“Тыгын Дархан” киинэни устааччылар: “Чурапчылар түмсүүлээх эбиккит!”
Муус устар 4-6 күннэригэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин сиригэр, Чуораайытта эбэҕэ, «Сахафильм» “Тыгын Дархан” киинэ биир саамай эппиэттээх, быһаарыылаах түһүмэҕин уһулла. Уратыта – кыһыҥҥы кэмҥэ уонна олус элбэх — 1000-чаттан лаппа тахса киһи кытынна: 1000 сатыы буойун уонна 100 аттаах сэрии.
Бу, Чуораайытта алааһыгар саха норуотун чулуу уола, бастакы лингвист-учуонай Сэмэн Новгородов төрөөбүтэ. Онон, биир дойдулаахтара-чурапчылар Ытык сиргэ хайдах курдук үрдүк эппиэтинэһи сүгэн, хайдах-туох ностуруойдаах сылдьыбыттарын сэрэйиэххэ эрэ сөп.
“Бу күннэргэ Чурапчылар бары Даланынан, ону тэҥэ “Тыгын Дархан” киинэ уһуллуутунан олоробут. Этэргэ дылы, турардыын-турбаттыын… Бөһүөлэк аайыттан сылгыһыттар аттарын миинэн кэлбиттэр, оннооҕор өссө элбэх эр киһи бука бары массовкаҕа кытталлар. Сылгыһыттар барахсаттар, наһаа бэрээдэктээхтэр. …Онно үөрүү-көтүү, букатын ыһыах курдук үһү. Киинэ устааччылар: “Дьоҥҥут наһаа маладьыастар, барытын үөрэ-көтө, сөбүлэһэн, сөрү-сөпкө оҥорон иһэллэр. Ким даҕаны тоҥнум, сылайдым эҥин диэн кыҥкыйдаабат, наһаа үчүгэйдэр, дьиҥнээх патриоттар эбит!”, — диэн хайҕаан үөртүлэр. Киинэҕэ уһуллубут дьоҥҥо барыларыгар олус махтаналлар”, — батсаап ситимигэр дьон маннык кэпсэтэриттэн эмиэ элбэҕи өйдүөххэ сөп.
Улуустааҕы Култуура управлениетын салайааччы Дмитрий Попов Чурапчы улууһун бары эр хоһууннарыгар, нэһилиэктэр баһылыктарыгар, тэрилтэлэр салайааччыларыгар, “Тыгын Дархан” киинэни устуу бастакы күнүгэр көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин киинэни устар айар бөлөх уонна улуус дьаһалтатын, салалтатын ааттарыттан махталларын тиэрдибитэ. “Сарсын сарсыарда 09:00 чаастан бука бары биир киһи курдук тутуспутунан, дьоммутун-сэргэбитин тэрээһиннээхтик түмүөҕүҥ. Киинэни устуу бүгүҥҥү күнэ олус табылынна. Онон, сарсын — өйүүн бу курдук, көҕүрээбэт ахсаанынан күүс көмө буолуоҕуҥ…”, — диэн ыҥырар кини.
Оттон улуустааҕы Тэрийэр бөлөх: “Ытыктабыллаах Чурапчыбыт Бар Дьоно, Эр Хоһууннара, нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, Боотур Уус удьуордара, Улуу Кудаҥса сыдьааннара, муус устар 4-5 күннэригэр “Чурумчуку” саха остуоруйатыгар киирбит Ытык Чуораайытта Эбэ Хотун киэҥ киэлитигэр, сыа хаарынан бүрүллүбүт сымнаҕас ньууругар анаан ааттаан мустаҥҥыт, ыҥырыыбытын ылынан, албан ааттаах өбүгэбит Тыгын Дархан туһунан киинэҕэ күргүөмнээх, көхтөөх, дьоһун кыттыыны ылбыккытыгар, күүс — көмө буолбуккутугар барҕа махталы, истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!!!
Сарсын, муус устар 6 күнүгэр, киинэбит түмүк, туомтуу баайыы устуутугар өссө көхтөөхтүк, күргүөмнээхтик кэлэн кыттаргытыгар ыҥырабыт!”, — диэн, дьон санаатын өссө өрө көтөҕөн, биир сыалга-сорукка туһаайбыта.
Киинэ уһуллуутугар улуус хас биирдии нэһилиэгиттэн 20-лии, 40-нуу, оттон улуус кииниттэн Чурапчы сэлиэнньэтиттэн 500-тэн тахса эр киһи кыттыбыт.
“Күн аайы кыттааччы эбиллэн иһэр, нэһилиэктэр, аттаахтар дьоннорун, балаакканан түһэ сытан аһатан, күн аайы киллэрэн- таһааран, өйүөлээн-тайаалаан, солбуйан, үлэ-хамнас бөҕөтө буоллубут. “Чурапчы” ТХПК 1000-тан тахса киһини күҥҥэ биирдэ сылаас эбиэтинэн — кэтилиэттээх, килиэптээх гречканан хааччыйда. Дьиҥнээх патриоттар!
Хаардыы туран, киинэ уһуллар күнүгэр күн тыкпыта, чап-чаҕылхай күн турбута, ол гынан, икки бастакы күн тымныы тыаллаах этэ, үһүс – түмүктүүр түһүмэххэ, дьэ, сылаас, бэртээхэй күн буолбута. Уопсайынан, күммүт-дьылбыт анаан туран биэрдэ…”, — дэһэллэр олохтоохтор.
Кыттааччы санаата:
Дмитрий ПОСЕЛЬСКАЙ, саха норуодунай суруйааччыта, педагогическай наука кандидата В.С. ЯКОВЛЕВ-ДАЛАН үөрэнээччитэ:
— Бу биһиги бэһиэ буолан “Кэскил” уһууйаантан Болтоҥоҕо, Чуораайыттаҕа Сахафильм “Тыгын Дархан” киинэтин уһуллуутугар кытынныбыт. Уопсайынан, киинэ устуута сүрдээх уустук үлэ дии санаатыбыт. Бачча элбэх киһини, аты мунньан, таҥастаан — саптаан, сэптээн-сэбиргэллээн, гириимнээн, аһатан- сиэтэн, хамсатыах диэтэххэ – бу барыта үгүс үлэттэн, үчүгэй тэрээһинтэн тахсар. Чурапчыбыт, нэһилиэктэрбит эр дьоно бука бары сүрдээх өрө көтөҕүллүүлээхтик, өрөйөн-чөрөйөн, режиссер бары этиилэрин толорон, Боотурдар оруолларыгар киирэн, бэркэ сэргэхсийэн кытынныбыт. Биир интэриэһинэйэ баар – дьиҥинэн, эрдэ да эппиттэрин курдук, сэриигэ күн аайы буойун ахсаана көҕүрээн иһиэхтээх эбит – оттон биһиэхэ, киинэҕэ уһуллуон баҕалаах, мин көрдөхпүнэ, күн аайы элбээн истэ… Мин ытыктыыр, үөрэппит учууталым Василий Семенович Яковлев-Далан суруйбут айымньытынан уһуллубут киинэҕэ массовкаҕа кыттыбыппынан олус киэн туттабын, үөрэбин. Кэлин бу киинэбитин оҕолорбут, сиэннэрбит көрүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпин.
Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru