«Тыгын Дархан» уус-уран киинэ улахан экраҥҥа тахсан, номнуо дьон санаатын аймаата. Ол бэрт! Киинэ буолан баран көрөөччү дууһатын, өйүн-санаатын долгуппат буоллаҕына, айымньы быһаччы табыллыбатах диэххэ сөп.
Режиссер Никита Аржаков, киинэ уһуллуутугар кыттыгастаах дьон билигин сымыһахтарын быһа ытыран баран, дьон дьүүлүн истиэх эрэ кэриҥнээхтэр. Туох да диэбит иһин, үрүлүйэр бүддьүөт үбүн суотугар уһуллубут историческай уус-уран киинэ буоллаҕа. Онон, киинэни көрбүт дьон, саха саҥалаах бу улахан бырайыакка хайдах эрэ «тус кыттыгастаах» курдук сананар. Онон сыыйа-баайа «Тыгын Дархан» киинэ сүрүн идеятын, саха дьонугар сабыдыалын сыныйан ырытан көрүөххэ.
Айымньы сүрүн санаатын тиэрдии — уустук
Сахалар кэнники кэмҥэ Арассыыйа, аан дойду да таһымыгар бэйэбит киноиндустриябытын киэҥник биллэрдибит, араас бэстибээллэргэ сүрүн бириистэри ылаттаатыбыт. Били “бүргэһи хааһахха хаалаан кистээбэккин” диэбиккэ дылы, сахаларга олоҥхо култуурунай кода олус чугас буолан, бу хайысхаҕа «ытан кээстибит». Урут сүрүннээн кырдьаҕас дьон норуодунай тыйаатырдар испэктээктэринэн муҥурданар эбит буоллахтарына, билигин тыа сиригэр ыччат ким да үөрэтиитэ, такайыыта суох бэйэтэ киинэ устар, оҥорор буолла. “Саха сатаабатаҕа суох” диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо…
Дьиктитэ диэн, айар дьон үксэ киинэлэрин бэйэлэрин суоттарыгар оҥороллор. Үрдүк өһүөлээхтэр манна оруоллара суох да диэн кэриэтэ. Киинэ индустрията Саха сиригэр биисинэс биир көрүҥэр кубулуйан эрэр. Оттон, биллэрин курдук, судаарыстыба биисинэскэ ороостоҕуна, туох да үчүгэй тахсыбат. Айар куту тугунан да үүннээбэккин-тэһииннээбэккин. Бэйэтин кынатын күүһүгэр уйдаран салгыы айанныы турдун диэҕи баҕарыллар. Ити курдук кылгас киирии тыл кэнниттэн «Тыгын Дархан» киинэбит туһунан ырытыыга киириэххэ.
Киинэ Василий Яковлев‑Далан историческай арамааныгар олоҕуран оҥоһулунна. Биллэрин курдук, историческай айымньыны киинэ оҥорон таһаарар кэккэ уустуктардаах. Ол элбэх дьон кыттыылаах көстүүлэри, кыргыһыылары устууга эрэ буолбатах. Саамай уустуга, мин санаабар, айымньы сүрүн санаатын биэрии. Устуоруйаны биһиги илим хотоҕоһун курдук субуллар сабыытыйалар курдук ылынабыт. Ол гынан баран, хас биирдии сабыытыйа туох эрэ төрүөттээх буолар. Ону режиссер, сценарист историческай арамаан иһиттэн иилэ хабан ылан көрөөччүгэ өйдөнөр гына тиэрдиэхтээх. Ол кыаллыбатаҕына, киинэ историческай чахчыларга олоҕурбут документальнай айымньыга кубулуйар. Дьэ, бу Далан арамааныгар киирбит идея киинэҕэ арыллан көһүннэ дуо?
Ил туһунан санааны — киинэҕэ
Онуоха бастаан уус-уран айымньы уонна киинэ сүрүн санаата (идеята) туохханый диэн ыйытыкка хоруйдуохха. Мин санаабар, Далан да, Никита Аржаков да Ил туһунан илдьити дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ сатаатылар. Киинэ сүрүн идеятын итиннэ диэн этиэххэ сөп. Онтон Ил туһунан идеяны киинэҕэ хайдах ньыманан тиэрдэбит диэн ыйытык үөскүүр. Манна дьэ мин тус көрүүбүн этиэхпин баҕарабын. Киинэ өссө уһуллуон иннинэ сценарий суруйуутугар куонкурус биллэриллиэхтээх этэ дии саныыбын. Элбэх сценарийы сыымайдаан, эбэн-сабан, биир сүрүн тутул оҥоһуллуохтаах этэ.
