-Чэ, эрэйдэнимэ, 750000 буолар – Миисэ киһитин эрэйдээбэккэ этэн биэрдэ. Дьөгүөр харахтара кэҥээн таҕыстылар, айаҕын аллаччы атан кэбистэ. Кини, сүөһүнү элбэҕи туппат, наар сылгынан сылдьар:
— Хайа, доо, олох мөлүйүөнүнэн харчы дии… Онтон сүөһүнү төһөнү тутуннуҥ?
— Быйыл аҕыһы идэһэлэннибит.
— Ол аата, харчытыгар төһө буоларый? – айыкка, бу сырыыга суоттаабаппын диэбиттии, киһитин өрө мыҥаан олордо.
— Аҕыс сүөһү ортотунан 1200 кг. буолар. Ону киилэтин 400 төгүллээ. 480000 тахсар.
— Бу да, харчы эбит. Доо, үүтэ барыстаах курдук тахсар эбит ээ. Атыылаан мачайдаммаккын, илдьэн туттарыы эрэ буоллаҕа.
— Оннук даҕаны, өлөрөр эмиэ наада. Билигин уруккубут курдук онно-манна баран атыылаан бириэмэбитин бараабаппыт. Батсааб күөдьүйэн истиһэ охсон, бэйэлэрэ кэлэн, ампаарбын кураанахтаан кэбиһэллэр.
— Хата диэ, — Дьөгүөр астынан Миисэни санныттан таптайар, тустуохтуу тардыалыыр. Тыа киһитэ барахсан, туох да кэтэх санаата суох, аһаҕастык үөрэрэ да астык. – Дьэ, маладьыас бырааккын. Онтон убаһаны төһөнү сиэтиҥ?
— Быйыл үһү тутуннум. Эдэрдэринэн иккис үөр оҥостоору атыттары ииттибит.
— Сөпкө дьаһаммыккын. Былааныҥ да киэҥ. Эдэр дьон тыаҕа олохсуйалларыгар, эйигиттэн холобур ылыахтарын сөп эбит.
— Эн этэҕин, ити, тэлэбиисэргэ устан көрдөрүөхтэриттэн, интэриэһиргээччилэр да баар буоллулар. Икки эдэр киһи кэлэн көрөн-истэн барбыттара. Бэркэ биһирээбиттэрэ: уот баар, тэриэлкэ антыаннанан сүүсчэкэ ханаалы көрөбүт, суотабай боростуойдук да буоллар хабар. Уоран байбатах киһи буоллаҕым, онон тыа олоҕун, үлэни-хамнаһы ыһа-тоҕо кэпсиибин.
— Оннук бөҕө буоллаҕа, дьон-сэргэ билэн, маннык дьаһаныахтарын наада, — Дьөгүөр хараны сөбүлүүр эбит, салаакка даарым да чугаһаабата — Дьэ, диэ. Миисэ, ити туртастарын олох дьиэтийбиттэр дии, убаһалары кытары бииргэ аһыы сылдьаллар. Миигиттэн, сиргэниэх быһыылара суох, син чугастарынан аастым ээ, — Дьөгүөр туртастары хара ааныттан бултаһар туһунан саҥарбатаҕын Миисэ биһирии иһиттэ. Икки туртас бу күһүҥҥэттэн окко, сиэмэҕэ сааҥтаан арахпакка убаһалары кытары буккуһа сылдьаллар. Тыа да кыыллара тыыппаккын биллэхтэринэ дьиэтийэллэр эбит. Тыһыта билигин да тэһии, атыыра киһиэхэ чугаһыахча, оннооҕор күрдьүөттээн убаһаларга муоһун тоһуйар буолла.
— Туртастар мин илиибиттэн аһаан кыстаатылар. Биһиги бастаан утаа, дьон-сэргэ суох сиригэр кэлэн, тэһийбэккэ өлөрбүт буолуо диэбиппит. Ону баара, айылҕалыын биир ситим буолан хаалар эбит киһи. Тугу барытын тыыннааҕымсытан көрөр буолар эбиккин. Бэл кукаакылар киһи илиититтэн аһыыр буоллулар. Таҕыстыҥ да аһаары сабдыҥнаһыы кытаанаҕа, онон килиэптээх сылдьыахха наада.
— Сөпкө этэҕин, Миисэ. Мин сааһым тухары айылҕаҕа сылдьыбыт киһи буоллаҕым. Салгыах быһыым суох. Дэриэбинэҕэ тыыным хаайтарар, ол да иһин, кэргэммиттэн үгүстүк хомуруллан эрдэҕим, дьиэ-уот үлэтигэр көмөлөспөккө… Дьыл хайа баҕарар кэмэ киһини умсугутар дьикти уратылаах. Кыһын тыаҕа туох кэлиэй дииллэр даҕаны, айылҕа бэйэтигэр тардар, умсугутар күүстээх. Айылҕаны аҥаар кырыы алдьаппакка, сиэри-туому тутуһа сылдьыахха наада. Оччоҕуна Ийэ айылҕа барахсан, биир оччонон махтанар. Ити, кырдьаҕас үөрүм биэлэрэ бары төрөөтүлэр диигин дии. Дьөһөгөйүн айылҕа оҕото буоллаҕа ол аата айылҕа миэхэ махтанар эбит диэн өйдүөхтээххин. Дьоҥҥо-сэргэҕэ, айылҕаҕа куһаҕаны оҥоруоҥ – сылгыҥ туруо суоҕа. Дьэ, итини билбит суолум, — ити, Дьөгүөр этэрэ оруннаах. Биир кэмҥэ сылгыны, сүөһүнү уорар дьаллык үөскүү сылдьыбыта. Ол уоруйахтар харыларыттан харбаппатахтара да, олохторо айгыраабыта. Айылҕа ситиһэр эбит.
— Оттуур алаастаргын күрүөлээн дьэ, быраат олохтоохтук оҥостубуккун. Маладьыас, — Дьөгүөр түннүгүнэн, хаарынан бүрүллэ сытар киэҥ нэлэмэн алааһы одуулуур, — бу, Дуолума төһө иэннээх этэй?
— Дуолумам 44 га, Кустаах 7 га уопсайа 51 га оттуур ходуһалаахпын. Алаастарым 70-80 туонна оту биэрэр буоланнар, холкутук сыл тахсабын, — Миисэ, “бу, барыта миэнэ”, диэбиттии, уҥа илиитинэн алааһын быластаан көрдөрдө. Алаас күөлүн саҕатыгар, дьыл баччатыгар диэри көхсүлэригэр хаар сыстыбатах атыыр үөрэ, халыҥ хаары төгүрүк туйахтарынан хаһан аһыы сылдьаллар.
— Оттуур алааспын өҥөйөн олоробун. Сарсыарда илиммин көрөөт, балык буһарын кэтэһэ таарыйа оҕустарбытынан барабын. Билигин урукку курдук сыһылбаҕа кэбиһии буолуо дуо, табахтыы-табахтыы урулуоннатан кэбиһэҕин. Түөрт тыраахтар тугу тулутуой, халлаан туран биэрдэҕинэ уонча хонугунан оттоон бүтэбит уонна урулуону барытын далбытыгар таһан кэбиһэбит.
— Оннук бөҕө буоллаҕа. Биһиги алаастарбыт ньуурдара көнөлөрө, курааны билиммэттэрэ, бэттиэмэ бастыҥа үүнэринэн аатыраллар. Аны күөллэрбит балыктара, кустара этэргэ диэри киһи олохсуйарыгар анаммыт курдук сирдэр, — Дьөгүөр дойдутун сирин билэрэ бэрт буолан киһиргиэн киһиргиир.
— Кырдьык атын нэһилиэктэргэ холоотооххо күөлбүт элбэх буолан балык, кус баар дьонобут, сааһын анаан-минээн оҥостон куска сыппаппын, бириэмэ да суох. Эбэ ити атаҕар айан куһа бэркэ саантыыр эбит, оол кууланан аартыктанан көрбүтүнэн кэлэллэр, — Миисэ, кустар көтөр суолларын тарбаҕынан ыйан көрдөрөр. – Маччыыттарбын кус көҥүлүн кэмигэр, итиннэ олордуталаан кэбиһэбин… түстэхтэринэ ити талах бүөлүү үүммүт холлороонунан нүксүччү туттан киирэн тэһэ ытан ылабын.
— Хайа, доҕоор. Арай суох кэмҥэр түстэхтэринэ? – Дьөгүөр сааһыт бэрдэ.
— Оччоҕуна аһаан-сиэн, сынньанан баран айаннарын салгыыр буоллахтара. Үлүмнэспэппит, айахпытыгар сөп буолары амсайабыт. Манна олохсуйуохпутуттан дьон мээнэ балыгы, куһу айбардаабат буоллулар. Оннооҕор бөхтөрүн ыспаттар-тохпоттор, тардыналлар. Кусчуттар, балыксыттар көҥүллэтэллэр. Онтон ылата “сир хаһаайыннаах буолуон наада эбит” диэн санаалаах олоробун, — диэт, Миисэ олоппоһун өйөнөрүгэр тиэрэ нарайбытыгар, бу сир, муҥур тойоно буолан көһүннэ. Дьөгүөр, киэптэттэ. Көрдүгэннээх алааһыгар баар сылгытын баазата өйүгэр тулаайахсыйан көһүннэ.
— Хата, көхсүм саалынна, — Дьөгүөр тыыллаҥнаата, тураары сутуруолаах тобугун имэриннэ, топпут киһи быһыытынан кэмчиэрийэ соҕустук кэҕиртэ. Онтукайа чуумпу дьиэҕэ чуолкайдык иһилиннэ. Кыбыһынна. Дьиэлээхтэр истибэтэх курдук тутуннулар. Сыалаах эт, харта, хаһа искэ киирэн баардарын биллэрдэхтэрэ. – Хата, бырааппар кэлэн, иҥэмтэлээх аһы-аһаан, астына кэпсэтэн- дуоһуйдум. Бээ, сылдьар сирим киэҥ, эһиги да күнүскү сүөһүгүт көрүүтэ кэллэҕэ, — Дьөгүөр, эдэр киһилии түргэн үлүгэрдик ойон турда, элэстэнэн тиийэн саҕынньаҕын кэттэ, бойбоччу курданан кэбистэ, чомпой бэргэһэтин кэтээт, уһун саарпыгынан муннулары, айахтары тууна баанан кэбистэ, ыт үтүлүктэрин кэтээт супту Миисэҕэ ыга хааман кэлээт ыга кууста, санныттан илгиэлээтэ, — чэ, кытаат Миисэ. Маладьыас. Үлэлээ-хамнаа. Айылҕа барахсан киһини чэбдигирдэр, ыраастыыр айылгылаах, — диэт, сүр эрчимнээхтик эргиллээт, арбаҕаһын түүтэ бурҕаҥнаабытынан тахсан барда. Үрүҥ туман өрүкүйдэ, муостанан сыыллан иһэн сылааска баһыйтаран иҥэн-сүтэн, симэлийэн хаалла.
***
Айылҕа бэйэтин дьаалатынан киэркэйэр дииллэр даҕаны, киниэхэ киһи илиитэ сыһыннаҕына, олохсуйдаҕына силигэ ситэн өссө тупсар. Оннооҕор оччоттон-баччаҕа диэри биһирэммэтэх, хас саастааҕа биллибэт кырдьаҕас олохтоох суор, Миисэлээх иччитэхсийэн турар Эбэҕэ көһөн кэлбиттэригэр үөрэн, тугу эрэ ыйыстан эрэрдии саҥаран эҕэрдэлэспитэ. Күһүҥҥү идэһэҕэ маҥкырдыар дылы аһаан түүтэ-өҥө тупсубута. Билигин да кини холугар сөп буолар собулҕа баар ахан. Олох араас уларыйыытын-тэлэрийиитин, бу, баараҕай тиитигэр олорон көрдөҕө, иһиттэҕэ. Хас үйэ, хатырыга суураланыар дылы олорбут аарыма тиитин мутугуттан саҥа ыаллары кыраҕытык кэтиир.
Суорга ким да кыһаммат. Баар эрэ, суох эрэ. Өллөҕүнэ да аһыйааччы суох. Суор төһө да бу сохсоллон олордор, ааспыт, билиҥҥи, инники олоҕу кини эрэ билэн, иһигэр сөҥөрдөҥ сырыттаҕа. Икки атах саҥа үөскээн, тэнийиитин саҕана, бэйэ-бэйэлэрин сэймэктэһэн, кыа-хаанынан устар “кэрэ” кэмнэрэ баара. Оччолорго, суордарга өҥ-тот да олох этэ. Онтон, эйэ дэмнээхтик алаастарынан бытанан олорор кэмнэригэр, икки атахтар тыаны кэтэр адьынаттаммыттара. Аны олору батыһан, харах тэһэн, ас таһаарынар буолбуттара. Бу Эбэҕэ, сорсуннаах да булчуттар төрөөн-үөскээн ааспыттара. Биир сыаллаах буолан, өйдөһөр курдуктара. Эрэй туохха үөрэппэтэҕэ баарай, аны суор кыылга сирдиир идэлэнэн, ас таһаарынар буолбута. Оо, оччолорго кырдьык, үчүгэй да кэмнэр эбит. Ас бастыҥыттан аһаан, болҕомто ортотугар сылдьара. Барахсаттарыҥ, үйэлэрэ кылгаһа бэрт. Дьэ, уугар-хааргар киирэн бодоруһан истэххинэ, үс атах буолан ити тыа саҕатынан куобахха тураахтыыллар эрэ. Онтон, эдэр көлүөнэ буутун этэ буһан тыаны харахтаныар диэри, аас-туор олох саҕаланар. Суор сүрэҕин хайытар сүллэр этиҥ тыастаах, уотунан уһуурар сэптэниэхтэриттэн булт аччаата. Онно эбии барыталаан, бу Эбэ иччитэхсийэн хаалбыта. Дьэ, бу саҥа, урукку кэм эргиллиэх курдук буолла. Сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх сырыыргыа, алаас муҥунан хороҕор муостаах хороҥнуо буоллаҕа.
