Тыараһа 10 оҕолоох ыалыгар массыына бэлэхтээтилэр

Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин уон оҕолоох ыалыгар саҥа дьыл иннинэ дьол тосхойдо.

Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Тааттаҕа тиийэн элбэх оҕолоох ыалы өйүүр бырагырааманан 10 оҕолоох дьоһун ыалга Михаил, Кристина Игнатьевтарга массыына бэлэхтээтэ. Бэлиэтээн эттэххэ, Игнатьевтар дьиэ кэргэн тыа хаһаайыстыбатынан, сүрүннээн ынах сүөһүнү иитиинэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Игнатьевтар саамай улахан оҕолоро устудьуон, оттон кыралара сэттэ эрэ ыйдаах. Саҥа дьылы көрсө үөрүүлээх түгэн өрөспүүбүлүкэ 10 оҕолоох ыалыгар тосхойдо.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0