ОЛУННЬУ 13 КҮНЭ – ИЙЭ ТЫЛ УОННА СУРУК-БИЧИК КҮНЭ!!!
ЫТЫК-МААНЫ ДЬОММУТ! ЭДЭР ЫЧЧАТ!
Аан дойду төрүт олохтоох норуоттарын тылларын сылын,
Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управлениета,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ,
Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай института,
Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһа,
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театра,
Олоҥхо театра
2019 сыл олунньу 13 күнүгэр 18 чаастан
Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай театрыгар
Тыл, Култуура, Театр – ҮС УЛУУКАН ҮРДЭЛ
Киэҥ түһүлгэтигэр,
Дьоро туонатыгар
Ыҥырабыт!
Түмсүөҕүҥ!
Сомоҕолоһуоҕуҥ!
Үөрүөҕүҥ-көтүөҕүҥ!
“Кэмниин тэҥҥэ
Дьоммун кытта
Кэхтибэккэ сайдыахтын
Кустук өҥнөөх,
Кымыс сыттаах
Сахам аптаах саҥата!”