Аҕыйах хонуктааҕыта өрөспүүбүлүкэҕэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн бэлиэтээтибит. Ийэ тыл күнэ 1996 сыллаахтан СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан бэлиэтэнэр. Саха чулуу уола, бастакы лингвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүн кытта ситимнээх. Бэлиэ даатаҕа олоҕуран, төрөөбүт тылбыт бүгүҥҥү туругун ырытан көрүөҕүҥ.
ЮНЕСКО көрүүтэ
Аан дойду үрдүнэн хас тыл баара чопчу биллибэт дииллэр. 2005 сыллааҕы чахчынан, 6912 национальнай тыл баара биллэр. 2010 сыллаахха Сүтэр кутталлаах тыллар атластара оҥоһуллубута, Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибитэ.
ЮНЕСКО тыллары алта кылааска араарар: “куттала суох туруктаах”, “сэрэхтээх балаһыанньалаах”, “сүтэр кутталлаах”, “улахан кутталга сылдьар”, “тыҥааһыннаах (киритиичэскэй) турукка сылдьар”, “симэлийдэ”. Итини тыл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиитигэр, уопсастыба тылга сыһыаныгар, о.д.а., уопсайа, тоҕус ирдэбилгэ олоҕуран оҥорбуттар. Манна 2500 кэриҥэ тыл киирбит (ол иһигэр 1950 сылтан 230 сүппүт тыл). Арассыыйаҕа 136 тыл кутталлаах балаһыанньаҕа сылдьар, итинтэн сүүрбэтэ номнуо өлбүт тыл ахсааныгар киирбит. Кутталы үөскэтэр 20 тыл кэккэтигэр, белорус, чечен, саха, тувин тыллара эмиэ киирбиттэр. Итинтэн сорох тыллар РФ национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин судаарыстыбаннай тылларынан буолаллар. Ол даҕаны быыһаамаары гыммыт.
Оскуолаҕа үөрэтии
Биллэрин курдук, Саха сиригэр оскуолаларга нууччалыы уонна сахалыы тылынан үөрэтэллэр. СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин чахчыларыгар олоҕурдахха, 2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, уопсайа, 652 оскуола баарыттан, 280-гар алын, сүрүн уонна уопсай үөрэх сүрүн бырагыраамалара нууччалыы тыллаахтар (оскуола уопсай ахсааныттан 42,9 %). Саха тылынан 368 оскуолаҕа (оскуола уопсай ахсааныттан 56,4 %) үөрэтэллэр.
Сыыппаралар
Нууччалыы тылынан үөрэнэр оҕо ахсаана:
2017-2018 – 83039,
2018-2019 — 88509
Сахалыы тылынан үөрэнэр оҕо ахсаана:
2017-2018 – 55721,
2018-2019 – 52103.
Саха тылын үөрэтэр оҕо ахсаана:
2017-2018 – 19905,
2018-2019 — 30181
ЮТУБ содула
Аҕыйах сылтан бэттэх сахалыы тыллаах төрөппүттэрдээх саҥа тылланан эрэр оҕолор нууччалыы чубугураһар буоллулар. Төрөппүттэр: “Дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэр курдукпут эрээри, оҕолорбут нууччалыы эрэ саҥараллар”, – диэн сөҕөн кэпсииллэр. Төрүөтэ биллэр – ютуб содула. Нууччалыы тылынан саҥараллара туга кэлиэй? Нуучча тылын нөҥүөлээн, икки-үс сылтан бэттэх букатын англия тылынан саҥарар кырачааннар баар буоллулар. Эмиэ ютуб содула. Бу сахалар курдук аҕыйах ахсааннаах норуокка олус улахан охсуу. Тоҕо? Мин көрдөхпүнэ, тустаах кыһалҕаны ким даҕаны улаханнык үөрэтэн көрө илик курдук. Уһуйааҥҥа номнуо буккуллубут тыллаах, уу сахалыы да саҥарбат, нууччалыы да ыраастык кэпсэппэт, омуктуу да үчүгэйдик билбэт оҕолор тиийэллэр. Аны онно кинилэри кытта нууччалыы бэлэмнээх логопедтар дьарыктаналлар. Күн бүгүн ханнык эмэ үөрэх кыһатыгар сахалыы тыллаах логопедтары бэлэмнииллэрин истэ иликпин. Саха саҥарар дорҕооно нууччалыыттан букатын ураты. Итиннэ эмиэ болҕомто ууруллара уолдьаста. Оҕолорбутун көрдөрбүтүнэн “былдьатар” турукка киирдибит.
