Тыйаатыр Турантаевтара

Ааптар: 
28.03.2017
Бөлөххө киир:

Тыйаатыр күнүнэн сибээстээн, Мария, Геннадий Турантаевтартан интервьюта ыл диэн сорудах биэрбиттэригэр, үөрүүнэн сөбүлэстим. Тута Марияҕа төлөпүөннээбиппэр, өрүү буоларын курдук, иллэҥэ суох быһыылаах: “Сөп, Генаҕа этиэм”, — эрэ диэн хардарда. Сарсыныгар бириэмэ болдьоон, Саха тыйаатырыгар көрсөн, чаастан ордук сэһэргэстибит.

Людмила ПОПОВА. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


Спортсментан артыыска

Сахалар ынах маҥыраһан, киһи кэпсэтэн билсэр дииллэр. Хантан хааннааххытый, кимтэн кииннээххитий?

Геннадий: Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин Үрэх Күөрэ диэн учаастагыттан төрүттээхпин. Төрөппүттэрим Марина Николаевна, Николай Лаврентьевич бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаахтар. Билигин куоракка миэхэ киирэн кыстыыллар, сайынын бары тыаҕа тахсабыт.

Ахсыс кылаастан Чурапчытааҕы спорт оскуолаҕа Тамара Спиридоновна уонна Павел Михайлович Стасовтар салайар оҕунан ытыы салаатыгар түөрт сыл дьарыктаммытым, кандидат нуорматын толорбутум.

Спорт оскуолаҕа үөрэммит буолан баран, тоҕо артыыс идэтин талбыккыный?

— Дьэ, бэйэм даҕаны муодарҕыыбын. Арааһа, дьылҕам оҥоһуута оннук быһыылаах. Оскуолабар “культмассовиктыыр”, ди-джейдиир, оҕолору мунньан сыаҥка туруорар этим. Оннооҕор “Кукаакы кулуба” диэн испэктээги туруорбуттаахпыт. Кырабыттан сыанаҕа талаһарым. Ити курдук, спордунан дьарыктана сылдьар дьон ортотугар туспа эйгэлээх дьон эмиэ бааллара. Биир үтүө күн дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Любовь Тимофеевна Егорова кэлэн: “Щепкин диэн туох үөрэх кыһата буоларын билэҕин дуо? Бэрт сэдэх түгэн тосхойдо”, – диэтэ. Мин хантан билиэхпиний. Мэлигир. “Саха тыйаатырын артыыстара бары онно үөрэммиттэрэ. Артыыс буолуоххун баҕараҕын дуо? Эйигин бу эйгэҕэ ордук дьоҕурдаах курдук көрөбүн”, — диэтэ. “Билбэппин, буолуохпун баҕарабын быһыылаах”, — диэн аат эрэ харата хоруйдаатым. Өр-өтөр буолбата, Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера Валентина Пинигина улуустан артыыс буолуон баҕалаах 12 оҕону хомуйан, Саҥа дьыл кэнниттэн тута бэлэмнээн барда. Ол быыһыгар, билигин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар артыыһынан үлэлиир Аня Иванова (Флегонтова), Хайахсыттан Коля Протасов, Чыаппараттан Афоня Сокольников баарбыт, төрдүөн үөрэххэ киирбиппит. Валентина Дмитриевна монологпутугар, үгэбитигэр, хоһооммутугар, этюд оҥорооһунугар тиийэ барытыгар бэлэмнээбитэ. Ол түмүгэр, ахсыа буолан абитуралыы диэн куораты буллубут. Биир миэстэҕэ 25 кэриҥэ оҕо этэ. Үс күннээх түүнү тура диэх курдук кытаанах түһүмэхтэри ааһан, үөрэххэ киирэн хаалбыппыт. Аҕам олох сөбүлээбэтэҕэ: “Тугун эмиэ артыыһай, муҥ саатар, тренер эҥин буолуоххун”, — диирэ. Сэттэ сылы быһа күүппүт-кэтэспит соҕотох оҕолорун Москваҕа ыытан кэбиһэллэрэ ыараханын, билигин эрэ кэлэн өйдүүбүн. Интэринээккэ олорбут буолан, таҥаспын-саппын барытын бэйэм көрүнэрим.

Устудьуон олоҕо

Тиийэн баран, сахалар бары даҕаны сыл аҥаара курдук адаптацияны кыайан ааспакка, күнүһүн утуктуу сылдьарбыт, киэһэтин уһуктарбыт. Хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үөрэтэллэрэ. Биир интэриэһинэйэ диэн, испэктээххэ оонньуурбутугар, кэпсэтэрбитигэр даҕаны сахалыы саҥарар этибит. Тоҕо диэтэххэ, национальнай устуудьуйа этибит. Биһигиттэн ураты кэриэйдэр, киргизтэр, чуваштар, осетиннар устуудьуйалара баара. Преподавателлэрбит, хата, кимнээҕэр ордук өйдүүллэрэ. Бэл, сыыһа саҥардахпытына кытта тута сэрэйэллэрэ. Төрөппүт оҕолорун курдук сыһыаннаһаллара. Саха тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Павлович Николаев тиийдэҕинэ, букатын аҕабыт кэлбитин курдук саныырбыт. Олус элбэхтик кэпсэтэрэ, кэпсиирэ, быһаарара, эксээмэн кэмигэр тиийэн нэдиэлэ курдук өйбүтүн-санаабытын бэлэмниирэ.

Бастакы маастарбыт Владимир Монахов икки сыл курдук үөрэтэн баран, уурайбыта. Кини оннугар Владимир Селезнев киирбитэ. Биллэр артыыстартан биһигини кытта Алексей, Андрей Чадовтар, Татьяна Арнтгольц балтытыныын, Игорь Петренко, Екатерина Климова о.д.а. үөрэммиттэрэ. Бүтэрэн баран сахалар бары дойдубутугар кэлбиппит, ким да хаалбатаҕа. Эрдэттэн дуогабардаах буолан, үлэ көрдөөһүнүгэр “төбөбүт ыалдьыбатаҕа”. Ити курдук, Любовь Тимофеевна салайыытынан, артыыс буолан хаалбытым.

Артыыс идэтин талбыккыттан биирдэ даҕаны кэмсиммэтэҕиҥ дуо?

Геннадий: Эдэр эрдэххэ ханна барыай, кэмсинэр кэмнэрдээҕим. Хамнас да кырата, олорор дьиэбит даҕаны суоҕа. Ити кэмнэргэ киһи барыта толкуйданара.

Дьокуускай-Москва рейс

Турантаевтар дьиэ кэргэн хайдах үөскээбитэй?

Мария: 1998 сыллаахха Москваҕа үөрэнэ барарбытыгар дьүөгэбин Машаны, артыыс үөрэҕэр баран эрэр Геналааҕы кытта, бары биир сөмөлүөтүнэн көппүппүт. Геналааҕы бэрт элбэх киһи, артыыһыгар тиийэ атаарбыттара. Саха тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Павлович Николаев Москва аэропордугар баар этэ. Биһигини биир дойдулаахпыт устудьуон уол көрсүбүтүн үрдүнэн, Москваҕа маҥнай тиийбиппитин истэн баран, Щепкин аатынан училище уопсайыгар хоннортуу илдьибитэ. Нөҥүө күнүгэр университеппытын булан барбыппыт.

Саха тыйаатырын кылаабынай режиссера Руслан Тараховскайы, артыыс Лена Маркованы (Яковлева) кытта Үөһээ Бүлүү гимназиятыгар бииргэ үөрэммиппит. Мин Потребкооперация Судаарыстыбаннай университетыгар экэнэмиис идэтигэр киирбитим. Гена Русланныын биир хоско олороллоро, үс бииргэ үөрэммит кыргыттар Руслаҥҥа ыалдьыттыы тиийэрбит. Генаны кытта онно билсибитим. Саха оҕолоро оччолорго аҕыйах этибит, онон олус түмсүүлээхпит. Икки сыл курдук билсэн баран, 2001 сыллаахха ыал буолбуппут.

Дьиэҕитигэр сүрүн оруолу ким ыларый?

Геннадий: Дьиэбитигэр тугу барытын иккиэн сүбэлэһэн быһаарабыт. Билигин дьонум биһиэхэ баар буолан, биир улахан ыал курдук олоробут. Улахан кыайыыбыт диэн – саҥа кыбартыыра ыллыбыт. Кыыспыт Кыдаана маҥнайгы кылааска үөрэнэр. Эһээлээх эбээтэ киирэн оскуолаҕа, эбии дьарыкка таһан абырыыллар. Испэктээктэри бэркэ сэргээн көрөр. Тыйаатыр артыыстарын барыларын билэр. Испэктээх кэнниттэн хайаан даҕаны санаатын үллэстэр, сороҕор кириитикэлиир. “Манчаары” диэн испэктээххэ миигин таһыйалларын көрөн баран: “Ити, Барыыһап Бааска куһаҕан баҕайы киһи. Эйигин таһыйда”, — диэн күллэртээн турардаах. Быһааран биэрдэхпит дии. Үҥкүүнэн, гимнастиканан дьарыктанар. Сахалыы эйгэҕэ иитэргэ дьулуһабыт. Ол эрээри, икки тылынан ыраастык саҥарар.

Артыыс диэн — диагноз

— Тыйаатыр эһиги олоххутугар туох суолталааҕый?

Геннадий: Олус улахан суолталаах. Үлэ даҕаны буолбатах. Холобур, сорохтор, артыыс диэн идэ буолбатах, диагноз дииллэр. Артыыс киһи айылҕаттан артыыс буолан төрүүр эбит. Талаана суох, баҕата суох киһи ханнык да “ыарыыга ылларбат”. Оттон баҕалаах киһи онто суох ыалдьан, уһун кэмҥэ сыанаҕа тахсыбатаҕына, кыйыттан барар.

Мария: Ылбычча киһи төһө да сэттэтэ үөрэммитин иһин, артыыс буолар кыаҕа суох эбит. Артыыс идэтин баһылааһын элбэх үлэттэн уонна сыраттан турар. Ол курдук, олонхо эйгэтигэр эмиэ ыллыҥ да биирдэ баар буола түспэккин. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар төрүт култуура кэнсиэпсийэтэ саамай муҥутуу сайдан турар чыпчаала этэ. Төрүт култуура, Кыыс Куо, Үрүҥ Уолан диэн биридимиэттэр бааллара. Онон биһиэхэ Айыы үөрэҕэ, олоҥхо, тойук, фольклор чугас буолла быһыылаах.

Аан маҥнайгытын Саха тыйаатырын испэктээгин “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхону Москваҕа көрбүтүм, «Көмүс мааска» куонкуруска тиийэ сырыттахтарына. Ити барыта түмүллэн, Олонхо тыйаатырыгар үлэлии кэлэрбэр олук уурбут буолуон сөп эбит.

Геналыын биир дьиэҕэ баарбыт эрээри, тус-туһунан эйгэҕэ үлэлиибит. Олоҥхо тыйаатыра атыттартан уратыта диэн испэктээктэри эрэ туруорбат. Ону таһынан, өссө араас тэрээһиннэри ыытар. Олоҥхо ыһыаҕын ыытыһабыт, Олоҥхо декадатын тэрийэбит, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ эҥин барытыгар кыттыһабыт.

Экэнэмиистэн — тыйаатырга

Мария, оттон эн экэнэмиис идэлээх киһи тыйаатырга хайдах кэлэн хаалбыккыный?

— Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан юрист буолар ыра санаалааҕым. Ол эрээри, экэнэмиис идэтигэр киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран, «Холбос» техникумун кытта дуогабардаах буолан, преподавателлээбитим. Онтон салгыы тутуу фирматыгар буҕаалтырдаабытым. Ол сылдьан оҕо сааһым ыратын толорон, юридическайга туттарсыбытым. Саха тыйаатырыгар миэстэ тахсыбытыгар юриһынан киирбитим, ону сэргэ, Дьокуускайдааҕы экономико-правовой институкка сэттэ сыл үлэлээбитим. «Финанса уонна кирэдьиит» кафедратыгар преподавателлээбитим. 2009-ка Ыччат сылыгар ыытыллыбыт аан маҥнайгы “Миниистир” дьыалабыай оонньууга кыттыбытым. Ол түмүгэр, каадыр резербэтигэр киллэрбиттэрэ. 2010 сыллаахха Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Виталий Гаврильевич Власов юриһынан ыҥырбыта. 2011 сыллаахха Андрей Саввич Борисов «Духовный потенциал общества в инновационном развитии Якутии» диэн тэрээһиҥҥэ салайааччынан ыҥырбыта. Онтон 2012 сыллаахха толорооччу дириэктэринэн анаабыттара.

