“Тыгын Дархан” киинэҕэ кастинг (ЭКСПЕРИМЕНТ)

04.03.2017
Бөлөххө киир:

“Тыгын Дархан” кинигэни ааҕан, сахалар улуу ыраахтааҕыбыт туһунан истэн аҕай улааппытым. Ол быһыытынан режиссер Никита Аржаков “Тыгын Дархан” эпопеяны устан эрэрин истибитим. Батсаабынан (сол да, батсаабынан!)  кастинг буоларын туһунан биллэрии кэлбитигэр өр көтө түстүм.

Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru.

“175 см итэҕэһэ суох үрдүктээх сахалары” ыҥырбыттар этэ. Бэйэм сахалыы дьүһүннээх курдук сананабын, ирдэбилгэ арыычча хапсар уҥуохтаахпын. “Ханнык оруолга эрэнэр этигиний?” диэтэххитинэ, туох кистэлэ кэлиэй, Тыгын Дархан боотура буолуохпун баҕарарым. Ханнык саха эр киһитэ ону баҕарбатаҕа баарай? Бу баҕа санааттан төһөтө сатаммытын ааҕыҥ.

Павильон

Биллэриигэ ыйыллыбыт сиргэ – “Саха фильм” хампаанньа киинэ устар павильонугар тиийдим. Араас артыыстар хаама сылдьаллар, киинэҕэ уһуллар көстүүмнэрин кэппиттэр. XVII үйэ боотурун куйахтаах таҥаһын кэппит,  эр киһиэхэ тиийэн кастинг буолар хоһун ыйыттым. Боотурунан ыйдаран наадалаах сирбин буллум. Павильон иһэ тута киинэ кистэлэҥинэн аҥылыс гынна.  Уһун көрүдүөргэ киһи бөҕө олорор эбит. Бары кастиҥҥа кытта кэлбиттэр. Уочаракка таах олоруохтааҕар, кинилэри кытта кэпсэттим, хаартыскаҕа түһэртээтим (бу уолаттары өйдөөн кэбиһиҥ, баҕар “Тыгын Дархан” киинэҕэ көрүөххүт).

Кыттааччылар санаалара

Киинэҕэ тоҕо уһулларга сананныҥ?

Тихонов Максим, “Киэргэ” тэрилтэ ювелира, 31 саастаах:

— Баҕар, кэлин оҕолорум көрүөхтэрэ. Дьүһүммүнэн барсабын дии саныыбын. Үрдүгүм 178 см.

Альберт Шарапов, “Киэргэ” тэрилтэ үлэһитэ, 28 саастаах:

— Күөх экраҥҥа көстөн ылаары уонна норуоппут историятын көрдөрөр улуу киинэҕэ кыттаары.

Гриша Самсонов, устудьуон, 22 саастаах.

— Тыгын Дархан туһунан учууталым урут оскуолаҕа тиийимтиэтик кэпсээбитэ. Ол иһин интэриэһиргиибин. Сайын тугу да гынарым суох. Бэйэм Хаҥаласпын.

Аня Кривошапкина, 7 кылаас үөрэнээччитэ, 13 саастаах:

— Биир эмэ киинэҕэ көстүөхпүн баҕарабын уонна сахалыы киинэ сайдыытын өйөөммүн кэллим.

Кастинг

“Ким уочаратай, киириҥ!” — хос иһиттэн хаһыы иһилиннэ. Мин ол диэки дьулуһабын. Киирэн Режиссер Никита Аржаков көмөлөһөөччүтэ Михаил Эверстовы кытта билистим. Сүрдээх эйэҕэстик кэпсэттэ. Тугу сатыырбын, саха тылын төһө дириҥник билэрбин, ханнык оруолга бэйэбин көрөрбүн, киинэҕэ уһуллубут уопуппун (“Лотереяҕа” элэс гыммыттаахпын), ханнык кэмҥэ уоппускалаахпын (хас да сылы эргиччи устуохтара)  ыйыталаста. Харчы туһунан кэпсэтии суох буолла – баһаалыстаҕа сылдьабыт.

Режиссер көмөлөһөөччүтэ Canon фотоаппаратын ылан,  түөрт ракурстан  хаартыскаҕа түһэрдэ. Полицияҕа (тү, тү, тү) курдук, нүөмэрдээх карточкалаах. Төлөпүөммүн ылла, эрийиэх буолла, илии тутуһан бакааласта.

“Тыгын Дархан гвардиятын боотура буолбаккын” – диэн Михаил тута эттэ. Манна өрөспүүбүлүкэ биллэр спортменнарын кэпсэтэ сылдьаллар. Халыҥ моойдоох, кэтит сарыннаах уолаттар эрэ барсаллар үһү…

Бэлиэтээһиннэрим…

Манна бэлиэтии көрбүтүм, режиссердар бары медицинскэй мааскалаах сылдьаллар. Тоҕотун ыйыппыппар: “Бары чэгиэммит, олус эппиэттээх кэмҥэ ыарыыга сыстыахпытын баҕарбаппыт. Грипп эпидемията дии. Ыалдьар көҥүллэммэт.”

Кэпсэтэ олорон киирэр тахсар артыыстары, устар бөлөҕү кэтээн көрө олордум. Наһаа тэрээһиннээхтик сылдьаллар, хас биирдии киһи (гример, костюмер, оператор о.д.а.) эбээһинэһин билэрэ көстөр. Павильоҥҥа тутуллубут балаҕан иһигэр хайа эрэ эр киһи хаһыытаан тоҕо барар – арааһа Тыгыммыт кыыһыран, мөҕүтэлээн эрдэҕэ…

Ураа, ыллылар!

Миэхэ икки нэдиэлэ буолан баран маассабай устуу режиссерабын диэн биир кыыс эрийдэ. Кастины ааспыппын, Хаҥалас улууһугар Еланка бөһүөлэгэр устан саҕалыылларын кэпсээн үөртэ. Онно сылдьыбыт көрүүлэрбин хайаан да суруйуом.

Прокопий БУБЯКИН, https://edersaas.ru.

Афанасий НОЕВ хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0