Бэҕэһээ, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ “Тыгын Дархан уобараһа наукаҕа, литератураҕа, тыйаатырга уонна киинэҕэ” диэн тиэмэҕэ “төгүрүк остуол” ыытылынна. Манна биир санаалаахтар мустан Тыгын Дархан уобараһын туох төрүөттэргэ олоҕуран киинэҕэ устубуттарын, саха норуотун 15-17-с үйэлэрдээҕи култууратын, Далан арамаанын тула кэпсэттилэр. Киинэ кэлэр сылга киэҥ экрааҥҥа сүрэхтэниэҕэ.
Тэрээһиҥҥэ киинэ режиссера Никита Аржаков, устар бөлөх, профессор Виктор Михайлов, ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров, суруйааччылар Наталья Харлампьева, Баһылай Харысхал, Сэмэн Тумат, археолог Розалия Бравина, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ о.д.а. кытыннылар, санааларын үллэһиннилэр.
“Төгүрүк остуолу” Олег Сидоров ыытта:
— “Тыгын Дархан” киинэ өрөспүүбүлүкэбит култууратыгар биир саамай улахан бырайыагынан буолар. Онон искусствобытыгар, наукабытыгар, историябытыгар дириҥ суолталаах. Киинэ оҥоһуллуутугар литература эрэ буолбакка, наука үлэһиттэрэ эмиэ быһаччы кыттыыны ылбыттара. Режиссер Никита Аржкаов киинэни түмүктүүр биэтэккэ кэллэ.
Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат маннык кэпсэтии наадатын, элбэх үлэ оҥоһуллубутун, итиэннэ Никита Аржаков Далан “Тыгын Дархан” айымньытыгар санаата тохтоон, киинэ устубута олус сөптөөх быһаарыныы, манна саха норуотун нууччалар кэлэ иликтэринэ ойууламмыт олоҕо – быыһык, тойон хаан олоҕун туппут кэмэ көстөр диэн бэлиэтээтэ. Өссө бу киинэ уһуллан саха норуота түмсүүлээх буолбутун эттэ.
“Тыгын Дархан” киинэҕэ научнай консультанынан археолог, профессор, история наукатын доктора Розалия Бравина үлэлээтэ. Кини: “Миэхэ Петр Бояркин булгунньах уруһуйун ыыппыта, онно хантан бачча улаханы буллугут диэн олус соһуйбутум. Маннык көмүллүбүт сирдэр өбүгэлэрбитигэр бааллар эбит. Ону Ньурбаттан уонна Сунтаартан булбуппут. Дьон бу киинэни наһаа кэтэһэр. Биһиги, сахалар, култуурабытын билбэт омук буолбатахпыт. Онон, киинэҕэ улахан сыыһа-халты тахсыбата буолуо”, — диэн санаатын эттэ.
Оттон искусствовед, учуонай Зинаида Иванова-Уварова Саха сиригэр Тыгын Дархан пааматынньыга суоҕун эттэ:
— Тыгын Дархан уобараһа ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа үчүгэйдик киирэ илик. Эдуард Пахомов Тыгыны сэриини салайар уобарастаан эскиис оҥорбута. Оттон Ньургуйаана Филиппова диэн эдэр искусствовед Тыгыны чороонноох олорорун, ол аата дьону түмэр аналлааҕын бэлиэтиир гына оҥорбута. Хаҥаласка “Орто дойду” комплекска Тыгын Дархан пааматынньыга турар сирэ бэлэм. Ол эрээри, бу хамсааһын үп-харчы боппуруоһуттан тутуллан турар быһыылаах.
“Сахамедиа” генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Ноев маннык хабааннаах “төгүрүк остуоллар”, пресс-кэмпириэнсийэлэр улуустарга уонна иһитиннэрэр, биллэрэр эйгэ үлэһиттэригэр, ол эбэтэр, суруналыыстарга ыытылларын наадалааҕын бэлиэтээтэ. “Тыгын Дархан уобараһа наукаҕа, литератураҕа, тыйаатырга, киинэҕэ уонна иһитиннэрэр, биллэрэр эйгэҕэ” диэн көрсүһүүлэрдэ тэрийиэххэ. Суруналыыстар киинэ уһуллар буолуоҕуттан саҕалаан бу тула элбэҕи суруйдулар, көрдөрдүлэр, иһитиннэрдилэр”, — диир Афанасий Иванович.
Тэрээһини түмүктээн, режиссер Никита Аржаков: “Киинэ уһуллуутугар көмөлөспүт дьоҥҥо махтанабыт. Уста сылдьан дьонтон-сэргэттэн бэйэбит элбэҕи биллибит. Маннык хабааннаах, холобур, Платон Ойуунускай, Максим Аммосов тустарынан киинэлэри оҥорон, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыахха наада диэн саныыбын. Киинэ эйгэтигэр ыччат киирэн истин. “Тыгын Дархаҥҥа” элбэх эдэр киһи үлэлээтэ, бу киинэбит кинилэр аартыктарын арыйдын. Сахалар норуоппут историятын, олохпут-дьаһахпыт туһунан ырытарбытыгар «Тыгын Дархан» киинэбит төһүү күүс буоллун”, — диэн тыл эттэ.
Айтана Аммосова, edersaas.ru
Сүрүн хаартыска уонна видео — интэриниэттэн,
иһинээҕи хаартыскалар — СИА.