Командировкаттан биир түгэн

Командировкаҕа элбэхтэ сылдьар буоллаххыт. Туох эмэ мүччүргэннээх түгэннэртэн кэпсии түспэккин ээ.

Геннадий: Гостуруол кэмигэр үксүгэр кулууптарга түһэбит. Хонор дьиэбитин-уоппутун аһаттарбыт да, арыт тыас-уус син биир иһиллээччи, күлүктэр даҕаны көстөөччүлэр, ааны арыйаллар, хайыаххыный, хараххын быһа симэн баран сытарга эрэ тиийиллэр. Олортон биир түгэни кэпсиэхпин сөп. Былырыын арҕаа улуустартан (биллэр төрүөтүнэн улууһун, нэһилиэгин ыйбаппын) биирдэстэригэр командировкаҕа бара сырыттахпытына, арай, ааным аһылын да аһылын буолла. Уолаттарым бары утуйа сыталлар. Ытаһалыы-ытаһалыы сабабын, син биир арылла турар. Наушникпын уһуллум, арай, доҕолоҥ киһи хаамара уонна талаҕынан муостаны таһыйар тыаһа, ыарахан баҕайытык тыынара иһиллэр. Уу, олох бу кэллэ диэн ыксаатым да, ойон тураат, хоспун аһаппытынан бардым. Арыый уоскуйан, сытан баран утуйдум. Сарсыарда туран ыйыталастым, ким даҕаны истибэтэх. Арай, Айсен Лугинов диэн эдэр артыыс эрэ сирэйэ-хараҕа турбут. Кини эмиэ истибит эбит.

Киинэ, тыйаатыр, түмэл

Турантаевтар дьиэ кэргэн иллэҥ кэмҥитин хайдах атаараҕытый?

Гена: Киинэҕэ сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Икки-үс сеанска биирдэ сылдьабыт. Урут нон-стоптан арахпат этибит. Кэлин сааһыран диэбиккэ дылы, тохтоотубут.

Мария: Гена хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаларын мунньабын. Ордук ийэм, аҕам мунньар үгэстээхтэр. Барытын хомуйан ууран иһэллэр. Кыралаан быысыбайдыыбын, уруһуйдуур этим да, кэлин иллэҥ бириэмэ да кырыымчык курдук, туора уурбутум быданнаата.
Улахан асчыта суохпун. Сынньалаҥ күннэрбэр эрэ астыыбын. Үксүгэр Ген
а астыыр. Мин саамай сөбүлүүр бүлүүдэм эриллибит убаһа этин тоҥнуу туустаан-тумалаан бэлэмнээһин буолар.
Сайын хайаан даҕаны Чурапчыга тахсабыт. Кыыспыт сайыҥҥы сынньалаҥын аҥаарын мин дьоммор Үөһээ Бүлүүгэ атаарар. Онтон от ыйыгар уоппускабытын ыллахпытына, бары Чурапчыга тахсабыт. Биирдэ эмэ соҕуруу баран сынньанан кэлэбит.
Устудьуоннуур сылларбытыгар түмэллэри, тыйаатырдары кэрийээччибит. Артыыс идэтигэр үөрэнээччилэргэ киириитэ босхо этэ. Мин Гена үөрэҕэр наһаа ымсыырааччыбын. Б
иһиги, экономистар, өрүү кумааҕыны бэрийэр буоллахпытына, артыыстар грим оҥосторго үөрэнэллэрэ, түмэллэргэ тиийэн хартыыналары үөрэтэллэрэ, ыллыыллара, үҥкүүлүүллэрэ, артыыс маастарыстыбатын уруогар сыанаҕа тахсан оонньууллара көрдөххө барыта наһаа үчүгэй.

Кинигэ ааҕарбын ордоробун. Киинэ курдук барыта харахпар көстөн кэлэргэ дылы. Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары”, Николай Якутскай “Төлкө”, Далан “Бүтэй Бүлүү” кинигэлэрин ойуччу тутабын. Бүтэһигин Ренсом Риггз “Дом странных детей” арамаанын аахпытым. Уопсайынан, кинигэтин ааҕан баран киинэтин, сыанаҕа туруоруутун тэҥнээн көрөр “ыарыылаахпын”. Ол иһин бу “Сааскы кэми”, “Төлкөнү” кэтэһэ сылдьабын.

