Тыатааҕы арҕахтан тахсыбыт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хоту дойдуга турдулар да ыраах айаҥҥа аттамматтар. Айан сыаллаах-соруктаах буолар.

Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru  


Былырыын ыам ыйын 12 күнүгэр Аллайыаха улууһун Юкагирскай нэһилиэгин баһылыга Виктория Трофимова улуус баһылыгар, ИДьУо, Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин начаалынньыктарыгар урут кыһыл көмүстээҕинэн биллибит  Ньамньааҕын учаастагар олохтоохтор тиэхиньикэлээх дьон баалларын көрбүттэрин туһунан тыллабыр түһэрбит. Ити кэмҥэ хаайтарыы буолан уонна онно бөртөлүөтү көтүтэр кыах суоҕунан, кыайан бэрэбиэркэлии барбатахтара. Сайыҥҥы кэмҥэ онно тиийэргэ суол олох суох. Күһүн суола мөлтөх, оттон кыһыҥҥы өттүгэр күн кылгас уонна улахан тымныыларга 160-ча км. айанныыр сыанан аҕаабат. Учаастак Оленегорскайтан туора, Орто Халыма диэки туһаайыынан сытар. Бу эргин өссө Киһилээх таас баар эбит.

Онон Илин Сибиир муоратыгар икки төгүллээх уһун айан кэнниттэн, быыс көстүбүччэ, Аллайыаха улууһун айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин үс үлэһитэ уонна тырааныспар полициятыттан Роман Фролов буоланнар, бу учаастакка баран кэллилэр.

        Дьон уонна тиэхиньикэ сылдьыбыт суолун-ииһин көрбөтүбүт, туундараҕа кими да көрсүбэтибит. Урукку бараак дьиэлэрэ хаарынан бүрүллэн тураллар. Ол оннугар, быйыл бөрө элбээбитэ бэлиэтэнэр. Кыыл табаны батыспыт суоллара баар. Быһата, кыыл таба сайыҥҥа бэлэмнэнэн, тыаттан тахсан, туундараҕа, муора диэки баран эрэр, — дэһэллэр иниспиэктэрдэр Иван Рожин уонна Александр Трофимов.

Хата, бу сырыыга арҕахтан тахсыбыт тыатааҕыга түбэспиттэр. Буран тыаһыттан үргэн буут быстарынан ойор үһү. Бу быһа холуйан үс саастаах эһэ арҕахтан тахсыбыта ырааппыт курдук. Ити эргэ суолунан сылыктаан этэллэр.

Оттон көҥүлэ суох көмүсчүттэри бэрэбиэркэлиир үлэ син-биир былаан быһыытынан барыаҕа. 

Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru      

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0