Сценарий сүрүн идеята Ил диэтибит, ол аата судаарыстыба! Атыннык эттэххэ, судаарыстыба хайдах буолуохтааҕый диэн ыйытыкка оччотооҕу сахалар сыһыаннара көстүөхтээх. Маны хайдах көрдөрүөххэ сөбүй? Мин толкуйдуурбунан, киинэ устатын тухары икки дьоруой сүрүн сюжеттарын кэккэлэһэ ыытыахха сөп этэ. Кинилэр Ил туһунан мөккүөрдэрин, ханна эрэ сөпсөһөллөрүн көрдөрүөм эбитэ буолуо. Олортон биирдэстэрэ — Тыгын Дархан, иккиһэ — көннөрү киһи. Бу дьон Ил туһунан өйдөбүллэрин харсыһыннартаан, түмүгэр биир санааҕа киллэрэр соругу туруоруом этэ. Хомойуох иһин, биһиги Ил диэн өйдөбүлү Тойон диэн өйдөбүлүнэн солбуйарбыт, эбэтэр «государство — это Я” диэн парадигма киинэҕэ баһыйара өтө көстөр. Ол иһин сорохтор киинэ улуустаһыыны күөртээтэ диэн хомойоллор. Дьиҥэр, Ил диэн Тыгын, эбэтэр Лөгөй буолбатах. Судаарыстыба хайдах үөскээбитин, туохтан тутуллан турарын туһунан наукаҕа үгүстүк үөрэтиллэн кэллэ. Киинэ консультаннара оттон итини, дьиҥэр, сүбэлээн биэриэхтэрин сөп этэ. Үбэ-харчыта да ону толуйар кыахтааҕа. Киинэ саҕаланыытыгар Мунньан Дархан өлөөрү сытан уолугар Тыгыҥҥа Или тэрий диэн кэриэс тылын этэр. Онтон ыла Ил диэн тыл субу-субу иһиллэр. Тиһэх кыргыһыы иннинэ Тыгын Лөгөйгө тиийэн, оччоҕуна Или эн тэрий диэн көлбөрүтүнэн кэбиһэр. Ол аата, хомойуох иһин, Ил ким эрэ тула тэриллиэхтээх диэн санаа баһыйар эбит.
Ким эбэтэр туох тула түмсүөхтээхпитий?
Дьэ, оччотугар маннык ыйытыы үөскүүр: тоҕо дьон ким эрэ тула түмсүөхтээҕий? Халыҥ харчылаах, баайдаах-дуоллаах, элбэх сүөһүлээх, сылгылаах буоллаҕына, дьон бары кини тула тоҕуоруһа түһүөхтээхтэр үһү дуо? Мин урут да суруйан турабын, билигин да этэбин, дьон биир киһи тула түмсэн, хаһан да кэскилин кэҥэппэт. Төһө да улахан лиичинэс буолбутун иһин, кини дьонун идея тула түмүөхтээх, ону төрөтөр кыахтаах киһи буолуохтаах. Киһи сыыһар да, табар да идэлээх, өлөр-сүтэр да кэриҥнээх. Оччотугар бу түмсүү тута үрүө-тараа ыһыллар. Историческай лиичинэс дьонугар-сэргэтигэр идеяны биэрбитэ, суох да буолбутун кэннэ салҕанан бара туруохтаах.
Бэрт соторутааҕыта биир кинигэни ааҕа сытан, сүрдээх үчүгэй идеяны булан ылбытым. «Государство должно держать своих подданных в строгости и справедливости» диэн. Атыннык эттэххэ, ол аата Ил бэрээдэги уонна сиэрдээх олоҕу тэрийиэхтээх. Билиҥҥи сиэр-майгы, бэрээдэк сатарыйбыт кэмигэр судаарыстыба туһунан олус да көнөтүк уонна судургутук этиллибит тыллар эбит! Мин эбитим буоллар, киинэ сүрүн дьоруойдарын кэпсэтиилэригэр (диалогтарыгар) бу өйдөбүллэри киллэртээн биэриэм этэ. Холобур, Тыгын бэрээдэги олохтуур туһугар охсуһар, оттон көннөрү киһи сиэри тутуһары (справедливость) эрэйэр. Холбоон ити икки идея тула дьону түмэллэрин киинэ финальнай сцената оҥоруом этэ.
