Тыйаатырга таҥныы этикиэтин умуннубут

15.01.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

“Тыйаатырга көрөөччү  этикиэтэ, култуурата” диэн тиэмэҕэ көрөөччүгэ, артыыска уонна  тыйаатырга сылдьыы быраабылатыгар сыһыаннаах элбэх өрүтү ырытыахха, дьүүллэһиэххэ сөп. Оттон биһиги чуолаан тыйаатырга таҥнан кэлии этикиэтин ырытан көрөргө холоннубут.

Харахпар, ааспыт үйэлэргэ тыйаатырга кэлэр кэрэ аҥаардар  уобарастарын ойуулаан көрөбүн. Үгүстэрэ сиргэ соһулла сылдьар эбэтэр уһун былаачыйалаахтар, санныларыгар күндү түүлээҕи быраҕыммыттар,  кырасыабай бүрүчүөскэлэригэр араас кээмэй­дээх сэлээппэлээхтэр (куорсуннаах буолуон сөп), нарын-намчы оһуордаах бэрчээккилээхтэр, клатч-суумкалаахтар уо.д.а.

“Тыйаатыр таҥас ыйыыр сиртэн саҕаланар”

диэн мээнэҕэ эппэттэр. Тыйаатырга кэлбит киһи аан бастаан кинини көрсөр үлэһит сирэйин-хараҕын олоруутун, таҥаһын-сабын көрө түһэр. Эйигин истиҥ мичээринэн, үөрэ-көтө эҕэрдэлэһэ көрсөр буоллахтарына, бу тыйаатырга кэлэн сыыстарбатаххын билэҕин. Оттон киирэр ааҥҥа көрөөччүгэ болҕомтотун уурбат, аат эрэ харата үлэлии турар киһини көрдөххүнэ, настарыанньаҥ да түһүөн сөп. Таҥас ыйыыр сиргэ эмиэ биир оннук. Кыһыҥҥы кэмҥэ ыарахан саҥыйахтары, соннору ыйыыр, ылан биэрэр ыксаллаах үлэ ыараханын өйдүүгүн эрээри,  көрөөччү таҥас биэрээччиттэн син биир үчүгэй сыһыаны ирдиир.

Урут Опера уонна балет ты­­йаатырыгар  бэйэтигэр сөрү сөп көстүүмнээх, чөкө бэйэлээх бүрүчүөскэлээх, нууччатыҥы сирэйдээх эрээри сахалыы сайаҕастык саҥаран үөрэ-көтө көрсөр  балет бастакы көлүөнэ артыыстарыттан биирдэстэрэ Нина Павловна Колесованы суох­туу саныыбын. Оттон Саха ты­­йаатырыгар эйигин эрэ күүппүттүү  көрсөр, тас таҥаһыгар, атаҕын таҥаһыгар, бүрүчүөскэтигэр  куруук ураты болҕомтотун уурар сүрүн администратор Лидия Ивановна Сахатаеваны кэрэхсиибин. Тыйаатырга кэлбит киһи үксэ кинини ала-чуо бэлиэтии көрөрүгэр саарбахтаабаппын. Этэргэ дылы, тыйаатырга таҥнан кэлии эталонун киниэхэ көрүөххэ сөп.

Кэм-кэрдии уларыйан, билигин киирэр сиргэ эйигин бары биир таҥастаах үлэһиттэр көрсөллөр.

Көрөөччү хайдах таҥнан кэлэрий?

Кэрэни кытта эҥээрдэһэ тии­йиэхтээх киһи, бастатан туран, хайдах таҥнан, тугу кэтэн  барарын толкуйдуу түһэр. Биллэн турар, ол таҥаһыҥ үлэҕэ кэтэр таҥаскыттан атын буолуохтаах.  Сорох дьон ханнык тыйаатырга: операҕа, балекка, дыраамаҕа, аныгы тыйаатырга барарыттан көрөн таҥаһын талар.

Ким хайдах таҥнан кэлбититтэн  кини тыйаатырга уопсай сыһыанын, өйдөбүлүн эмиэ сыаналыахха сөп. Билигин урукку буол­батах, хомойуох иһин,  олуонатык таҥнан кэлбит көрөөччүнү көрсүөххэ эмиэ сөп. Хара үлэҕэ кэтиэххэ сөптөөх ыстаанынан, өҥө сүтэн хаалбыт футболканан, дискотекаҕа аналлаах  аһаҕас таҥаһынан, быыллыйан хаалбыт кроссовканан уо.д.а. кэлбит көрөөччүлэр эмиэ баар буолаллар. Оттон атын дойдуларга бэл, джинсынан кэлэри сөбүлээбэттэр, быраабыланы кэһии курдук ылыналлар.

Тыйаатырга кимиэхэ да маарыннаабат, ураты кырасыабай таҥастаах, муодунай көрүҥнээх көрөөччүнү көрдөҕүнэ, хайа киһи санаата көнньүөрбэт, кэрэхсээбэт буолуой?

Аныгы стилистэр этиилэрэ

Кэм-кэрдии аастаҕын аайы муода,  таҥас-сап уларыйар, урукку быраабылалар умнуллан, саҥа эстиэтикэ үөскүүр, көрөөччү бэйэ­тигэр хайдах табыгастааҕынан таҥнар буолан иһэр. Онуоха урут мааны таҥаһы тыйаатырга эрэ кэтиллэр эбит буоллаҕына, билигин оннук быраабыланы ир­­диир тэрээһин эгэлгэтэ элбээбитэ, баҕар, эмиэ  төрүөт буолара буолуо. “Билигин тыйаатырга барарга  офиска ирдэниллэр дресс-кодка  чугаһыыр уобараһы толкуй­дуохха сөп. Ол эбэтэр сорохтор  урут  кроссовканы офиска да  кэппэт буоллаххына, билигин былаачы­йаны, бүрүүкэлээх көстүүмү кытары кэтиллэр, онон тыйаатырга да кроссовканы кэтэн тиийэр алдьархай буолбатах”, –  дии саныыллар.

Ким эрэ: “Олохпут тэтимэ да  түргэтээн, култуура тэрээһиннэригэр бараргар таҥас уларыттарга, үгэс буолбут этикиэти тутуһарга бириэмэ да тиийбэт”, –  диэҕэ.

Яна Поскачина, Саха тыйаатырыгар 15 сыл сүрүн администраторынан үлэлээбитэ:

– Мин санаабар, ханнык баҕарар тыйаатырга кэлэргэ  хайаан да dress code (таҥас кодекса – англ.) баар буолуохтаах. Ити урукку кэмнэргэ тутуһуллар этэ, дьон саамай мааны таҥаһынан кэлэрэ. Биһиги көлүөнэ тыйаатыры ускуустуба храмынан билинэ үөрэммиппит.

Ыччат, биллэн турар, тугу баҕарбытынан, көҥүллүк таҥнан кэлиэн сөп. Ол эрээри, успуорка кэтиллэр көстүүмүнэн, шортигынан буолбатах! Туох да диэбит иһин, үгэстэри тутуһуллуохтаах.

Ольга Иванова, тыйаатырга сүгүрүйээччи:

– Мин үлэбинэн Щепкин аатынан тыйаатыр устуудьу­йатын бүтэрбит артыыстары кытары алтыспыт буоламмын, Анна Ивановна Кузьмина көлүөнэтин артыыстара ити тиэмэҕэ кэпсэтэллэрин истэр этим.

Кинилэр кэпсээбиттэринэн, Каландара­швили уулуссаҕа дьиэлэнэн үлэлээбит тыйаатыр көрөөччүтэ олох атын эбит. Ол саҕана тыйаатыртан атын аралдьыйар да сир суох буоллаҕа. Аны испэктээк кэнниттэн хайаан да үҥкүү буолара.  Онон, дьон сынньана кэлээри, этэргэ дылы, атахтарыттан төбөлөрүгэр тиийэ, ымпыгар-чымпыгар тиийэ оҥостон, уларыттар түүппүлэ, чараас былаачыйа кэтэллэрэ.

Онтон билигин, мин санаабар, ордук сахалыы тыллаах тыйаатырдарга  таҥастарыгар-саптарыгар суолта уурбат курдуктар  (биллэн турар, үчүгэй таҥастаахтар да бааллар). Дьокуускайга Нуучча тыйаатырыгар сылдьар дьүөгэ кыргыттарым кэпсииллэринэн, Нуучча тыйаатырыгар киирдэххинэ, олох атын сиргэ дуу, дойдуга дуу кэлбит курдук сананар үһүгүн. “Маннык көрөөччүлэр ханнык куоракка олороллоруй дуу, атын сиртэн кэлбиттэр дуу диэх курдук ураты буолаллар. Киэһээҥҥи бы­­лаачыйалаах, санныларыгар түүлээҕи эбэтэр күндү былааты саба быраҕыммыт кэрэ аҥаардар олус элбэхтэр. Москва, Питер улахан тыйаатырдарыгар курдук бэлэхтиир да сибэккилэрин дьөрбөтө сыаналаах буолар”, – диэн кэпсээччилэр.

Москва тыйаатырдарыгар джинсы ыстаанынан кэлбит биир да киһини  көрбөккүн. Олус маанымсыйаллар, кэрэ оҥоһуулаах сапсынардаах, күндү былаачыйаларыгар дьүөрэлии кырачаан суумканы кыбына сылдьар көрөөччүлэр элбэхтэр.

Мин санаабар, таҥнан кэлии, тыйаатырга сылдьыы сиэригэр-туомугар, үгэстэригэр көрөөччүнү иитиэххэ наада. Көрөөччү буолуу – туспа үөрэх, ускуустуба.

Сүбэлэр

– Үлэҕэр арыый бырааһынньыктыы таҥаскын кэтэн кэлэн эбэтэр дьыалабыай көстүүмҥэр туох эмэ аксессуары эбэн биэр. Бүрүүкэ көстүүмҥүн эбэтэр харандаас-дьууппаҕын кытта сырдык куоптата кэт.

– Эр дьоҥҥо арыый судургу: хараҥа өҥнөөх көстүүм, биир өҥнөөх сырдык ырбаахы уонна хаалтыс. Запонкалаах, бабочка-хаалтыс­таах, моойго былааттаах буолуохха сөп.

– Санна аһаҕас  уһун ырбаахыны, шпилька хобулуктаах түүппүлэни, смокиннары уонна бабочка­лаах хаалтыстары операҕа уонна гала-кэнсиэртэргэ кэтэн кэлии булгуччута суох.

– Дьахтар киһи сайын дьиҥнээх эбэтэр ускуус­тубаннай солко, вискоза матырыйааллаах ханнык баҕарар ырбаахыны кэтиэн сөп.

– Киэһээҥҥи былаачыйалары билигин киэҥ хабааннаах тэрээһиннэргэ, улахан сыаналарга туруо­руллар премьераларга кэтиэххэ сөп. Холобур, Венскэй операҕа дресс-код – хас биирдии көрөөччүгэ булгуччулаах быраабыла.

– Кыһыҥҥы кэмҥэ халыҥ баархат, дьиҥнээх сиэрис матырыйааллаах, уһун сиэхтээх былаачы­йалары кэтиэххэ сөп. Санна аһаҕас буоллаҕына, саал былааты, палантины эбэтэр улахан былааты саба быраҕыллар.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1