Олох урукку киэбин ылыах курдук. Үнүр, 300 сыллааҕыта манна аһары айбардаан, үөрүн эстэрэн – тыынын тэскилэтэн хоту түспүт бөрө, хос, хос, хос, хос, хос, хос сиэнэ бэйэтин үөрүн батыһыннарбытынан Эбэ хабыллар хаба ортотунан, 300 сыллааҕыта өбүгэтэ барбыт суолунан, модун түөһүнэн тоҥуу хаары тоҕо солоон, үүт-маас олук үктээн ааста. Умса уур – тиэрэ уур, ол оччотооҕу бөрө сыдьаана буолара тута биллэр. Бу барахсанын өбүгэтин өһүн ситиһэ кэлбитэ дуу, эбэтэр быралыйан тыынын куоттара сылдьара дуу?.. Эдэрэ буоллар, батыһан – билэрэ хааллаҕа… кырдьаҕас суор сибиэһэй хааны санаан иҥсэтэ көптө. Бөлөнөх хааны ыйыстардыы саҥарбыта олуона баҕайытык иһилиннэ. Билигин урукку буолбатах, икки атах сайдан ити барахсаттары көҥүл көччүппэттэрэ буолуо. Сорсуйбут суор санаата итинник эбит.
***
Хаар быһыта сиэһэн, халыҥ хаарынан бүрүллэн турбут мастар, сааскы сандаархай күн сардаҥатын бэйэлэригэр иҥэрэрдии хаардарын түһэринэн, лабааларын үөһэ ууммуттар. Алаас саҕатынан сэлэлии үүммүт хатыҥнар, кэрэ кэм иһэрин билгэлээн көрүөхтэн кэрэтик кэккэлэспиттэр, Эбэ куулатын бэс чагдата сайыны санатан чэлгийэ көҕөрбүт. Дьиэ сарайыттан муус чопчулар киһи хараҕын саатырдан араас дьэрэкээн өҥүнэн оонньууллар. Саас илдьиттэрэ туллуктар, сылгы далыттан үрүҥ түүнү ыспыттыы, өрө көтөн тахсаат, чаҕылхай күнү эҕэрдэлиирдии эргийэ көтөллөр. Кинилэр дьүрүскэн саҥаларыттан остоолбоҕо дааҕыргыы олорбут тураах, киэптэтэн бөтө бэрдэрдэ.
Далга, биэлэр саҥа төрөөбүт кулуннарын биэбэйдииллэр. Бороохтуйбут кулунчуктар өрүтэ тэбэ-тэбэ ойуоккалыыллар, сиргэммитэ буолаат туора ыстаналлар уонна сүр эрчимнээхтик, күрүөҕэ түһүөхтүү, сүүрэн быыппасталлар. Ол аайы ийэлэрэ “сэрэниҥ” диэбиттии иҥэрсиһэллэр. Ортоку далга сүөһүлэр сааскы, сибиэһэй салгыҥҥа тахсан сэргэхсийбиттэр. Эдэр өттө кэйсибитэ буолан сүүстэринэн анньыһаллар, соҕотох атыыр оҕус баара күнэ тахсан, күөнэҕэ оонньоон көрүлүү сылдьар. Арай саах таһаарар ат оҕус бу көргө кыттыбакка – оту иһэ ыларынан сии турар. Сибиинньэлэр хордурҕаһаллара, бөтүүк хаһыыта, бу барыта силбэһэн, тыа ыалын баай-тот олоҕун кэрэһитэ буолан – сүрэҕи сылаанньытар.
Дьараама Эбэ саталлаах илииттэн күрүөлэнэн-хаһааланан, дьиэ-уот тутуллан өссө тупсубут. Эбэ барахсан махталын тылынан төһө да эппэтэр, бар дьону араҥаччылыыр, арчылыыр айылгылаах!
Оо, тыа Сирэ барахсан – кэрэҕиҥ даҕаны.
Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах
Хаартыска: gallery.ykt.ru