ХАРАҤА ХОС: Дьикти түбэлтэ

01.07.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: pxhere.com
Мин олоҕум усталаах-туоратыгар төһөлөөх элбэх сиргэ олорбуппун билигин да ааҕан сиппэппин. Олус элбэх буолан, сорҕотун, ханна олоро сылдьыбыттаахпын, таһы-быһа умнан да кэбиспиппин.

Биир сыл иһигэр олорор дьиэбин кырата 5-6-та уларытабын. «Дьэ, туох айылаах тэһийэн-тулуйан олорбот киһитэй?» дии саныаххыт да буоллар, бэйэм курдук дьон син бааллара буолуо диэн эрэнэбин.Идэбинэн тутааччыбын. Идэбинэн да буолуо дуо, ол – үөрэнэн ылбыт идэм буолбатах. Быһата, айахпын уһанан ииттэбин. Сулумахпын. Кыра-мара дьүһүннээхпин, дьахтары ухаасыбайдыыры сатаабаппын. Сатаабат буолуом дуо – оннук үөрүйэҕим суох. Интэриэһим да суох. Кыбыстарым да бэрт. Биригээдэлээхпин. Сүрүннээн, чааһынай ыалга дьиэ, баанньык, гараас, булуус тутабыт. Миэбэл да оҥорооччубут. Ити курдук улуустарга да сылдьааччыбын, куорат таһыгар да үлэлиибин. Саамай ырааппыта Өлөөҥҥө тиийэн дьиэ туппуттаахпыт. Оттон билигин Жатайга кырыыһа тута сылдьабыт. 

Чэ, быһата, биир түбэлтэни кэпсиим. 2008 сыл сааһыгар Сэргэлээх шоссетыттан кыратык туора, улахан баай киһиэхэ икки этээстээх коттедж тутарга дуогабардастыбыт. Дьиэбит туруохтаах сирэ бэрт намыһах, эбиитин урукку маар онно буолан оллур-боллур. Хаһаайыммытын кытта сүбэлэһэн, маҥнай утаа сири бэлэмниир буоллубут. Куоракка дьиэтэ-уота суох дьон, уһаайбаҕа балаакка тардынан, манна үрдүттэн олорон үлэлииргэ быһаарынныбыт. Хас да массыына тутуу бөҕүн-саҕын аҕалтаран сирбитин тэҥниибит. Маҥнайгы түүммүтүгэр мин түүл түһээтим. Мээнэ ону-маны түһээччим суох. Түүлбэр хаһан да суолта уурбатаҕым. Мин да түүлүм диэхтээн, боростуой киһи түүлэ, көннөрү күн-дьыл уларыйыытыгар кэлэр-барар былыт иигэ-сааҕа буоллаҕа.

Арай, доҕоор, түһээтэхпинэ, ыраас баҕайы хонууга тиэрэ түһэн, утуйан барылата сытабын. Хараҕым аһаҕас курдук. Халлаан көстөр, өссө онно ыһыах буола турар. Тыаһа иһиллибэт. Дьон бөҕө төбүрүөннээн олороллор. Сэргэлэр, эмис сылгылар, сахалыы иһиттэр бааллар. Итини барытын мин үөһэттэн көрөр курдукпун. Эмиэ да сиргэ түһэн кэллим. Төбүрүөннээн олорор дьон бары тута мин диэки хайыстылар. Үйэбэр харахтаабатах дьонум. Бары сахалар, таҥастара-саптара да оннук. Соһуйбут курдук көрөллөр, им-ньим олороллор. Туруом дуо, ол дьон быыстарынан хаамар курдукпун. Кинилэр туран миигин эккирэтэллэр. Эккирэтэн ситэллэрин билэбин, ол гынан баран син биир куота сатыыбын. Сүүрдүм аҕай. Сүүрэн-сүүрэн бараммын, отой сэниэм эстэн хаалла. Били дьон сымсалара бөҕө, таах салгынынан устар курдуктар, үрдүбэр түстүлэр, хам баттаатылар. Эмиэ да туохпун да ыарытыннарбатылар. Арай атахпын кэлгийэн баран, туохха эрэ таҥнары ыйаан кэбиспиттэр дии саныыбын. Онно ыҥыранан сарылыы-орулуу, тиритэ-хорута сытан уһуктан кэллим.

Туран баран саныыбын ээ, бу туох эрэ дьиктилээх сир буолаары гынна. Баҕар, манна урут олоро сылдьыбыт дьон өтөхтөрө, баҕар, былыргы суол төрдө баара буолуо диэн, куппут тааспытын хаама сылдьан тэбиэлээн көрдүм, уһаайбаны эргиччи турар бэс тыатын кэрийэ одуулаатым. Лүҥ тыа. Туох да манна урут олохсуйбута, тутулла сылдьыбыта биллибэт.

Уһаайбабыт сирин тэҥнээн, бырайыагы көрөн, ханан дьиэ турарын, ханан гараас баар буоларын быһаарсан баран, үлэбитин саҕалаатыбыт. Туох да олус куйаас, нуһараҥ сайыҥҥы түүннэр саҕаланнылар. Уу чуумпу. Эмиэ да куораппыт субу турдаҕа дии, субу тыа кэтэҕэр. Ханна эрэ чугас эмиэ устуруустууллар, тыаһыыллар-ууһууллар. Абааһы эрэ туһунан санаабаккын. Оннук биир үтүө киэһэ ырааҕынан аймаҕым дьахтар быһа аалан, көрдөһөн, Мархаҕа олбуор саайа барар буоллубут. Бу үлүгэр үлэ үгэнигэр онно-манна ойуоккалаһа сылдьарбытын хаһаайыммыт сөбүлүө суоҕа диэн, биир тылы быктарбакка барарга сананныбыт. “Түүн иһигэр төрдүө буолан биир кыра олбуор сыыһын саайан бүтэрэр инибит, бэлэм маһынан баҕас” дэстибит. Сарсыарданан кэлиэхпит буоллаҕа. Инньэ гынан биир уолбутун малы-салы маната диэн, манна хаалларарга сүбэлэстибит. Туруммут дьон олоруохпут дуо, киэһэ чэйдээн баран айаннаатахпыт дии. Уолбут Бааска үөрэ-көтө, күлүү гына, “ситиһиилээх үлэни” баҕара хаалла, бэйэтэ эрдэ утуйан сынньаныах, ол оннугар сарсын эрдэ уһуктан барыбытыгар “кофе в постель” аҕалыах буолла. Биһиги көрүдьүөс дьоммут, наар итинник хаадьылаһабыт.

Били аймаҕым дьахтарга тиийэн олбуорбутун түүнү быһа саайдыбыт, “бэлэм да бэлэм” диэбитэ баара, сиэрдийэлэрэ да хатырыктана иликтэр эбит. Сарсыарда буолуута чэйдээн баран, төттөрү Сэргэлээхпитигэр айаннаатыбыт. Тиийбиппит – киһибит мэлигир. Балаакката аһаҕас турар, кумаар бөҕө туолбут. Чэй да оргутунан испэтэх быһыылаах, оллоонун анна былыр үйэҕэ умуллан күлэ эрэ үллэн сытар. Биһиги киһибитигэр мөҕүттэн, тыл бырахсан баран, “эдэр киһи күүлэйдии ойдоҕо” диэн быһаараат, утуйдубут. Сэрэххэ, эрийэн көрдүбүт даҕаны төлөпүөнэ арахсыбыт. Сарсыныгар эбиэт саҕана хойутаан уһугуннубут. Киһибит хантан кэлиэй, мэлигир. Төрдүө буолан күммүтүн түмүктээтибит. Уолбут кэлбэтэ. Киэһэлик хаһаайыммыт кэлэн тугу уһаммыппытын, үлэлээбиппитин көрөн-истэн барда. “Биирбит бүгүн наадалаах буолан куоракка барбыта, кэлэр ини”, – дэстибит. Уолбут иккис күнүн кэлбэтэ, төлөпүөнэ хаппат. Сирдээн да тимирбитэ биллибэт, халлааннаан да көппүтэ иһиллибэт. Уолбут сүппүтэ 4-5 хоммутун кэннэ ийэтэ төлөпүөннүүр:

– Хайа, Бааска ханна сылдьарый, төлөпүөнэ хаппат буолбута ыраатта. Эһигини кытта үлэлии сылдьар дуо? – диир. Мин уол сүппүтүн туһунан хайдах баарынан эттим. Ийэтэ аймахтарыттан, табаарыстарыттан – барыларыттан ыйыталаспыт эбит. Киһибит мэлигир. Дьэ, мучумаан буолла. Ийэтэ аймалҕан бөҕө. Биһиги да ыксаатыбыт. Биллэриигэ биэриэххэ, милииссийэлэргэ этиэххэ дэстибит. Ол быыһыгар уолбутун бэйэбит көрдөөн көрөргө сананныбыт. Көрдөөн да хайыахпытый, туох да биллибэтэ. Сарсыныгар дуу, өйүүнүгэр дуу уолбут дьэ көһүннэ. Балыыһаттан эрийбиттэр эбит ийэтигэр. Сонно тута саккыраһан ол балыыһабытыгар тиийдибит. Уолбут отой нэһиилэ сытар, хараҕа эрэ хамсыыр, дэлби ыран хаалбыт, эпэрээссийэлээбиттэр. Быраастар микроинфаркт диэтилэр дуу, микроинсульт диэтилэр этэ дуу? Туох буолбутун ыйыталаһа сатыыбыт даҕаны отой сатаан киһи иилэн ылар гына саҥарбат. Саҥата биир кэм уҥуоҕа суох уонна бытаан. Өр да өр ньамалаһан: “Итиннэ үлэлээмэҥ, тохтооҥ, үлэлээмэҥ, барыҥ, үлэлээмэҥ”, – диир эбит. Балыыһаҕа хайдах киирбитин ыйыталаспыппыт, Сэргэлээххэ суол кытыытыгар охто сытарын ааһан иһэр массыына булбут, “суһал көмөнү” ыҥырбыт эбит. Хайыахпытый, санаабыт самнан, олус куттанан хаһаайыммытыгар табыллыбатахпытын эппиппит. Биллэн турар, ол ый аҥаарын быһа үлэлээбит харчыбытын ылбатахпыт. Хаһаайын улаханнык кыыһырбыта, эмиэ да куттаммыта быһыылааҕа. Ол сиргэ хойуккааҥҥа диэри “туох да тутуллубакка турар” диэбиттэрэ. Баҕар, атыылаабыттара буолуо, баҕар, бырахпыттара буолуо. Тиийэн ыйыталаспыт, көрбүт суох.

Билигин Бааска үтүөрэн сылдьар. Инбэлииккэ таһаара сыһан баран, доруобуйата көнөн, таһаарбатахтара дуу, дьыалатын ситэ эккирэтиспэтэҕэ эбитэ дуу? Чэ, уопсайынан, ол маннык буолбут.
Ол күн, биһиги барбыппыт кэннэ, Бааска астына-дуоһуйа балааккатын иһигэр араадьыйа истэ, хаһыат ааҕа сыппыт. Утуйан биэрбэтэх. Хаста да билэр дьонугар эрийтэлээбит. Отой үрүҥ түүннэр буоланнар, киһи уута аанньа кэлбэт да буоллаҕа. Таһырдьа кумаар эрэ дыыгыныыра иһиллэр үһү. Түүн икки чаас диэки балааккатыттан тахсан «сирин сиигирдибит». Арай киирэн сытаатын кытары олус күүстээх тыал түспүт. Бирээмэ балааккатын холорук эрийэр курдук үһү. Бааска уолуйан, таһырдьа ыстаммыт. Арай, доҕоор, балаакка үрдүгэр туох да омуна суох сүүнэ улахан холорук кэлэн ытыйа аҕай турар үһү. Бороҥнуҥу сырдык өҥнөөх, өссө улахан баҕайытык сыыйан ыйылыыр тыастаах эбит. Бааска ыга куттанан, уһаайбаттан хайдах сүүрэн тахсыбытын, суол кытыытыгар тиийбитин, охтубутун, төлөпүөнүн сүтэрбитин мылыччы өйдөөбөт эбит. Балыыһаҕа уһуктубутун эрэ өйдүүр.

Оттон биһиги уһаайбаҕа тиийэрбитигэр холорук кэлэн барбыт сибикитэ адьас суоҕа. Арай балаакка аана аһаҕас оҥойон турара. Кэнники да хоммут түүннэрбитигэр туох да биллибэтэҕэ. Ол гынан баран мин, түүл түһээбэтэҕим буоллар, Бааска кэпсээнин итэҕэйиэм суох этэ. Аны туран, итэҕэйбэккэ салгыы үлэлээбиппит буоллар, ол абааһы хас биирдиибитин биирдии-биирдии сиэтэлээбит да буолуон сөбө. Ол дьиэни тутан аньыыны оҥостубуппут буоллар, «оннооҕулар» чуумпуларын уйгуурдубуппут буоллар, билигин маннык үлэлээн-хамсаан, син киһи-хара буолан сылдьарбыт өссө биллибэт этэ. Онон хаһан баҕарар киһи бэйэтин иһигэр санаата туох диирин, сүрэҕэ тугу этэрин истиэхтээх. Дэлэҕэ даҕаны, ол баай киһи бырайыага, матырыйаала, бэлэм буолбут уһаайбата хас да сылы быһа кураанах туруо дуо?! Мин ол үлэттэн барбыппыттан кэмсиммэппин. Кырдьык, айылҕаҕа биллибэт-көстүбэт күүс эрэ элбэх. От-мас барыта иччилээх, хаһаайыннаах буолар быһыылаах. Онон, дьиэни-уоту туттар буоллахха, онно тиийэн хонон туруллуохтаах диэн кырдьаҕастар этиилэрин булгуччу тутуһуохха наада. Дьиэҕэ ол бу быртах киириитэ, абааһы буулааһына итинник сэрэҕэ суох буолартан тахсар дии саныыбын. Хойуу тыа тулалаах бүөм сиргэ буолбакка, аһаҕас хонууга дьиэни-уоту туттар ордук быһыылаах.

«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
1