Биһиги албан ааттаах өбүгэбит Тыгын Дархан туһунан уус-уран киинэ уһуллуутугар саха дьоно улуустарынан-куоратынан күргүөмүнэн, олус көхтөөхтүк, өрө көтөҕүллэн кыттыбытын бары билэбит, умнубаппыт. Онон, норуот кыттыбыт киинэтэ манна өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, атын омук дойдуларыгар да ситиһиилэнэрэ, биһирэнэрэ – уон оччонон үөрүүлээх, долгутуулаах.
Ол курдук, ыам ыйын 25 күнүгэр Лондон куоракка IV Евразийскай киинэ фестивала түмүктэннэ. Бу киинэ фестивалын тэрийээччинэн кэммиэрчэскэйэ суох “Евразийская Творческая Гильдия” тэрилтэ буолар. Итиэннэ бу фестивалы британскай Romford Film Festival киинэ фестивала өйөөтө уонна бэйэтэ эмиэ кытынна. Бу сырыыга фестивальга уопсайа уон дойду кыттан, дьүүллүүр сүбэҕэ бастыҥ киинэлэрин көрдөрдүлэр.
Бу улахан, киэҥ, биллэр-көстөр фестиваль. Евразийскай киинэ фестивала, үгэс курдук, бэйэтин тула, аан дойду талааннаах режиссердарын, актердарын, продюсердарын, аниматордарын, сценаристарын түмэр. Фестиваль нэһилиэнньэ, пресса улахан болҕомтотун ылар. Манна кыайыы – улахан кыайыы! Соччонон, дьүүллүүр сүбэ сыанабылынан уонна көрөөччүлэр куоластааһыннарын түмүгүнэн IV Евразийскай киинэфестивалын Гран-при бириэмийэтин Арассыыйа, саха талааннаах режиссера Никита АРЖАКОВ «Тыгын Дархан» толору метражтаах киинэтэ ылбыта суолтата олус улахан! Эҕэрдэлиибит!
Бэлиэтээн эттэххэ, бу “Тыгын Дархан” киинэ Великобританияҕа иккис бөдөҥ кыайыыта буолар. Бэрт соторутааҕыта, олунньу ыйга киинэ айар бөлөҕө Сочига Арассыыйа-Улуу Британия норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалын түмүктэнэр сиэригэр-туомугар кыттыбыта. Манна Арассыыйа Великобританияҕа посола «Тыгын Дархан» киинэ режиссеругар SIFFA киинэфестиваль Гран-при үрдүк наҕараадатын туттарбыта.
Оттон бу сырыыга «Евразийскай толору метражтаах киинэ» номинацияҕа Кылаан бирииһи (Гран-при) Евразийскай айар гильдия вице-бэрэссэдээтэлин Марат Ахмеджанов илиититтэн биһиги биир дойдулаахпыт, Великобританияҕа олорор Светлана Егорова-Джонстон тутта. Биллэрин курдук, Светлана Ивановна Великобританияҕа «Тыгын Дархан» киинэни пропагандалааһыҥҥа киинэ айар бөлөҕүн кытта утумнаахтык, ис сүрэҕиттэн үлэлэһэр, ол да иһин бу үрдүк наҕарааданы тутуу киниэхэ итэҕэйилиннэҕэ.
Итиэннэ Евразийскай киинэ фестивалын кыайыылаахтарынан быйыл Узбекистан (кылгас метражтаах), Кыргызстан (документальнай) режиссердарын киинэлэрэ буоллулар. Оттон бастыҥ сценарий иһин бириэмийэ Казахстаҥҥа барда. Маны таһынан айар үлэһиттэргэ үгүс эбии наҕараадалар туттарылыннылар.
Фестиваль кыттыылаахтара, айар куттаах дьон, «Тыгын Дархан» киинэ туһунан үгүс олус үтүө тыллары эттилэр.
Дьон санаатыттан
Брэдли Бартон, фестивальга киинэлэри талыы хамыыһыйатын чилиэнэ: “Мин Ромфордскай норуоттар икки ардыларынааҕы киинэфестивалын хамаандатыгар баарбын. “Тыгын Дархан” киинэни олус сөбүлээн көрдүм. Өскөтүн эһиги өссө аан дойдуга биллэ илик чулуу кинематограбы көрүөххүтүн баҕарар буоллаххытына – хайаан даҕаны “Тыгын Дархан” киинэни көрүҥ, диэн сүбэлиибин. Хайдах курдук кэрэ, интэриэһинэй айылҕалаах сиргэ уһуллубут үлэний?! Бу киинэ — классика!”.
Нурым Тайбек, эрэдээктэр (Русская служба/ Евразийская миссия): “ Мин Казахстантан сылдьабын. Ол да иһин буолуо, «Тыгын Дархан» киинэни олус чугастык ылынным. Сахалар, бырааттыы норуоттарбыт, бэйэлэрин историяларын сүдү араҥатын көтөхтүлэр. Мин эмиэ, силиспит-төрүппүт ыҥырар куолаһын истэргэ дылы гынным… Киинэ сүрүн дьоруойун сыала-соруга улуу – кини биис уустарын, норуотун түмэн, биир дьиэ кэргэн курдук, иллээхтик-эйэлээхтик олоруон баҕарар. Сөбүлэһиҥ, мантан ордук үтүө, дьоһуннаах сыал суох. Дьэ ол иһин маннык киинэлэр, бырайыактар наадалар. Баары харыстаан, сыаналаан, олоххо махтанан, киһи аймах уопсай сыаннастарын өрө тутуоҕуҥ!
Мин сахалыы саҥаны өйдүүр курдукпун, казах тылыгар маарынныыр. Оттон сиэр-туом, үгэс эмиэ олус чугастар, өйдөнүмтүө. Бу киинэ дойдутугар эрэ ситиһиилэнэр буолбакка, аны Европа устун тарҕанан эрэрэ кэрэхсэбиллээх. Кини биһигини историяҕа эрэ төннөрөр буолбакка — киһилии сиэр-майгы сыаннастарыгар хайыһыннарар. «Тыгын Дархан» киинэ чуолаан бу боппуруостары, маннык проблемалары көтөҕөр. Киинэ ситиһиититтэн олус үөрэбин!”.
Великобританияҕа олорорун тухары биһиги биир дойдулаахпыт Светлана Егорова-Джонстон маннык култуурунай бырайыактары үгүһү өйөөн кэллэ. Былааннара, холбоһуктаах бырайыактара өссө да иннигэр. Оттон бэс ыйыгар кини биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллар биир дойдулаахтар форумнарыгар ыҥырылынна.
Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат