урут ким даҕаны манныгы быраактыкалыы илик буолан дуу, кыһалҕалар көстүтэлииллэр, ону таһынан, Москваны кытта алта чаас араастаһыылаахпыт эмиэ араспысаанньаны тутуһарга  ардыгар уустуктары үөскэтэр.  Саайтар перегрузкалаахтар, ол иһин суругунан сорудахтары биэрэллэр, элбэтэ сатыыллар. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум үгүстэрэ тыа сиригэр улуустарга олорор буоланнар, сороҕор сибээс эмиэ суох буолар. Ол да буоллар, үөрэхпитигэр, биллэн турар, бары кыһаллабыт, — диэн санаатын үллэһиннэ Настя.

Хайа баҕарар литература сайдыытыгар тылбаас оруола олус улахан. Үчүгэй, идэтийбит тылбаасчыттардаах национальнай литератураны аан дойдуга киэҥник билэллэр, талааннаах суруйааччы айымньыларын араас омук тылынан ааҕаллар, айар киһиэхэ саҥаттан-саҥа аартыктар арыллаллар. Онон, бу бэйэлэрин иннилэригэр букатын судургута суох, ыарахан да диэххэ сөп, соругу туруоруммут эдэр дьоммутугар  ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0