Лөгөй туһунан санаа
Киинэ сырдык уонна хараҥа киирсиитин жанрыгар олоҕуран оҥоһуллубут. Онуоха Лөгөй, биллэн туран, мөлтөх персонаж буолан көстөр. Далан «Тыгын Дархана” саҥа бэчээттэнэн тахсыытыгар биһиги, оччотооҕу сүүрбэччэбитин саҥа ааспыт дьон, арамааны ааҕан баран, Лөгөй уобараһын элбэхтэ ырытан турабыт. Били уус-уран айымньыга «по закону жанра” хайаан да «куһаҕан дьоруой” баар буолуохтаах. Онто суох олох олох буолбатах. Билигин кэлэн биһиги бары өйдөөх буола сатыыбыт. Оттон кыһалҕа тирээтэҕинэ, бэйэбит хайдах дьаһаныа этибит биллибэт. Дьиҥэр, хайа баҕарар колониальнай судаарыстыбаҕа шертовать, эбэтэр присягать на верность диэн өйдөбүл баар. Лөгөй ол кэмҥэ ити хайысханы тутустаҕа. Үйэлэри нөҥүөлээн эттэххэ, итинник бэлиитикэ билигин да бара турдаҕа.
Ону билиниэх тустаахпыт уонна улуутумсуйбакка, ити историческай лиичинэскэ сөптөөх сыана быһыахтаахпыт. Киинэҕэ Лөгөй Или бэрээдэк уонна сиэрдээх олох курдук буолбакка, баайы-дуолу былдьаһыы курдук өйдүүр. Онуоха Тыгын киниэхэ туох да диэн кыайан хоруйдаабат. Тоҕо диэтэххэ, түмсүү эрэ диэн өйдөбүллээхтэр, онтон туох туһугар түмсэллэрин ким да билбэт. Онон, туох туһугар уонна тоҕо түмсэбит диэн ыйытыкка хоруй булбакка эрэ көннөрү саба быраҕан, Лөгөйү куһаҕан тойон курдук көрөбүт. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Ону үөһээ быһааран биэрдим.
Киинэ тутулун туһунан
Салгыы киинэ тутулун туһунан аҕыйах тылы этиэхпин баҕарабын. Үөһээ эппитим курдук, историческай киинэ киэҥ кэрдиис кэми арыйан көрдөрөр. Онон, хайаан да хас да түһүмэхтэн туруохтаах. Холобур, Исай Калашников «Жестокий век” арамаана икки түһүмэхтэн турар: «Гонимые» уонна «Гонители». Итинник оҥоһуллубут киинэ көрөргө, ылынарга судургу уонна өйдөнүмтүө. Историческай киинэлэргэ, үгэс быһыытынан, титрдары туһанан каадыр кэннигэр тиэкиһи ааҕыллааччы. Хайа да бэйэлээх көрөөччү болҕомтотун икки чаас устата ханнык да улуу режиссер кыайан туппат. Режиссер бу киинэҕэ итинник ньыманы туһамматаҕа тоҕо эрэ өйдөммөт. Ол иһин киинэ уһун синньигэс Тыгын эрэйдээх олоҕун туһунан сэһэн курдук көстөрө сылаалаах.
Киинэ формата уонна ис хоһоонун тутула ситэ толкуйдамматах дуу диэҕи баҕарыллар.
Маны таһынан, киинэҕэ хаҥаластар ытыктыыр, сүгүрүйэр Тойон кыыллара — Хотой ситэтэ суох көһүннэ дуу дии санаатым. Арай Тыаһааны таас хайаттан суулларыгар күлүк курдук элэс гынан ааста. Киинэҕэ, дьиҥэр, символлар улахан оруоллаахтар. Баҕар, «Тойон Кыыл” киинэ эрдэ тахсан хаалан, режиссер бу символы ситэ туһамматаҕа дуу… Холобур, Тыгын Бөрө Бөтүҥнэртэн хотторон, өрүс устун сыгынахха саһан устан иһэрэ Эллэй Боотур Туймаада хочотугар кэлиитин санатар. Ол эрэн, хаҥаластар Тойон кыыл символлара уус-уран киинэ ис хоһоонун күүһүрдэн биэриигэ ситэ туһаныллыбатах.
