Бэс ыйын саҥата. Сарсыарда 8 чаас. Доҕордоһуу болуоссатыгар оптуобустар дьону таспытынан бардылар. Ып-ыраас, күөх халлааннаах, чэмэлкэй күн үүммүт.
Үс Хатыҥҥа айан
Болуоссакка уонча оптуобус кэтэһэн турар. Тиийээти кытары: “Эһиги киинэҕэ уһулла кэллигит дуо?” — диэбитинэн, биир кыыс утары көрсөн, оптуобуска утаарда. Оптуобустар туола-туола баран иһэллэр эбит. Онон улахан кэтэһии-манаһыы суох.
Оптуобуска үксэ саастаах дьахталлар олороллор. Буолумуна, үлэ күнэ буолан, үксүн биэнсийэлээхтэр, уоппускалаахтар хото кэлбиттэр. Уопсастыбаннай түмсүүлэр, култуура тэрилтэлэрэ, батсаап бөлөхтөр хомуллан тиийэллэр эбит. Холобур, Үҥкүү тыйаатырын үҥкүүһүттэрэ, «Кыл саха» ансаамбыл музыканнара сылдьаллар. Күлсүү-салсыы, үөрүү-көтүү бөҕө, хата, кыра бырааһынньык курдук. Биир эмээхсин аттыгар олорор оҕонньору кытары билсиһэ охсон, Турцияҕа барсарга ыҥырар. “Эрийсиэхпит”, — дии-дии чачыгыраччы күлэр.
“Үс Хатыҥ” комплексы ааһааты кытары, сүүстүү миэтэрэ буола-буола, “Тыгын Дархан” диэн суруктаах ыйынньыктар тураллар. Онон, төһө да чиэски буоллар, киһи муммат эбит. Эрийэ-буруйа айаннаан, мыраан анныгар «Тыгын Дархан» национальнай, историческай киинэ уһуллар былаһааккатыгар тиийдибит.
Артыыс оруолугар киирии
Манна киһи бөҕө таҥнан аалыҥнаһа сылдьар. Таҥаһы сөп түбэһэринэн талан, суруйтаран ылаллар. Тэйиччи соҕус култуура кэллиэһин устудьуоннара дьону гримнии сылдьаллар. Дьахталлар сирэйдэрин кырааскатын сотон баран, хараҥа өҥнөөх кириэминэн биһэллэр. Онно көрдөххө, куораттан маҥан дьон кэлэн баран, дьэ, сирэлиһэн-боролуһан, сирэй-харах буолан тахсаллар, букатын уларыйан хаалаллар. Сарыы, тирии таҥаһы үтүгүннэрэн тигиллибит соннору, ыстааннары, этэрбэһи, чомпой бэргэһэни кэтээт, 17-с үйэ дьоно буола түстүбүт.
Бу кэннэ салгыы мыраан аннын диэки бардыбыт. Рупор тутуурдаах уолаттар, кыргыттар көрсөн, устар былаһааккаҕа хайдах тутта-хапта сылдьыллыахтааҕын, туох көҥүллэммэтин быһаардылар.
67 ураһа кэчигирэспит, олортон сиэдэрэй киэргэтиилээх туос Моҕол ураһа ала-чуо кылбайан көстөр. Иннигэр күөх чэчири сэлэлии аспыттар, сэргэлэргэ үп-үрүҥ биэлэр, кулуннар бааллан тураллар. Моҕол ураһа иннигэр эһэ тириитэ тэлгэммит Тыгын Дархан аар олбо5ун аттыгар былыргы чорооннор, кытыйалар тураллар. Дьиктитэ диэн, губканы кырааскалаан, үтэһэлээх эт курдук оҥорбуттар. Ыраахтан көрдөххө, дьиҥнээх эт курдук. Икки улахан симиир иһиккэ арыылаах кымыһы куппуттар. Амсайан көрдөххө, бороһуоктаах үүт эбит… Киинэ эйгэтэ диэн маннык буоллаҕа. Баччалааҕы көрөн баран, аныгы дьон сиэринэн, дьэ, хаартыскаҕа түһүү бөҕө. Бэртээхэй каадырдар үйэтийдэхтэрэ!
Үөрэппиттэрин курдук, дьон ураһаларынан тарҕаһан хааллылар. Онно дэлэйдик иһэр уу, килиэп, бирээнньик баар, онон аҕалбыт өйүөлэрин холбоон, эбиэттээтилэр, сынньаннылар. Хата, тыаллаах соҕус буолан, сөрүүн уонна бырдаҕа суох. Киинэни устарга, дьэ, анаммыт курдук, бэртээхэй күн!
Саха сирин суруйааччыларын бөлөхтөрө.
Ойуун алгыһа
Мин бириэмэ баарына, режиссер Никита Аржаковтуун кэпсэтээри, Моҕол ураһаҕа бардым. Арай, онно ойуун кыыран эрэр эбит… Манна устар бөлөх тутаах дьоно уонна ыалдьыттар — суруйааччылар Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Урсун, Баһылай Харысхал бааллар. Манна даҕатан эттэххэ, бастакы күн суруйааччылар туспа улахан бөлөҕүнэн кэлэн, уһулуннулар.
Ойууҥҥа кыаһааннара кылырдыыр таҥаһын кэтэртилэр, холумтаҥҥа уот отуннулар. Ойуун уокка сырайан, дүҥүрүн сылытта, онтон олорон эрэ оргууй охсо-охсо, сөҥ куолаһынан алҕаан барда. Балачча алҕаан баран: “Дьэ, барыта үчүгэй буолсу!” — диэн буолла. Бу – Эдьигээнтэн төрүттээх Леонид Саввин-Түмэр Ойуун. Кини “Тыгын Дархан” киинэ саҕаланыаҕыттан суолун арыйарга, моһоллору туоратарга үлэлэһэр эбит.
Оттон Никита Иннокентьевиһы кытары кэпсэтиибитин кэлэр нүөмэргэ ааҕаарыҥ.
Олоҥхоһуттар түһүлгэлэрэ.
Илистиилээх үлэ эбит
Күнүс биир чааһы ааһыыта рупордарынан дьону ыҥыртаан бардылар. Балтараа тыһыынча киһини төгүрүччү туруоран, сөҕүмэр улахан түһүлгэни төрүттээтилэр. Омуннаан эттэххэ, уҥуоргу киһи кымырдаҕас саҕа кыччаан көстөр буолла. Никита Аржаков ортотугар туран, Туймаада хочотугар устуу саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. Бүгүн Тыгын ыһыаҕа уһуллуохтаах. “Бу саха норуотугар улахан суолталаах киинэ уһуллуутугар бэйэҕит кылааккытын киллэрэ кэлбиккитигэр махтанабын. Бачча элбэх киһи кэлбитэ – саха норуота түмсүүлээҕин көрдөрөр”, — диэтэ.
Сүрүн режиссер ураһаҕа мониторунан тугу устубуттарын тута көрөн олорон, салайар. Иккис режиссер Александр Лукин ахсым атынан көтүтэ сылдьан, кини этэрин рациянан истэн, рупорунан саҥаран, уонча көмөлөһөөччүлэрин салайар. Көмөлөһөөччүлэрэ эмиэ рупордаахтар. Дьону сүүсчэкэ киһилээх бөлөхтөргө араартаатылар. Бачча элбэх киһини салайар уопуттаахтара көстөр. Онуоха, арааһа, Чурапчыга элбэх киһилээх кыргыһыы сыаналарын устубуттара көмөлөстөҕө диэн таайаҕын.
Тус-туспа мас тардыһар, хапсаҕайдаһар, оһуохайдыыр, олоҥхону истэр, атах оонньууларын көрөр бөлөхтөр баар буоллулар. Олору таһынан, хаамаайылар бөлөхтөрө түһүлгэлэринэн кэрийэ сылдьаллар. Бу кэмҥэ ыраах камералартан уонна үөһэттэн коптерынан ыһыах уопсай көстүүтүн уһуллулар.
«Умса туттуҥ!»
Салгыы уон мүнүүтэлээх тохтобулу биллэрэн, сынньата түһэн баран, аны Майаҕатта Бэрт Хара кыыһы сырсар сыанатын устуу буолла. Дьону ыга буолбакка, арҕам-тарҕам туруордулар. Дьэ, манна киинэҕэ уһуллуу эридьиэһин дьон эттэринэн-хааннарынан биллилэр. Биир да киһи ачыкыта, чаһыта суох буолуохтаах, төлөпүөн тыаһыа суохтаах. Холобур, бу иннинэ биир уол туста киирэн баран, татуировкалаах буолан, үүрүллүбүтэ. Аны туран, дьон аныгылыы кэдэччи соҕус туттан, ону-маны хантайа, олоотуу турар буолан, сэмэлэннилэр. Былыргы дьон умса туттан туран, уоран көрөр-истэр идэлээхтэр эбит. Аныгы дьон өссө этэрбэстэрин сатаан баамматтара харахха быраҕыллар.
Майаҕатта Бэрт Хара кыыһы сырсарыгар, бүрүнэн турбут тириитин киэр илгэн кэбиспитигэр, хап-хара гына гримнэммит уһун уҥуохтаах, быыппастыгас былчыҥнаах уол сүүрэн бырдааттаата. Дьон соһуйан: «Оо, тоҕо да харатай, негр курдук дии!» — диэн саҥа аллайыылара иһиллитэлээтэ. Оттон ол бэйэлээхпит, мээнэҕэ «Бэрт Хара» диэн ааттамматаҕа буолуо ээ…
Манна эбэн эттэххэ, киинэҕэ Саха тыйаатырын, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, устудьуоннар уһулла сылдьаллар. Бэркэ билэр артыыстарбыт Ирина Никифорова, Айталина Лавернова көстөллөр. Саха тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Николаев Одуну Ойуун оруолун оонньуур. Маны тэҥэ, режиссер Никита Аржаков этэринэн, саҥа тахсан эрэр артыыстары, артыыһа да суох дьону эмиэ таһаартыыр идэлээх. Артыыстар таҥастара-саптара, киэргэллэрэ олус сиэдэрэй, былыргы таҥаһы үтүгүннэрэн, дьиҥнээх сарыыттан, тирииттэн, түүлээхтэн аттарыллан тигиллибит. Учуонайдар кытары сүбэлэһэн, бары ымпыгын-чымпыгын тутуһан, 3 тыһыынчаттан тасха таҥаһы тиктэрбиттэрэ сөхтөрөр. Өбүгэлэрбит маннык таҥнан-саптан сырыттахтара диэн, долгуйа көрөҕүн.
Сүрүн оруолларга оонньуур артыыстар.
Биир сыананы биэстэ уһуллулар. Сырыы ахсын туох эрэ табыллыбатах буолан иһэр. Ол тухары дьон тулуйан турдулар. Бу кэнниттэн эмиэ сынньата түһэн баран, сэлэлии хаамыыны уһуллулар. Балачча ыраахтан хааман кэлбит кэннэ, эмиэ сыыһа буолан, төттөрү төннөн, иккистээн-үһүстээн хаамарга күһэлиннибит. Онон, күнү быһа таах турар да сылаалаах, төттөрү-таары хаамар да илистиилээх. Тугу эрэ ыараханы үлэлээбит курдук, сылайар эбиккин. Артыыстар итиини итии, тымныыны тымныы диэбэккэ, ардаҕы да ортотунан, түүннэри да хос-хос уһуллар, чэпчэкитэ суох үлэлээх дьон буолалларын итэҕэйэҕин.
Бэл, кыракый оҕолор киинэҕэ уһулуннулар.
Дьэ, ити курдук, киэһэ буолбутун билбэккэ да хааллыбыт. Төһө да сылаалааҕын иһин, умсугутуулаах эбит. Саха норуотун историятын көрдөрүөхтээх эпическэй киинэҕэ уһуллуу – чиэс-бочуот, историяҕа үйэтийии буоллаҕа. Ол иһин дьон өрө көтөҕүллэн туран, барытын тулуйан, сорохтор чугас улуустартан туохтарын барытын быраҕан, анаан айаннаан кэлэн, уһулуннулар.
Бу сиргэ бэс ыйын 22 күнүгэр диэри устуохтара. Онтон олунньуга диэри кыһыҥҥы сыаналары устубуттарын кэннэ, эһиил сайын “Тыгын Дархан” киинэни экраннарга көрүөхпүт.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа: ааптар, Андрей Сорокин, Вероника Аммосова түһэриилэрэ.
СЫЫППАРА
Киинэ 3 сыл устата уһулунна.
40 киһи устар бөлөххө үлэлиир.
3000-тан тахса таҥаһы тиктэрбиттэр.
10-ча улууска устубуттар.
1000-нан реквизит туттуллубут.
Киинэ бүддьүөтэ — 210 мөл. солк.