Мин бу кэпсээни өрдөөҕүтэ, отуттан тахса сыллааҕыта, Чооруос Мэхээлэтэ диэн киһиттэн истибитим. Олуура-моһуура суох буоллун диэн, кини аатыттан сэһэргиим.
– Биирдэ саас Луҥха үрэҕин тардыытыгар атынан кустуу таҕыстыбыт. Бултуур күөлбүтүгэр Алыһардаахха үрэх уута киирэр буолан, хайа даҕаны күөллээҕэр эрдэ сулар. Бөһүөлэктэн тэйиччи сытар. Ол иһин кыыл-сүөл, таба-тайах дэлэй дойдута. Кусчуттар үһүөбүт. Сирдьиппит, бу дойду иччитэ – Харбат Силип, 60 сааһыгар чугаһаабыт киһи. Кини – улахан булчуттар удьуордара. Биһиги кинилэр төрүт өтөхтөрүн, бултуур ыырдарын чэччитигэр сылдьабыт. Силип: «Эһэм хас даҕаны сүүс, аҕам сүүсчэ эһэни бултаабыттара», – диирэ.
Кини бэйэтэ оннук улахан булчута суох киһи, биһээлэ-бириинчигэ, ботуруонун ааҕара бэрт буолан, куска аҕыйахтык тыас таһаарара. Булда эмиэ ол сиэринэн буолара. Оччолорго кус элбэҕэ.
Бастакы түүннэрбитигэр үһүөн холбоон, сүүсчэ кустанныбыт. Түүн куска олорон баран, сарсыарда үүтээммитигэр тахсан утуйабыт. Күнүс ботуруон ииттэбит. Ол быыһыгар Силиппит оттуур сирин өртөнөр, күрүөтүн-хаһаатын абырахтыыр, тутуу маһын бэлиэтиир.
Үһүс күммүтүгэр киһибит улаханнык баттатан, ыһыытаан-хаһыытаан уһугунна. «Тугу түһээтиҥ?» – диэн арахсыбакка ыйыппыппытыгар кэтэмэҕэйдии-кэтэмэҕэйдии кэпсээтэ. Онтон өйдөөбүппүтүнэн, былыр кини эһэтэ манна саас бултуу сылдьан, тыһы эһэ: «Оҕолорбун өлөрүмэ. Мантан биирдэстэрэ кыыл-сүөл төрдө буолар оҥоһуулаах аһыҥас», – диэн көрдөспүтүн истибэккэ, арҕахтан саҥа тахсыбыт кырбас оҕолорун кытта ытыалаан кэбиспит. Эһэ өлөөрү сытан: «Бу оҕом кута ситэн-хотон баран, иэстэһэ тиийиэҕэ. Бэйэҕиттэн буолбатаҕына, бэдэргиттэн…» – диэн сааммыт.
Ол эһэ кута Силип түүлүгэр киирбит эбит. Онтон ыла кини кута-сүрэ самныбыт чинчилэммитэ. Ол түүн Силип дурдаҕа кус маныы олорон, «сүрэҕим өлөхсүйэр, төбөм ыалдьар, утуйан ылыыһыбын» диэн үүтээҥҥэ тахсыбыта. Сотору буолаат, үүтээн диэки саа тыаһа утуу-субуу өрө хабылла түстэ, хаһыы иһилиннэ. Силип мээнэҕэ ыппатын билэр буоламмыт,
кыттыгаһым Куосалыын бууппут быстарынан сүүрдүбүт. Тиийэн көрбүппүт – киһибит үүтээнин тула хаамыталыы сылдьар. Уҥуоҕа халыр-босхо барбыт. «Эһэ киирэн үүтээммитин үлтү чүүччэйбит, кэлбиппэр күлүү гыммыттыы утары хааман таҕыста. Аарыма улахан, түүтэ уот курдук сандааран көстөр. Киһиттэн куттаммат. Салгыҥҥа ытыалаабыппар даҕаны, кыһаммата. Эргиллэн көрө-көрө, тыаҕа таҕыста», – диэн кэпсии тоһуйда. Тыатааҕы үүтээммит халҕанын иһирдьэ үлтү анньан, барчалаан киирбит. Аан аттыгар күөдэллэнэ сытар биһиги малбытын тыыппакка, улаҕаа наара орон анныгар чөкө сытар Силип сээкэйин «кыайбыт». Ыһык килиэптэн, арыыттан, саахартан ордубатах. Онно сөп буолбакка, Силип чэй үүттэнэр икки бааҥка «сгущенкатын» хаптаччы ыстаан баран, үүтүн супту оборон эмэн кэбиспит. Бөтүөн түгэҕэр кутан сылдьыбыт арыыбытын сиэри, мунна баппакка, эмиэ ол «ньыматын» туттубут. Орон баһыгар ыйанан турбут Силип саабыйар саатын уоһун эпсэри ыстаан, туһатыттан таһаарбыт. Силип утуйар таҥаһын, таба тэллэҕин илдьи тыытан кэбиспит.
Куосалыын киһибитин алы гына сатаатыбыт даҕаны, уоскуйан быстыбата. «Ити эһэ буолбатах. Былыргы эһэ кута эһэм иэһин-күүһүн торгуйдаһа сылдьар» диэбиттии иэдэс эрэ биэрэр. Далга хаайыллан турар аттарбыт, тайахсыт аатырар икки ыппыт эһэ кэлбитин биллэрбэтэхтэрин сөҕө санаатыбыт. Силип ол күн бөһүөлэккэ бараары гыммытын ааттаһан
хааллардыбыт. Сирдээх-дойдулаах киһитэ суох хайдах сылдьыахпытый уонна умсаах, ырбыы андыта биллэн эрэрэ. Утуйар таҥаспытын саамылаһан, халҕаммытын оҥостон, салгыы кустуу хаалар буоллубут.
Ол күн киэһэтигэр, дурдабытыгар киирээри сырыттахпытына, Силип үүтээн таһыгар ойуурга туос хомуйа тахсан баран, ыһыы-хаһыы бөҕө буолан, төттөрү сүүрэн киирдэ. Үүтээнтэн биэс уонча хаамыылаах сиргэ били баҕайы тоһуйан үллэ сытарын ыы-муннунан көрсүбүт. Куоса саатыгар сүнньүөх укта охсон, кини ыйбыт сиригэр сүүрэн тиийэн баран, тугу даҕаны булбакка төнүннэ.
Силиппит: «Эһэҕэ сиэтээри ыыппатаххыт. Силиибин эмэн, чооҥкубун оборон баран биирдэ тэйээри сылдьар. Илэ абааһы быһыылаах», – диэн айдаан бөҕө. Биһиги буруйданан, саҥарбаппыт. Түүннэри айанныыр сэрэхтээҕинэн халлаан сырдаатар эрэ хоҥнорго, бу түүн үүтээн тула уот оттон, саалаах мананан хонорго быһаарынныбыт.
Түүн кырдьаҕас баарын биллэрэ сырытта. Ыттарбыт ыйылаһаллар. Чалбах мууһун хардырҕаччы үктээн хаамар тыас иһиллэр. Аттарбыт киһи куйахата хайдыар диэри сарылаһан соһуттулар. Сааларбытын туппутунан таһырдьа ыстаҥалаһан тахсыбыппыт, күрүө иһиттэн биир хара хааһах ыстанан тахсан тыа быыһыгар киирэн сүттэ. Сүнньүөҕүнэн кэнниттэн батыһыннары ытан эрэ хааллыбыт. Сэрэйбиппит курдук, Силип атын садаҕалаабыт. Сүнньэ тостон, хардыргыы сытарын тыынын салҕаатыбыт. Биир аппыт иирэ куттанан, күрүөнү үрдүнэн көтөн кыыл барбыт.
Уонунан кутаа умайан кытыаста турарыттан куттаммат кыыл эбит, өскөтүн, дьиҥнээх айылҕа кыыла буоллаҕына…
Ити курдук муҥнаахтык-таҥнаахтык бултаан турардаахпыт. Ол эһэни кэлин сонордоһон көрбүттэрэ даҕаны, булбатахтара. Оттон Силип барахсан ол сайын мэйиитигэр искэн тахсан, өлөөхтөөбүтэ.
Боотой уола Моһуок, «Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан