2016 сылтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар уһуллубут саха киинэтин биир сүдү бырайыага — “Тыгын Дархан” бэҕэһээ киэһэ Гагарин аатынан култуура киинигэр премьера иннинээҕэ сабыылаах көрдөрүүтэ буолан ааста. Маҥнайгынан көрөр дьолго тиксэн, көрбүппүттэн санааларбын үллэстэбин.
Күүтүүлээх киинэ
Киинэ маҥнайгы барылынан 210 мөлүйүөн солкуобайга уһуллар диэн буолбута да, уһуллар болдьоҕо уһаан, симиэтэтэ үрдээн, бүтэр уһугар 255 мөлүйүөн солкуобай бараммыта биллэр. Итиччэ үптээх түөрт сыл устата көһүтүллүбүт киинэттэн, биллэн турар, көрөөччү элбэҕи күүтэр.
Ыраахтан саҕалаатахха, Гагарин аатынан култуура киинэ олус үчүгэй, киэҥ-куоҥ, улахан экраннаах киинэ тыйаатырдаах буолан үөртэ. Саҥа киинэни саҥа тыйаатырга көрөр бэртээхэй эбит.
Киинэ олус күүстээхтик саҕаланар: хара маҥнайгыттан үбүнэн кэмчилэммэтэх сиэдэрэй хартыыналар көрөөччү экраны чыпчылыйбакка көрөрүгэр умсугутар. Тыгын улахан ыһыаҕын кэрэ көстүүлэрэ киһини ымсыырдар, сайыны суохтатар. Алгыс сиэрэ-туома, ат сүүрдүүтэ, бөҕөстөр күрэстэрэ, моҕустар түһүлгэлэрэ, улахан оһуохай — үһүйээҥҥэ хоһуллар улуу ыһыаҕы илэ көрбүт курдук буоллубут. Ыһыах сыанатын уһуларга тыһыынчанан киһи кыттыбыт диэбиттэрэ кырдьык эбит. Уопсайынан, Саха сирин 11 улууһугар уһуллубут, 10 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт киинэтэ экраҥҥа өтөрүнэн көрбөтөх киэҥ далааһыннаах хартыына буолан тахсыбыт.
Худуоһунньуктар үлэлэрэ
Бу сурукка киирбит, устуоруйаҕа олоҕурбут киинэ буолбатах, саха норуотун үһүйээннэригэр олоҕурбут киинэ буолар. Онон дьиҥ олохтооҕор олоҥхо матыыптара хоһуллубутун киһи баалаабат, буолуохтааҕын курдук ылынар. Таҥастара-саптара, дьиэлэрэ-уоттара, туттар маллара, саалара-саадахтара олус үчүгэй, киһини итэҕэтэр.
Биһиги сахалыы таҥас диэн ааттаан таҥнар 19-с үйэтээҕи халадаайбыт, соммут курдук таҥастар суохтар. Ол оннугар былыргы гравюраларга, Михаил Носов этнографическай уруһуйдарыгар хоһуллубут, 17-с үйэтээҕи таҥастар көстөллөр. Боотурдартан саҕалаан бары тирии таҥастаахтар. Дьахталлар уонна эр дьон киэргэллэрэ эмиэ былыргы моһуоннаах, ураты көстүүлээх.
Хата, дьиэни, араас көмүскэнэр хахханы тутууга киэҥ соҕустук «фантазиялаабыттар» быһыылаах. Ураһалары, балаҕаннары тэҥэ түөрт муннук охсуулаах ампаар дьиэлэр бааллар, остуруоктуҥу быһыылаах сэриилэһэр соппулуоттар туһаналлар. Кэпсээннэриттэн сылыктаатахха, нууччалар кэлэ илик кэмнэрэ, онон манна мунаарыахха сөп курдук. Ол эрэн, ол кэмнээҕи олоҕу чахчы билэр киһи суох, өбүгэлэрбит ханнык омуктары кытта алтыһан, тугу билэн-көрөн олорбуттарын аны кэлэн ким этиэй.
Худуоһунньуктар үлэлэрэ киһини үөрдэр. Оннооҕор киинэҕэ көстөр үгүс үөрдээх ынах сүөһүнү барытын дьиҥ саха боруодатын таҥмыттар. Хартыына сорох ымпыга-чымпыга арыый тыйаатырдыҥы соҕус диэххэ сөп эрээри, бу эмиэ ким ол кэми чарапчыланан көрбүтэй диэн толкуйунан быһаарыллыан сөп.
Оонньобут артыыстар
“Тыгын Дархаҥҥа” тэҥнээх улахан бырайыак саха киинэтигэр “Чыҥыс хаан ыйааҕынан” киинэ эрэ баар. Ол киинэни устарга уонунан омук дьоно кыттыбыта. Оттон бу уонча тыһыынча киһи кыттыылаах киинэҕэ, сахалар эрэ уһуллубуттар. Онон элбэҕэ суох ахсааннаах норуокка бачча элбэх артыыһы булар уустук сорудах буолуохтаах.
Сүрүн оруоллары толорооччулар бары бэртээхэйдик оонньоотулар. Тыгын Дарханы Гаврил Неустроев оонньуур. Эрдэ киинэҕэ улахан оруолларга көстүбэтэх артыыс. Гаврил Тыгын оруолун итэҕэтиилээхтик оонньоото, суостаах тойон, муҥура суох баһылык буолан көһүннэ. Кини өстөөҕө Лөгөй (Петр Саввин) тойон эмиэ туттан-хаптан, дьаһайан, улахан баһылык эрээри, арыый туспа көрүүлээх, атын туттуулаах киһи. Икки туспа көрүүлээх күүстээх майгылаах дьон күөн көрсүһүүлэрэ киинэ биир сүрүн тутааҕа буолла. Онон бу икки уобараһы тустаах артыыстар саталлаахтык оонньууллара олус суолталаах.
Тыгын дьиэ кэргэнин көрдөрөргө Аабый Дархан (Ирина Никифорова), Ньырбачаан (Василиса Мыреева), Марҕа (Петр Макаров), Тыаһааны (Айталина Лавернова), Айталы (Александра Григорьева), Чаллаайы (Дмитрий Алексеев), Бөдьөкө (Владислав Портнягин) уо.д.а. олус күүстээхтик оонньуур састаап таҥыллыбыт диэн бэлиэтээтим.
Боотурдары, кыргыс дьонун, кулут-чаҕар өттүн үгүстэрин артыыс үөрэҕэ суох дьон оонньуур эрээри, мөлтөх оонньуунан хартыынаны таҥнары тардар киһи суох.
Ис хоһооно
Далан айымньытын аахпыт, саха үһүйээннэрин билэр киһи киинэ ис хоһоонун ордук хос ыйытыыта суох өйдүүр. Ылы-чып кинигэ ис хоһоонунан да буолбатар, сэһэн омооно биллэр. Саха омугун биир илгэ түмэр улуу толкуйдаах Тыгын бу соругун толороору чугас дьонун, хаан аймахтарын даҕаны харыстаабат. Кини сурах-садьык курдук арҕааттан улахан күүс кэлэрин истэр, ону утарылаһарга урааҥхай сахалар биир ньыгыл күүс буолан көрсүөхтээхтэрин өйдүүр. Ил түмэр ньымата тыйыс — сэрии көмөтүнэн ыраах-чугас уустары хам баттаан, биир кэлимсэ бэйэтин анныгар киллэриэн баҕарар. Бороҕон Дьуорталар баһылыктара Лөгөй киниэхэ киирэн биэрэр санаата суох.
Киинэ сүрүн санаата Далан суруйбут «Урааҥхай сахалар бары биир хаан уруу курдук иллээхтик-эйэлээхтик, сүбэлэһэн-таҥхалаһан, сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайарын өйдөөн олорорбут эбитэ буоллар, дэлэлээх үчүгэй, дэлэлээх чэпчэки буолуох этэй» этиитин кытта дьүөрэлэһэр. Маныаха сэрии эйэни аҕалбатын, күүс нөҥүө дьону түмэр уустугун, Тыгын Дархан оҕолорун кытта уустук сыһыанын режиссер итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.
Уопсай санаалар
Кыргыс үйэтин туһунан үһүйээннэри итэҕэтиилээхтик устарга Саха сирин киинэһиттэрэ кыахтара тиийэр кэмэ кэлбитэ олус үөрдэр. Манан сылыктаатахха, хаһан эмит улуу олоҥхолорго хоһуллубут боотурдары илэ харахпытынан экраҥҥа көрүөхпүт турдаҕа. “Тыгын Дархан” киинэ тула элбэх мөккүөр, ырытыы тахсыахтааҕа биллэр суол. Ким эрэ толору астыныа, сөбүлүө, оттон ким эрэ сириэ, мыыныа. Өр күүтүллүбүт киинэ дьону барытын олоччу үөрдэрэ саарбах. Ол эрээри, тус бэйэм биири саарбаҕалаабакка этэбин: бу киинэ оҥоруутугар бараммыт элбэх үп улахан туһалаах дьыалаҕа барбыт. Киһи сахабын диэн киэн туттарыгар, өбүгэлэрбитин ытыктатар, киэн туттуулаах, сүдү көстүүлэрдээх мааны киинэ буолан тахсыбыт.
Барыта уурбут-туппут курдук үчүгэй диэбэппин, киһи хараҕын олуйар, кулгааҕын таһынан ааһар түгэннэр эмиэ бааллар. Холобур, мин киинэ сүрүн муусукатын олох сөбүлээбэтим. Былыргы сахалар туһунан сэһэн үрдүнэн симфоническай муусука тыаһыыра хайдах эрэ испэр киирбэтэ. Сорох көрөөччүлэр “тыйаатыр туруоруутун курдук” диэн кэпсэппиттэрин иһиттим. Мин санаабар, үһүйээҥҥэ олоҕурбут киинэҕэ сөп түбэһэр курдук. Киинэни таҥыы сорох сирдэригэр наһаа ыпсары, уларыйыыта олус түргэн курдук. Бу киинэ толору миэтирдээх хартыынаттан таһынан сериал быһыытынан оҥоһуллубута билэр быһыылаах. Элбэх түгэннэрдээх устууну икки чаас усталаах киинэҕэ кылгатан батарыы — уустук дьыала.
Түмүккэ
Туох да диэбит иһин, сахабын дэнэр киһи бары көрөрүгэр, ырытарыгар аналлаах улахан киинэ оҥоһуллан тахсыбыт. Хайаан даҕаны киэҥ экраҥҥа көрүҥ диэн ыҥырыахпын баҕарабын. Дойдубут кэрэ сирдэрин, кырыктаах кыргыһыылары тэлэбиисэр кыра экраныгар көрөн толору астынар кыаллыа суоҕа дии саныыбын.
Сэтинньи 4 күнүгэр Саха сирин киинэ тыйаатырдарыгар “Тыгын Дарханы” көрүҥ диэн ыҥырабын!
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru