Тыам сирэ барахсан…(КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
02.04.2020
Бөлөххө киир:

Олох. Олох хаһан да, уу ньуурунуу, эриэ-дэхси буолбат. Түһүүлээх-тахсыылаах, тыйыс- ол эрээри кэрэ. Киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр арааска түбэһэн айгырыыр да, сириэдийэр да буоллаҕа.

Миисэ, күөх окко түһэн күнү көрүөҕүттэн, төрөөбүт-үөскээбит Элэһиниттэн харыс халбарыйбакка суоппар, тырахтарыыс идэтин баһылаан үйэлэр уларыйар кирбиилэригэр, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр кэтэх хаһаайыстыбаларын ыспакка, эрдээхтик көрсүбүттэрэ. Тумул кыыһын кэргэн ылан, Элэһиҥҥэ дьиэ туттан, икки кыыс, биир уол оҕолонон, сүөһү ииттэн, дьоллоох-соргулаах олох сириэдийбитэ.

Элэһин кыра учаастак буолан, алын сүһүөх кылаас оскуолалаах, онон оҕолор үрдүкү кылаастарга Тумулга үөрэнэллэр. Миисэ уол ол сиэринэн бэһис кылаастан Тумулга үөрэммитэ. Оччолорго бүтүн Өрөспүүбүлүкэҕэ, норуокка биллэринэн “Халдеев оскуолата”, диэн аатырбыт, туспа суоллаах-иистээх ураты оскуолаҕа СӨ, үтүөлээх тириэнэрэ, тустуу үс көрүҥэр спорт маастара И.А.Халдеев Уус-Алдан нэһилиэктэриттэн оҕолору сүүмэрдээн тустууга дьарыктыыра. Миисэ тустуу секциятыгар суруйтаран, утумнаахтык сыралаһан улууһугар үс төгүл бастыыр, Өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэн – санаата күүһүрэн, тустууну ыра санаа кыната оҥостон, спортка чиҥник үктэнэр. Дьэ, бороохтуйан, эт тутан иһэн оһолго сиһин өлөрөн хаарыан дьарыгын тустууну тохтоторго күһэллэр. Ити дьарыктаммыт сыллара Миисэ эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, чэгиэн-чэбдик буоларыгар тирэх буолбута. Онон оскуоланы бүтэрэригэр орто уҥуохтаах, кыраһыабай көрүҥнээх, түргэн туттуулаах, сытыы, кэлбит-барбыт “эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр”  уол оҕо одьунааһа, эр бэрдэ тыыллан-хабыллан тахсыбыта.

Дьол икки, сор икки арахсыспаттар. Ким инникини түстэнэн көрбүтэ баарай, олох күүппэтэх өттүлэриттэн алдьархай ааҥнаабыта. Эмискэ эдэр ыал улахан кыыстара оһолго түбэһэн өлүөҕүттэн дьолунан туолбут дьиэ курахсыйа түспүтэ. Кутурҕан, хараастыы ийэ чараас сүрэҕин кэрбээбитинэн барбыта. Хара дьай, ыарыы, аны ийэлэрин эпсэри ылан эдэркээн бэйэлээҕи бэйэтин маҥалайыгар симинэр. Дьэ, мантан саҕаламмыта, Миисэҕэ күн да сырдаппат хараҥа күннэрэ. Икки саамай чугас дьоннорун сүтэрэн, хараастыы, кутурҕан хабалатыгар хам ылларбыта. Синигэр түспүт уол аһыы утах албын абылаҥар төбөтүн оройунан түспүтэ. Миисэ, итириэр диэри истэҕинэ аһыыта ааспыт курдук буолан, сымыйанан күлбүтэ-үөрбүтэ буолара. Сүөһү-ас айгыраабыта, икки оҕо көрүүтэ-истиитэ суох хаалан, аймахтарынан барбыттара.

Үлэтэ суох үтүөх-батаах сылдьыы, үүнэр үтүө күнү туох да көдьүүһэ суох атаарыы олох саҕаламмыта. Киэһэ итирик, тоҥ хаһаа дьиэтигэр кэлэн, имик-самык сырдатар лаампа уотугар, ыһыллыбыт уораҕайын хараастыбыт, уулаах хараҕынан эргиччи көрөрө. Ааспыты, дьоллоох кэмнэрин санаан дууһата айманара, сүрэҕэ кыланара. Ис иһиттэн эҥсиллэн хабырынара, абаккатыттан, сутуругунан остуолу сууралыыра. Бүк түһэн олорон, арбайбыт баттаҕын икки илиитинэн мускуйара. Бу барыта түүл буолуон баҕарара…

Төһө өр маннык олох дьэбэрэтигэр сылдьыа эбитэ буолла. Арыгыттан өлөттөрө сытан, түүл түһээн үҥкэлийдэ. Ийэтэ барахсан, ыһыахха кэтэр сахалыы, байбаралаах ырбаахытын кэппитинэн бу сайбаарыйан киирэн кэллэ. Бүдүк-бадык дьиэ иһэ сырдаан, сылыйбыкка дылы буолла. Ийэтэ санаарҕаабыттыы дьиэ иһин эргиччи көрдө, Миисэҕэ, устан эрэрдии, аргыый хааман кэлэн, сылаас-сымнаҕас илиитинэн төбөтүттэн имэрийдэ. Иһиллэр гына өрө тыынна уонна намылхай куолаһынан:

-Оҕом барахсан, олох иэдйбиккин, киһи буолбат турукка киирэн эрэҕин. Оҕолоргун: Наадьаны, Уйбааны санаабат бэйэҥ буоллаҕа. Оҕом эрэ буолларгын, мин этэр тылбын өйдөөн хаал. Дьон ортотугар сатаан сылдьыбат буолбуккун, Дьараамаҕа, биһиги, өбүгэлэрин өтөхпүтүгэр тиийэн, дьиэ-уот туттан, сүөһү-ас ииттэн чэчирээ. Айылҕа – аймаммыт сүрэххин эмтиэ, үлэ – моорук буолбут дууһаҕын уһугуннарыа,- уонна ийэтэ хайдах киирбитин курдук буруо буолан сүтэн, симэлийэн хаалла.

