Киинэ сылын биир улахан бырайыагынан “Тыгын Дархан” киинэ уһуллуута буолар. Киинэ продюсерынан уонна уус-уран салайааччытынан Никита Аржаков үлэлии сылдьар. Киинэ сценарийа “Тыгын Дархан” эрэ арамаанынан буолбакка, “Бүтэй Бүлүү” уонна “Тыгын Дархан” икки улахан арамааннарынан суруллубута. Былаан быһыытынан, киинэ уһуллуута бу сыл ыам ыйыттан саҕаламмыта.
Киинэ сыаналарын Саха сирин тоҕус улууһунан (Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Үөһээ Дьааҥы уонна Бүлүү эҥэр улуустар) диэн иһитиннэрии тарҕаммыта. Ньурбаҕа “Тыгын ыһыаҕа” диэн хартыына уһуллуохтаах, бу эһиил сайын былааннанар хартыына. Манна кыһын устата таҥас-сап, иһит-хомуос туттар мал-сал бэлэмнэниитигэр үлэ туһаайыллыаҕа. Сыл саҕаланыыта Никита Аржаков: “Тыгын Дархан туһунан киинэ устар санаа 2005 сыллаахха киирбитэ. Далан “Тыгын Дарханын” уруккуттан өйбөр киинэ гынан оҥорон көрөрүм, ол эрээри оччолорго киинэ устарга бэлэммит суоҕа. Оттон билигин киинэ идиэйэтин өйөөн, үп-харчы көрүллэн устууну саҕалыахха сөп. Киинэ уопсай хартыыната 210 мөлүйүөн солк. тэҥнэһэр. Бу харчыттан сороҕо “Сахафильм” техническэй баазатын саҥардыыга барыа,” – диэн иһитиннэрбитэ. Онтон ыла сыл аҥаара ааста. Сайын сүрүн оруолу – Тыгын Дарханы “Дыгын оонньууларын” үс төгүллээх кыайыылааҕа Иннокентий Макаров оонньуур үһү диэн сурах Интернети толорбута. Кэлин биллибитинэн, оннук буолбатах, Тыгын Дарханы Хаҥалас улууһун олохтооҕо оонньуур үһү диэн буолта. Киинэҕэ атын оруоллары барытын маннааҕы артыыстар толороллор, кэлии артыыс биир даҕаны суох.
“Тыгын Дархан” киинэ бүтэһик сыаната 2018 сыл бүтүүтэ уһуллан бүтүөхтээх.
Айтана АММОСОВА