Геннадий: Дьонум биһиэхэ киириэхтэриттэн ыла астыырым өссө аҕыйаата. Тиксиигэ гостуруолга бара сылдьан “Таймылырка” диэн бэртээхэй бүлүүдэ ырысыабын билэн кэллим. Алаадьы тиэстэтин арыый хойуу оҥороллор эбит, буһа түспүтүн кэннэ таба фаршын кутан баран иккис өттүн салгыы буһараллар. Убаһа этиттэн бэркэ табыллыыһы.

Бөдөҥмүн-садаҥмын көрүмэ, аспар олус бириинчикпин. Тоҥ эти, балыгы, куһу, куобаҕы букатын сиэбэппин. Ол эрээри,  булка син биир кыралаан сылдьабын. Анды болдьоҕо биллэрилиннэ да, аймахтар мустан андылыы тахсабыт.

Кыралаан кинигэ ааҕабын. Кэлин Егор Неймохов “Хапсыһыытын” аахпытым. Сүнньүнэн, биллэр-көстөр дьон олохторун интэриэһиргиибин.

Аныгы кэми анаарыы

Билиҥҥи кэми хайдах ылынаҕытый, урукку кэмҥэ холоотоххо, олох-дьаһах хайа хайысхаҕа баран иһэр курдугуй?

Мария: Мин — ССРС норуодунай учуутала М.А.Алексеев, Гена — Саха АССР, ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин төрүттээбит оскуолаларыгар үөрэммиппит. Саха икки чулуу дьоно төрүттээбит оскуолаларыгар үөрэммиппитинэн киэн туттабыт. Дмитрий Коркин спорт, тустуу, физкультура сайдыытыгар туох баар күүһүн уурбут ытык киһи. Онтон Михаил Алексеев физико-математика хайысхатын сайыннарбыт сүдү киһи. Төһө да физика, математика, спорт хайысхатын тутуспатахпыт иһин, улахан ааттаах-суоллаах оскуолаҕа үөрэммиппит олохпутугар улаханнык туһалыыр, олук уурар эбит.

Геннадий: Оскуола, аныгы олох көстүүтүн салҕаатахха, «по якутски не понимаю» диир дьонтон букатын кэлэйэбин. Кэлин оҕоҕо олус улахан быраабы биэрэн кэбистилэр. Учууталга убаастабыл диэн букатын сүттэ. Биһиги, Сэбиэскэй кэм оҕолоро, учууталы утары да көрбөт этибит. Аныгы оҕо тыа сиригэр даҕаны, биһиги курдук мээчиктээбэт, кулуһун оттубат буолбут. Үгүстэрэ төлөпүөн, көмпүүтэр оҕолоро.

Мария: Гена этэрин кытта сөпсөһөбүн. Дьиҥнээх уонна сымыйа икки ардынааҕы дьэҥкэ сүтэ быһыытыйда. Нууччалыы “у каждого своя правда” диэн этии баар. Урут чопчу маҥан эбэтэр хара эрэ өйдөбүл баара. Билигин олохпут үксэ ол икки ардынан устар. Күн сарсын даҕаны туох буолан туруо биллибэт курдук. Сэрии эрэ буолбатын. Араас социальнай ситим киһи өйүн-санаатын олус бутуйар. Онон туһалааҕын, наадалааҕын эрэ сиидэлээн ылыахтаахпыт.

Ол эрээри, барыта куһаҕан диир эмиэ сыыһа. Холобур, билиҥҥи оҕо бары кэриэтэ физкультуранан, спордунан дьарыктанар. Оннооҕор, сноуборду кытта баһылаатылар. Хас биирдии кэм бэйэтэ туспа үтүө, мөкү өрүттэрдээх, уратылаах.

Инникитин туох былааннааххытый?

Мария: Эрдэттэн ону гыныахпыт, маннык оҥоруохпут диэн улаханнык былааннаабаппыт. Учаастакпытыгар балаҕан туттар ыралаахпыт. Былырыын дьиэбитин кэҥэттибиппит, кэлиҥҥи сылларга улахан ситиһиибит ол буолар. Киһи күннээҕи олоххо кыраттан даҕаны үөрүөхтээх дии саныыбыт.

Сэһэргэһиигит иһин махтал.

Людмила ПОПОВА. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0