Тыйаатыр сыла: Суоттулар улууска бастаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Арассыыйаҕа — Тыйаатыр, Саха сиригэр — Сомоҕолоһуу, Уус Алдан улууһугар Дьоруойдар сылларыгар аналлаах улуустааҕы “Култуура уонна спорт – сэлиэнньэҕэ” бэстибээл  буолан ааста.

edersaas.ru

Быйылгы бэстибээл уратыта диэн — Тыйаатыр сыла буолан, хас биирдии нэһилиэк тыйаатыра балтараа чаастаах  испэктээк көрдөрөр сорудахтааҕа. Суоттутааҕы народнай театр артыыстара Ленинград  куорат блокадаттан босхоломмута 75 сылыгар анаан, Иван Гоголев-Кындыл “Кэрэ көмүскэлигэр” айымньытынан, Исай Попов “Оонньоммотох оруоллар, эстибит эрэллэр” документальнай кинигэтинэн уонна Ксения Гаврильева архыыбыттан туһанан “Кэрэ көмүскэлэ” испэктээги  туруордубут.  Туруорааччы режиссер — СӨ култууратын туйгуна Варвара Стрекаловская, сценография – Алексей Портнягин, муусуканан, уотунан киэргэтии — Семен Заровняев, Владимир Охлопков, Филипп Габышев, көстүүмнэри бэлэмнээтэ СӨ култууратын туйгуна Мария Новгородова. Сценарийы  суруйда Устинья Борисова.

… Сцена — сып-сырдык. Кэрэ Нева өрүс кытылынан эдэркээн кыргыттар дьаарбайа хаамсаллар.  Саха сириттэн 34 оҕо театральнай искусство кэрэ эйгэтигэр уһуйулла кэлбит сырдык, ыраас, инникини күтэр кэрэ кэмнэрэ… Устудьуоннар кэнсиэртээн, ыллаан-туойан, сахалыы доллоһутан олоҥхолоон, оһуокайдаан дьиэрэтэн бараллар. Маннык сырдык ыраас хартыынаны олус кэрэ вальс үҥкүүнэн (үҥкүүнү туруорда тыйаатыр уус-уран салайааччыта Мария Белолюбская) арыйыытын, көрөөччү сөбүлээн, ытыс тыаһынан эҕэрдэлии көрүстэ.

Бииртэн биир талааннаах саха ыччата бэйэтэ туспа труппа буолан, үүнэн-сайдан испитэ. Ол эрээри эмискэ саҕаламмыт урусхаллаах сэрии  эдэркээн оҕолор ыра санааларын, саҥа тыллан эрэр талааннарын, ыраас  тапталларын күл-көмөр оҥорбута. Сорохтор тута сэрии толоонугар кыргыһыыга бараллар. Оттон 900 күннээх-түүн төгүрүктээһиҥҥэ олорон хоргуйууну, тоҥон өлүүнү  кытта охсуспут  саха ыччаттарын эдэркээн артыыстар итэҕэтиилээхтик оонньоон, көрөөччүнү уйадыттылар.  Ол курдук, сүрүн оруолларга “Уһуйчаана” устуудьуйа оҕолоро: Аайа – Яна Федорова, Аля – Алина Мурукова, Ася – Маша Константинова,  Владик – Аркадий Габышев, Афоня – Кирилл Заболоцкай, Дима – Саша Абрамов олус ыарахан испэктээги кыайа-хото оонньоотулар.

Бары оруолларыгар сөрү-сөпкө талыллыбыттар. Тетя Паша оруолугар Ксения Гаврильева олус долгутуулаахтык оонньоото. Кини кыыһын Роза Татаринова бэркэ табыллан оонньоон, көрөөччүнү уйадытан, ытатан ылла. Эрмитажка үлэлиир кэрэҕэ сүгүрүйээччи Ийэ дьахтар оруолун тыйаатыр артыыската Мария Заровняева ыар күннэргэ бэйэтин өйүн-санаатын  ыһыктыбат чахчы күүстээх санаалааҕын итэҕэтиилээхтик оонньоото. Профессор Головинскай оруолун тыйаатыр артыыһа Иннокентий Алексеев кыайа-хото арыйда. Уустук, ыарахан айымньыны режиссер Варвара Стрекаловская сатабыллаахтык туруоран,  4,78 баалы  ылан,  улууска  бастакы миэстэни ылары ситистибит! Иккис миэстэҕэ — Тумул народнай тыйаатыра  (4, 73 б.), үсүһү Курбуһах нэһилиэгэ  (4,66 б.) ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр.

Улууска бастакы миэстэни ылыы — суолтата олус улахан! Ол иһин биһиги күндү эдэркээн артыыс оҕолорбутугар,  “Күндээр” ансаамбыл үҥкүүһүттэригэр, Суотту орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччилэригэр, көстүүмнэрбитин тикпит иистэнньэҥнэрбитигэр Раиса Ивановаҕа, Зинаида Алексееваҕа, Туяра Ефимоваҕа, Алена Охлоковаҕа, Мариядора Гузаироваҕа, бэстибээлгэ көмөлөспүт бука бары дьоммутугар   түбүктээх үлэҕититтэн быыс булан нэһилиэкпит туһугар көмөҕүт  иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Бар дьоммутугар хас биирдии тэлгэһэттэн дойду сир тускуллаах суола тыргылла тэлэллэн, табыллыыны түстээтин, кэнчээрибит, кэскилбит кэхтибэтин туһугар саргылаах санаабытын салайан иһиэҕиҥ диэн алгыс тылын аныыбыт.

 Устинья БОРИСОВА,

Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгинээҕи

“Мичээр” СК уус-уран салайааччыта,

СӨ култууратын туйгуна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0