“Тыл кыһалара” Өктөм лицеистарын кытары көрүстүлэр

11.03.2017
Бөлөххө киир:

Суруйааччы олоҕу хайдах көрөрүй? Хоһоон иэйии киирдэҕинэ эрэ айыллар дуу эбэтэр күн аайы дьарыктаатахха эмиэ суруллар дуу? Бу туһунан Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин үөрэнээччилэрэ бэҕэһээ “Тыл кыһата” эдэр суруйааччылар түмсүүлэрин кытары көрсүһүү кэмигэр кэпсэттилэр.

https://edersaas.ru

Көрсүһүүгэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Тыл кыһата” эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин салайааччыта, поэт Гаврил Андросов, “Дьокуускай” авиапорт пресс-киинин үлэһитэ, поэтесса, Өктөмнөөҕү лицей выпускнига Саргылаана Сандаар уонна “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, прозаик Аграфена Кузьмина кытыннылар. Тэрээһин кэмигэр кинилэр айар үлэлэрин билсиһиннэрдилэр, үөрэнээччилэр, учууталлар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.
Манна даҕатан эттэххэ, үөрэх киинин иһинэн 2008 с. саҕалаан литературнай бөлөх үлэлиир эбит. Манна оҕолор хоһоон, кэпсээн суруйарга холоноллорун таһынан, хаһыат, буклет оҥорон таһаараллар. Онон ыйытыылара да сүрдээх интэриэһинэй буолла. Айар үлэнэн дьарыктаныы хайдаҕын, билиҥҥи суруйааччы олоҕу хайдах көрөрүн, кэпсээн, хоһоон хайдах айылларын ордук интэриэһиргээн туоһуластылар.
Маны таһынан бу күннэргэ кинилэргэ нуучча классик суруйааччыта Александр Пушкиҥҥа аналлаах саала аһыллыбыт. Бу сааланы нуучча тылын уонна литературатын учуутала Ольга Осипова иилээн-саҕалаан тэрийэн оҥорбут. Онон Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин бу нэдиэлэҕэ литератураҕа сыһыаннаах икки улахан тэрээһини ыытан, үөрэнээччилэригэр уус-уран айымньыны ааҕыыга икки бүк интэриэһи үөскэттэ.

https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0