Тыл-өс туһунан
Арамааны аахпыт дьон Далан тыла-өһө ууһун-уранын бэлиэтии көрбүт буолуохтаахтар. Бэлэмэ суох киһи дэбигис өйдөөбөт. Ол иһин киинэ диалогтара судургу буолан, көннөрү киһиэхэ өйдөнүмтүө. Сахалыы үчүгэйдик билбэт киһи хайаан наар титрдары кыҥастаһа олоруой. Киинэ аҕа саастаах эрэ дьоҥҥо буолбакка, билиҥҥи эдэр ыччакка аналлаах, онон тыла-өһө сөрү сөп. Ол гынан баран, саха киинэтэ тыйаатыртан силистээх-мутуктаах буолан, диалогтарга дөрүн-дөрүн «театральщина” киирэн тахсар. Былыргы олох туһунан айымньылары экранизациялыырга «итинник ыарыы”, биллэн туран, баара саарбаҕа суох. Арай, Егор Неймохов “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” сэһэнигэр олоҕуран уһуллубут “Мой убийца” диэн киинэҕэ диалогтара олус барсаллар эбит диэн бэлиэтии көрбүтүм. Дьэ ити «театральщината суох” өйдөнүмтүө гына диалогтары суруйуу бэйэтэ туспа ускуустуба диэххэ. Күннээҕи олоххо ким да «үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт, баттаатахха маталдьыйбат, аҕыс иилээх саҕалаах, алаҕаркаан, тэтэгэркээн аан ийэ дайдыбыт” диэн саҥара сылдьыбата чуолкай. Уус-уран суруйуу уонна диалог хайаан да уратылаахтар. Араас улуустарга сырыттахха, олус ыраастык уонна кэрэтик сахалыы саҥарар, кэпсэтэр кырдьаҕастар баар буолаллар. Киинэҕэ да тыл-өс орто сүнньүн тутуһара оруннаах буолуо. Холобур, Багдарыын Сүлбэ сахалыы, киһиэхэ өйдөнөр гына лоп бааччы саҥарар идэлээҕэ. Чэ, ити тиэмэҕэ араас санаа баар буолуон сөп, ол иһин аһары дириҥээмиэххэ.
Тыгын курдук киһи иккистээн төрүө дуо?
Киинэни ырытыы түмүгэр бэйэм биир санаабын үллэстиэхпин баҕарабын. Баҕар, ким эрэ сөбүлүө суоҕа да, суруйбучча этэн кэбиһиим. Оччотооҕу олус киэҥ (Саха сирин билиҥҥи кыраныыссатыттан балай эмэ улахан) Охуоскай муораттан таас хайалары уҥуордаан, Өлүөнэ, Бүлүү, Амма хочолоругар тарҕанан, Дьэһиэйгэ тиийэ, улуу хоту байҕалга диэри тайаан сытар Саха сирин дьонун (хоролору, туматтары, тоҥустары, сахалары) түмэ сатаабыт хаҥыл хаҥаластар буолаллар. Дуоҕа Баатыр, Быркыҥаа, Бордоҥнор, Кээрэкээн Ойуун, Чоргул Тиэргэн, онтон да атыттар хаҥаластартан төрдүлээх дьон. Ааспыт үйэ саҕаланыытыгар да Ил туһугар охсуспут дьоммут ханан эрэ син биир хаҥалас хааннаахтар этэ. Арааһа билиҥҥи хас биирдии иккис-үһүс сахаҕа хаҥалас хаана баар буолуохтаах. Итинтэн сиэттэрэн, атын уустартан төрүттээх дьону туох да диэн түһэрбэккэ эрэ, хаҥаластар былыр да, билигин даҕаны саха норуотун түмэр историческай миссиялаахтар диэн тус санаабын этиэхпин баҕарабын. Кинилэр пассионарий буоланнар, киин улуустары, Бүтэй Бүлүүнү, Саха сирин атын сирдэрин баһылаабыттара саарбаҕа суох. Оччотооҕу кыргыс үйэтигэр Или тэрийэр туһугар элбэх хаан тоҕуннаҕа. Хомойуох иһин, сөптөөх суолу тобулбакка, тыл тылга киирсибэккэ, Или кыайан тэрийбэккэ, уотунан уһаарар ураҕастаах дьон кэлиилэригэр киирсэ сатаан баран хотторон бас бэриннэхтэрэ. Онтон ыла түөрт үйэ тухары улахан норуот хоойугар хорҕойон, быттыгар саһан, саа-саадах тутан көҥүл туһугар киирсибэккэ, үөһээҥҥилэрдиин кэпсэтэн, манньа курдук көрдөһөн, ситэтэ суох Или тэрийэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатыныы сахалар син баччааҥҥа диэри олорон кэллибит. Баҕар, хаһан эрэ, хойуут хойут Тыгын курдук киһи иккистээн төрөөн-үөскээн, дьиҥнээх толору Или тэрийэн сахалары аар саарга аатырдыа, суон сураҕырдыа, дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыа турдаҕа. Туох да диэбит иһин “Тыгын Дархан” киинэ бүтүн аан дойдуга, Арассыыйаҕа улахан уларыйыылар буолаары турар быыһык кэмнэригэр таҕыста. Тыгын Дархан уобараһыгар олоҕуран, саха дьонугар былыргытын өйдүүр, инникитин ырыҥалыыр кыаҕы биэрдэ, кырдьык уонна сымыйа, үрүҥ уонна хара, өй икки сүрэх бүппэт мөккүөрүн саҥаттан күөдьүттэ.
Уодай.
«Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru