«Тылбаас төрөөбүт тылы байытар»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьон “тылбаас” диэн тылы иһиттэ даҕаны хайаан даҕаны омук тылыттан нуучча тылыгар эбэтэр төттөрүтүн, нуучча тылыттан омук тылыгар эрэ тылбаас диэн өйдүүр. Судаарыстыба бэйэтин иһинээҕи тылбааһа диэн эмиэ баар эбээт.

edersaas.ru

Соторутааҕыта итиниэхэ аналлаах “Перевод в поликультурном языковом пространстве Российской Федерации: потенциал и перспективы” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Кэмпириэнсиэйэ чопчу судаарыстыба иһинээҕи тылбаас кыһалҕаларыгар болҕомтону уурда. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, тус бэйэлэринэн кэлэн, он-лайн уонна кэтэхтэн, уопсайа, сүүстэн тахса киһи араас тиэмэҕэ дакылаат аахта. Ол курдук, Турцияттан, Казахстантан, Кыргызстантан, Монголияттан, Башкортостантан, Бурятияттан, Тываттан, Алтайтан, Комиттан, Мордовияттан, Хотугу Осетияттан, Ростовскай, Тверской уобаластартан, Москва, Новосибирскай, Санкт Петербург куораттартан уонна Саха сирин араас улуустарыттан кытыннылар.

Тэрээһин Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ биллэрбит Олохтоох омуктар тылларын норуоттар икки ардыларынааҕы сылыгар, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн истилиистикэҕэ уонна нууччалыы-сахалыы тылбааска хаапыдырата төрүттэммитэ 20 сылыгар, хаапыдыраны төрүттээччи, педагогика билимин хандьыдаата, ХИФУ бэрэпиэссэрэ Тамара Петрова 85 сааһыгар ананна.

Тылбаас сайдыыта

Өрөспүүбүлүкэҕэ тылбаас сайдыытын уонна бүгүҥҥү туругун туһунан сүрүн дакылааты тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үнүстүүтүн лексикографияҕа билимин сүрүн үлэһитэ Петр Слепцов оҥордо. Салгыы тыл билимин хандьыдаата, хаапыдыра дассыана Акулина Васильева дойду иһинээҕи тылбаас бүгүҥҥү туругун кэпсээтэ. “Хомойуох иһин, үөрэх эйгэтигэр тылбааһы омук тылын эрэ кытта сыһыаннаах курдук өйдүүллэр. Судаарыстыба бэйэтин иһинээҕи тылларыгар тылбаас исписэлиистэрин Арассыыйа үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэригэр барытыгар бэлэмнээбэттэр. Ол иһин үлэ биэрээччи бэҕэһээҥҥи устудьуону хаттаан үөрэттэрэр эбэтэр бэйэтэ түргэнник, чопчу тылбаастыы үөрэнэрин кэтэһэр. Итиннэ үгүс бириэмэ барар, үлэ атахтанар”, — диэн баар кыһалҕаны уот харахха эттэ.

Хаапыдыра — бүгүн

Хаапыдыра 20 сыллаах үлэтин устата тылбааска баһырхай үлэ барда. Ити туһунан тыл билимин хандьыдаата, хаапыдыра сэбиэдиссэйэ Евдокия Герасимова кэпсээтэ. Сүрүн сүгэһэрдэрин – устудьуоннары үөрэтэллэрин таһынан тылбааска хото ылсаллар. Уопсай үөрэхтээһин 90-ча федеральнай учуобунньугун тылбаастаатылар, киргиистэр “Манаастарын”, башкирдар “Урал Баатырдарын”, алтайдар “Маадай Хараларын” сахалыы, П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта”, Т.В.Захаров-Чээбий “Ала Булкун Бухатыыр” олоҥхолорун, о.д.а. айымньылары нууччалыы саҥартылар. Араас куурустары, научнай-практическай кэмпириэнси­йэлэри, сэминээрдэри, куонкурустары ыыталларын, кытталларын ааҕан ситиһиллибэт.

Элбэх тыллаах Арассыыйа

Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйаҕа тылбаас үөрэҕин стратегическай киинин салайааччыта, А.И.Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет бэрэпиэссэрэ, Санкт Петербурдааҕы тылбаас үрдүкү оскуолатын дириэктэрэ Ирина Алексеева нуучча тыла Арассыыйа норуоттарын тылларын эргимтэтигэр билиҥҥи туругун туһунан кэпсээтэ. Маныаха бэрэпиэссэр, Арассыыйаҕа дьон кэпсэтэр 150-ча тыла баар диэн холобурдуур.

Арассыыйаҕа хас тыл баарый?

150 тыл баар

12 суруга суох тыл

37 судаарыстыбаннай тыл

15 судаарыстыбаннайга тэҥнээх (эбээн, эбэҥки, дьүкээгир…)

Итинтэн 6 тылы мөлүйүөнтэн тахсалыы киһи билэр. Бу — нуучча, татар, украина, башкир, чуваш, чечен тыллара. 29 тылы 100 тыһыынчаттан тахсалыы киһи билэр (саха, бурят, тувин…)”, — диэн быһаарар. 2010 сыллааҕы биэрэпис чахчыларыгар олоҕуран, дойду нэһилиэнньэтин 96,82 бырыһыана нуучча тылын билэр диэн этэр. Итинтэн сиэттэрэн, нуучча тыла толорор эбээһинэстэрин, атын тыллар ортолоругар уларыйыытын ыйар, маныаха тылбаас көмөтө улахан суолталааҕын бэлиэтиир.