Тылга сыһыан
Урукку сылларга физкултуура, үлэ уруогун учууталлара “иккис суортаахпыт” диэн муҥ ытанар буоллахтарына, билигин, аны саха тылын учууталлара инньэ дэһэр буоллулар. Иллэрээ сыл ыытыллыбыт, саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын, уһуйаан иитээччилэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи маҥнайгы сийиэстэригэр хас даҕаны учууталтан истэн турабын. Биир кэлим эксээмэни эккирэтэн, саха тылын чааһын атын биридимиэттэргэ биэрэр буолбуттара быданнаата. Ити кэлин өссө күүһүрүөх чинчилээх. Тоҕо диэтэххэ, Рособрнадзор 2022 сылтан англия тылын, сыыйа историяны булгуччулаах биридимиэт быһыытынан киллэриэн баҕарарын туһунан дөрүн-дөрүн быктаран ааһар. Бэйэҕит билэҕит, улахан кылаас оҕолоро күн ахсын алталыы уруоктаахтар. Оттон англия тылын курдук уустук биридимиэти дэбигис ылына охсоллоро саарбах. Билиҥҥиттэн саҕалаан, номнуо онно бэлэмнэнэн эрэллэр. Толкуйдаан көрдөххө, эмиэ даҕаны сөп курдук, эксээмэн туһугар оҥоһуллар дьаһал. Иккис курдук, бэйэбит төрөөбүт тылбытын толук ууран туран атын омук тылларын үөрэтэрбит эмиэ да өйдөммөт.
Аны төрөппүттэрбит даҕаны, биир кэлим эксээмэннээх биридимиэккэ улахан болҕомтону ууруохха наада, саха тылын ама ким билбэт үһүө диэн улахаҥҥа уурбаттар. Онон оскуола да, төрөппүт даҕаны өттүттэн, төрөөбүт тылга аахайбат сыһыан баар.
Идэттэн тэйии
Тыа сирин оҕолоро син сахалыы тыыннарын илдьэ сылдьаллар. Ону даҕаны, кэлин улуус кииннэригэр үөрэнэр оҕолор нууччалыы чыбыгыраһаллар дииллэр. Куорат оҕотун биир кыһалҕата диэн, төрүт дьарыктан, идэттэн тэйии. Баара-суоҕа икки көлүөнэ иһигэр улахан уларыйыы барда. Оттон күннээҕи дьарыктан тэйии тылы умуннарар. Холобура, былырыын күһүн саха тылын учуутала, куорат аныгы оҕото “оҕус” уонна “атыыр оҕус” диэни араарбат диэн этэн турардаах. Улаатан эрэр оҕолортон туоһулаһан көрбүтүм, чахчы оннук эбит. Сорохтор оннооҕор хотуур туохха туттулларын, ону хайдах таптайалларын, омурҕан диэн тугун билбэттэр. Ити курдук төрүт дьарыктан тэйии тылы туттубат буолууга, сыыйа умнууга тиэрдэр. Баар кыһалҕаны өйдүүр, мин билэрбинэн, “Айыы Кыһата”, Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх оскуолаларын салайааччылара, учууталлара, кинилэр төрөппүттэрин кытта түмсэн үөрэнээччилэрин сайын аайы эспэдииссийэҕэ илдьэллэр, төрөөбүт дойдуларын, өбүгэлэрин төрүт дьарыктарын билиһиннэрэллэр, балыктаталлар, уус кыһатын көрдөрөллөр. Сырыыларын былаһын тухары итиниэхэ сыһыаннаах тыллары барытын билиһиннэрэ сылдьаллар.
Түмүк
Түмүккэ икки суолу бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бастатан туран, кэлин, төрөөбүт тылбыт туһугар ис сүрэхпититтэн “ыалдьыбаппыт”, тиһэҕэр тиийэ турууласпаппыт, кураанах куолунан эрэ олоробут дуу, диэх санааҕа кэллим. Тоҕо диэтэххэ, тылбытын оннунан, чөл хаалларыынан эрэ муҥурданар курдукпут. Күн бүгүн сайыннарар, ба-
йытар, хаҥатар туһугар улаханнык ылса, үлэлэһэ иликпит. Сороҕор, саба баттыыр да түгэннэр бааллар. Ким эмэ туруулаһаары гыннаҕына “оройго охсуллар”, националист аатырар. Куоракка соҕотох уу сахалыы тыллаах “Айыы Кыһатын” хайдах курдук “эккирэтэн” эрэллэрин бэйэҕит көрөҕүт.
Иккиһинэн, сахатытыы боппуруоһа уустук. “Сахалыы таба суруйуу тылдьыта” тахсыаҕыттан син туһанар курдукпут эрээри, билигин даҕаны мөккүөр үгүс. Ыраата барбакка сахалыы тыллаах хаһыаты ылан көрдөххө, биир тыл араастык суруллар. Холобура, “колледж”, “кэллиэс”, “халлыас”. Хайата сөбүй? Эбэтэр “институт”, “үнүстүүт”, “үнүстүтүүт” дуу? Дьиҥэр, Арассыыйа хас биирдии гражданина буруйу оҥордоҕуна сокуонунан эппиэккэ тардыллар. Хас биирдии сыыһа саҥарбыт, суруйбут киһини миэрэҕэ тардыҥ диэбэппин эрээри, “Таба суруйуу тылдьыта” син биир сокуоҥҥа тэҥнээх буолуохтаах этэ. Онон, ити этиллибит санааларга олоҕуран, ааҕааччы бэйэҥ түмүк оҥостон эрдэҕиҥ. Төрөөбүт тылбыт тыыннаах хаалыыта бэйэбититтэн, хас биирдиибититтэн эрэ тутулуктаах.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.