Тыатааҕыны бултааһын сиэрэ-туома

Ааптар:  Вильям Яковлев
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Үһүйээн быһыытынан, тыатааҕы дьахтары кытта биир төрүттээхтэрин туһунан араастаан кэпсэнэр. Сорох сиргэ эр киһи эмиэ кырдьаҕас төрдүгэр сыһыаннааҕын туһунан кэпсэнэрэ биллэр.

Өбүгэ дириҥ итэҕэлигэр төрүттээх кырдьаҕаһы бултааһын сиэрэ-туома киэҥ ис хоһоонноох. Бастатан туран, тыатааҕыны көрбүөччүлээх — истигэн, билэ-көрө сылдьар (ордук арҕахха сытар кэмигэр) диэн сэрэхэдийэллэрэ. Тыатааҕы туһунан кэпсэтии буоллаҕына, истиэ диэн сытар маска үктэнэн туран кэпсэтэллэрэ, ордук дьахталлар, оҕолор. Тыатааҕы курдук күүстээх, кырыктаах, киҥнээх кыыл орто дойдуга суох диэн салла санаан, холобур, киһиргээн “өлөрүөм-өһөрүөм” диэн сааныы үөдэн, мөлтөх, куттас киһиэхэ сэттээх-сэмэлээх буолара.

Идэтийбит булчуттар дэҥ кэриэтэ үөр дуу, илэ, кырдьык ыккардынан, ичээн аабый (эһэ) баарын туһунан көрбүт дьон: “Сиргэ диэри соһуллар уһун түүлээх, сылгы кутуругун курдук уһун кутуруктаах, сүүһүгэр үс күннээх (маҕан туоһахталаах), үрүҥ мойбордоох улуу күтүр”, — диэн кэпсииллэрэ үһү. Сүүс эһэни бултаабыт киһини: “Үөһэ туолбут, аабый хааннаах аһыыта хатанар кэмэ-кэрдиитэ кэлбит”, — дииллэрэ.

Кыс ортото эһэ суолун көрдөхтөрүнэ — “сотуун сырҕан” диэн, арҕахха киирбэтэх, туох эрэ кыһалҕаттан “дьиэлэммэтэх” эһэни этэллэрэ. Ол муус кыаһаан куйахтаах аарыма кыыл бултуурга ордук кутталлааҕа, ону сиэр быһыытынан, буллуҥ да бултаныллыахтааҕа. Итини таһынан табыллан сытар кырдьаҕаһы салҕаан кээспэккэ, сордоон өлөрүү сэттээх-сэмэлээх буолара, ол курдук оһолго түбэһэн орон киһитэ буолуохха сөп. Ардыгар “кыырык наны” диэн олох кырдьан, тииһэ, тыҥыраҕа баранан, ытыктанар удьуор булчут үүтээнигэр “хараттара” киирэн биэрэрэ. Оттон булчут хоһууннара бултуу бараары туран, тыатааҕыны хайыһыннарыы, “киҥ хоҥноруу” тылын-өһүн ыыталлара. Ол курдук кырдьаҕаска бултуу барыыны тэҥнээх, харса суох, суостаах кыргыска киирсэр курдук санаан, бочуоттаан бэйэ бодолорун тардынан, бэлэмнэнэллэрэ.

Булчуттар арҕахха кэлэн, сааларын, үҥүүлэрин, ордук батаһы арҕах үрдүгэр тутан туран “Уһугуннарыы” туомун толороллоро. Бастаан кырдьаҕас булчут — ньымаат арҕах үрдүгэр туран бары булчуттар ааттарыттан этэр: “Бөһөт оҕонньор, бэйэ бодоҕун тардынан, болҕой, кистээн, уоран кэлбэтибит, тэҥнээх боотурдар көрсүһүөх, модьу бэйбэк! Уһугун! Уһугун! Уһугун!”.

Бары түмсэн арҕах ааныгар уһун икки сиэрдийэни силиһин кытта быһан, кириэстии бүө анньаллар, уонна ортотунан кирис быанан холбуу баайаллар. Дьэ, ол кэнниттэн ньымаат арҕах үрдүн дьөлө охсон, титирик төбөтүгэр мутук кириэстии баайыллыбыт ураҕаһынан дьөлөҕөс устун булкуйар, ол аата арҕахха хас эһэ сытарын, тыһы, оҕолоох дуу диэн чинчилииллэрэ. Ити кэмҥэ булчуттар арҕах ааныттан саҕалаан, бэлэмнэнэн турбуттарын кэннэ, ньымаат били хайаҕаһынан (арҕах үрдүттэн) төбөлөөх маһынан кырдьаҕаһы түүтүн эрийэн, дьөлө анньан уһугуннарар. Кырдьаҕас уһуктан быгыалаабытын кэннэ булчуттар этинэллэр: «Бөһөт тойон! Тохтоо, болҕой! Уолу көрөҥҥүн уоҕурума, кыыһы көрөҥҥүн кыыһырыма. Тэҥнээҕиҥ, холооннооҕун биһиги баарбыт. Уһун умтуону оҥорботохпут, уһун уҥуоххун тоһуппатахпыт, утуйа сыттаххына уоран кэлэммит баатыргаабатахпыт. Тохтоо, тойон эһэбит Мэхээлэ оҕонньор! Тохтоо, болҕой! Киһилии кэпсэтэн, сахалыы салаллан көрүөх”.

Кырдьаҕаһы ытан таптахтарына, арҕах иһиттэн күөх өҥнөөх салгын унааран тахсара. Оччоҕуна булчуттар: “Дьэ. Байанай биэрдэ”, — дииллэрэ. Ити курдук чахчы бултаабыттарын биллэхтэринэ, саамай эдэр булчуту арҕах иһигэр киллэрэн, кирис быанан иккилии атаҕын холбуу баайан, соһон таһаараллар уонна ыппатах булчуттар тахсыбыт эһэҕэ сааларын эстэрэллэрэ. Ити кэнниттэн сааларын өрө уунан туран Байанайы уруйдаан бары “Алакы! Алакы! Алакы!” диэн махтаналлара.

Вильям Яковлев, этнограф. Социальнай ситимнэртэн.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1