«Тыгын Дарханы» Лондоҥҥа көрдөрдүлэр

30.11.2021
Бөлөххө киир:

Лондоҥҥа буолбут Russian Film Week бэстибээлгэ Арассыыйа бастыҥ киинэлэрин истэригэр киирсэн, Никита Аржаков режиссердаах “Тыгын Дархан” киинэ бэҕэһээ, сэтинньи 29 күнүгэр, көрдөрүлүннэ.

Бу бэстибээл 2016 сылтан Лондоҥҥа сыллата ыытыллар. Быйыл алтыс төгүлүн ыытыллар нэдиэлэ сэтинньи 28-ахсынньы 5 күннэригэр буола турар. Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта Odeon киинэ тыйаатырыгар буолла, манна саамай улахан, бастыҥ премьералар буолар сирдэрэ.

Бырагыраамаҕа 23 толору метражтаах уонна 19 кылгас метражтаах, араас жанрдаах киинэлэри көрдөрүөхтэрэ. Түмүккэ “Золотой Единорог” диэн аан дойдутааҕы бириэмийэни туттарыахтара.

Англичаннар Арассыыйаҕа олорор норуоттар уратыларын олус дьиктиргии, сонургуу көрдүлэр. “Тыгын Дархан” киинэҕэ сылдьан баран, олус сөхпүттэрин биллэрдилэр. Олус ураты тыыннаах, түҥ былыргы олоҕу көрдөрөр киинэ, сериал да устуохха сөптөөх диэн санааларын эттилэр. Омуктар түҥ былыргы силистээх-мутуктаах төрүт култуураларын, муусукаларын, үгэстэрин сүтэрбэккэ илдьэ кэлбит норуоттары олус интэриэһиргииллэр, сыаналыыллар.

Бу саха киинэтэ аан дойду таһымыгар тахсыытын биир өрөгөй чыпчаала буолара кэрэхсэбиллээх. 

Ортоку Светлана Джонсон уонна хаҥастан бастакы кыыһа Надя Джонстон.

Англияҕа отуттан тахса сыл олорор биир дойдулаахпыт, филологическай наука хандьыдаата Светлана Джонстон киинэни билиһиннэрдэ, кэпсээтэ. Кини дойдутун кытары сибээһи тутан олорор, туох баар саха-британскай бырайыактарга көхтөөх кыттыыны ылар. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевтыын “Аар айылҕа аан дойдутааҕы пуондатыгар” (“Всемирный фонд дикой природы”) Филипп Принцы кытары үлэлэспиттэрэ.

Тыгын Дархан” киинэ 2021 сылга ХIV Бүтүн Арассыыйатааҕы “Вече” историческай киинэ бэстибээлигэр кыайбыта. Оператор Юрий Бережнов “Бастыҥ оператор”, сүрүн оруолу толорооччу Ньургун Бэчигэн “Бастыҥ артыыс” ааттарын ылбыттара.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0