Коми холобура

Кэмпириэнсийэ салааларынан арахсан биэс сиэксийэнэн үлэлээтэ. Хаһыат тылыгар-өһүгэр ордук чугас буолаарай дуу, диэн толкуйтан “Официальнай-дьыалабыай эйгэҕэ судаарыстыба иһинээҕи тылбаас уонна тиэрмин боппуруоһа” диэн сиэксийэни өҥөйөн аастым. Бэрт хорутуулаах дакылааттары оҥордулар.  Ол курдук, Коми Өрөспүүбүлүкэтин Тылга инновационнай технология киинин Тылбааска бүрүөтүн үлэһитэ Илья Лыткин иһитиннэрбитинэн, тустаах киин Доҕордоһуу дьиэтин иһинэн үлэлиирин кэпсиир. Ол да буоллар, судаарыстыбаннай эбээһинэһи эмиэ сүгэр эбит: тиэрмин-орфография хамыыһыйатыгар көмөлөһөр, “Ведомости нормативных актов” таһаарыытын, Коми Өрөспүүбүлүкэтин официальнай саайтыгар тахсыбыт сонуннары, өрөспүүбүлүкэ тиэкистэрин, гербэлээх бэчээтин, былааҥкаларын, кэмпириэнсийэлэрин, мунньахтарын, сиэссийэлэрин тута тылбаастыыр. Чааһынай сакаас суоҕун кэриэтэ диэн этэр.

Саха сиригэр курдук сирдэр, тэрилтэ ааттарын-суолларын тылбаастааһыҥҥа үгүс сыыһалар тахсаллар эбит. Анаан-минээн харчы көрдөрөн 21 оройуону барытын кэрийэн, хаартыскалаах, туох алҕаһы оҥорбуттарын барытын ыйыылаах чинчийии ыыппыттар. Ол түмүгүнэн, Коми Өрөспүүбүлүкэтин национальнай бэлиитикэтэ хас биирдии тылбаастанар ааты-суолу Тылбаас бүрүөтүн үлэһиттэригэр сөбүлэһиннэрэр (көрдөрөр) туһунан бирикээскэ илии баттаабыт. Судаарыстыба тэрилтэлэрин суруктарын-бичиктэрин босхо тылбаастыыр эбит буоллахтарына, чааһынайдарга кыра да буоллар төлөбүргэ оҥороллор үһү. Биһиэхэ, билиҥҥитэ, сөбүлэһии да, модьуйуу даҕаны суох. Ол иһин тылбаас түҥ-таҥ, ким хайдах толкуйдуурунан оҥоһуллар. Манна даҕатан эттэххэ, олунньуга Намҥа ыытыллыбыт “төгүрүк остуолга” саха тылын туһугар туруулаһар дьон сыыһа тылбаас иһин ыстараапта олохтуоҕуҥ диэн этии көтөҕөн тураллар. Комига сыыһа тылбаастаабыт тэрилтэҕэ туох миэрэ баарый, диэн ыйытыыбар Илья Васильевич: “Миэрэ суох, сүбэ эрэ быһыытынан этиллэр”, — диэн хоруйдаата.

Аны суут нууччалыы тылынан эрэ барар үһү. Тылбаасчыты сылга биирдэ эҥин эрэ ыҥыраллар эбит. Онно холоотоххо, Саха сиригэр суут сахалыы барар, тылбаасчыт өҥөтүн хото туһаналлар диэн үөрүөх тустаахпыт. Кэлин коми тылынан ыытыллар тэрээһиннэр элбээбиттэрин, тута тылбаас даҕаны туһаныллар буолан эрэрин бэлиэтиир. Быйыл олунньуттан ыла Сыктывкар куорат оптуобустарыгар тохтобуллары нуучча тылын сэргэ коми тылынан биллэрэр буолбуттар. Тохтобуллар тылбаастарын бу бүрүө үлэһиттэрэ оҥорбуттар.

Дьокуускай куорат көрдөрүүтэ

Тыл билимин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үөрэтэр институт билим үрдүкү үлэһитэ Нина Иванова Дьокуускай куоракка саха тылын билиҥҥи туругун социолингвистика хараҕынан көрөн кэпсээтэ. Маны социолингвистика ыйытыктарыгар, эспэримиэннэригэр, интервьюларга олоҕуран оҥорбуттар. Куоракка саха, нуучча тыллара туттуллар эйгэлэрэ төһө киэҥин билиһиннэрдэ. Онтон көстөрүнэн, саха тыла кинигэ, бэчээт, тыйаатыр, киинэ эйгэтигэр хото туттулларын этэр. Дьиэ кэргэн 60 бырыһыана төрөөбүт тылынан кэпсэтэр эрээри, ити көрдөрүү көлүөнэ ахсын 10-нуу бырыһыанынан кыччаан иһэрин бэлиэтиир.

Сиэксийэнэн үлэлэр

Икки күн устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы тылбаас научнай-практическай кэмпириэнсийэтэ соругун толорбутун сиэксийэнэн үлэлэргэ сүүсчэкэ этии киирбитэ туоһулуур. Ол курдук, тыл билимин хандьыдаата, А.И.Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университет бэрэпиэссэрэ Ирина Алексеева, бастатан туран, хаапыдыра уопутун Арассыыйа атын университеттарыгар тарҕатар туһунан резолюцияҕа киллэрэргэ этии көтөхтө. Иккиһинэн, ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар, бэйэтэ салайар Арассыыйатааҕы тылбаас үөрэҕин стратегическай киинин эрэгийиэннээҕи салаатын арыйыахха диэн эттэ.

Кэлии эспиэрдэр, устудьуоннар дакылааттарын чинчийэр матырыйааллара хаачыстыбанан преподавателлэр, учуонайдар дакы­лааттарыттан улахан уратыта суох диэн бэлиэтииллэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0