Миисэ, илэтин-кырдьыгын быһаарардыы харахтарын аспакка, төбөтүгэр анаара сытта. Онтон хараҕын арыйбыта сааскы күн дьиэ иһин чэмэличчи тыган, сырдаппыт. Өлөттөрөн “дыҥ” курдук төбөтүн хамсаппакка, өһүөнү өр одуулуу сытта. Араас санаалар бииртэн биир чаҕылҕанныы курбууластылар. Ийэтэ кэлэн барбытын итэҕэйбэтэхтии ааны көрдө. Итирэн буоллаҕа – аан хатамматах. Дьиэҕэ туох да уларыйыы суох, арай, лаҕыыр буола киртийбит сон аан таһыгар “бу айылаах кэбилээтин диэбиттии”, тоһоҕоҕо иилэ быраҕыллыбыт. Саас кэлэн, кэтиллэр кэмэ ааспыт хаатыҥка муостаҕа ханньайан сытар.

Уол туран муустаах ууну хомуостан киллиргэттэ. Дьиэ уорастыйбыт. Оһоҕун оттон, уот тыһыргыы-таһыргыы умайарын өр одуулаата. Ийэтэ барахсан эппит тыллара өйүттэн арахсыбатылар. Миисэ төһө да арыгыттан өлөттөрөн олордор, ийэтэ илэ-чахчы киирэ сылдьыбытын курдук санаата. Хаһан эрэ бу дьиэҕэ оҕолор күлэн чаҕаараллара, кэргэнин минньигэс аһа, билигин ускул-тэскил сылдьар уоллаах кыыһа сааскы күн сардаҥатыныы сандааран көһүннүлэр. Миисэ хаһан эрэ иэримэ дьиэтин сылааһынан угуттаан иччилээбит оһоҕун уотун иннигэр, араас санааларга куустаран өр олордо. Ийэтэ барахсан уолун бүтэр уһуга чугаһаабытыгар, ыксаан араҥаччылыы, арчылыы кэлэ сырыттаҕа. Кырдьык, арыгы иннин ылбыт суох, бу мин, туох буолан киһи аатыттан ааһан эрэбиний? Саатар, оҕолорбун санаабат акаары эбиппин. Билигин күөгэйэр күммэр сылдьабын, ама үлэни кыайбат бэйэлээх буолуом дуо? Дьоннор, бааһынай хаһаайыстыба, ИП тэринэн бэркэ көннүлэр. Онтон мин, кырдьык өбүгэлэрим дойдуларыгар Дьараамаҕа дьиэ-уот туттан, сүөһү-ас иитэн олохсуйдахпына хайдах буолуой?.. Миисэ эмискэ киирбит ити санаатыттан чэпчээбиттии тура эккирээтэ. Оргуйбут чаанньыгын оһохтон ылла, чэй бардаран аһыырдыы оҥоһунна. Хаппыт килиэп күөмэйигэр турда. Ол да буоллар, урут сыалаах эти сытыы быһаҕынан тэлитэ быһы-быһа сиирин саныы-саныы күүһүнэн аһаабыта буолла. Бүгүн ханна да барбаттыы оҥоһунна. Дьиэтин хомуйан, сууйан өрө тарта. Дьиэ ырааһыран сэргэхсийдэ, Миисэ санаата Дьарааманан дайда. Хайдах, туохтан саҥа олоҕун саҕалыан өйө тиийбэтэ. Соҕотоҕун хайдах да кыайбатын биллэ. Биэс бииргэ төрөөбүттэрин түмэн сүбэлэһэргэ сананна. Миисэ ити санаатыттан эгди буолла. Кырдьык даҕаны, хаһааҥҥа диэри дьоҥҥо маннык үлэлии сылдьыай, былыргынан, айаҕын иһин сылдьар хамначчыт эбит.

Урукку Сыҥаах нэһилиэгин биир өҥ алаастардаах сиринэн Элэһин буолар. Дьараама Эбэ Хотун тыатын саҕатыттан уута туолан, тылбыйар кынаттааҕа күйгүөрэн, көмүс хатырыктааҕа ыан, уутун саҕатыгар лаһыйар кэрэ кэмигэр урааҥхай оҕото кута-сүрэ тохтуур, санаата астынар, хараҕа туолар дойдута. Былыр-былыргыттан айан суолун айаҕа, аттаах-сатыы тоҕуоруйбут, тибилгэн аартык тэлэллибит сирэ-уота. Манна улууһу салайсыбыт Куудурун кулубаттан саҕалаан, сэттэ кулуба, кинээс төрөөн-үөскээн ааспыттара. Сэбиэскэй кэмҥэ дьаам сүүрдүллүбүтэ, атыы-эргиэн дэлэйбитэ, холкуос тэриллибитэ. Нэһилиэктэр бөдөҥсүйүүлэригэр дьиэтэ-уота, дьоно-сэргэтэ көһөн, кэлиҥҥи кэмҥэ “Лена” сопхуос Тумуллааҕы отделениетын кытыы учаастагар кубулуйбута.

Дьараамаҕа “Саха хомсомуолун 60 сыла” сайылык пиэрмэ тэриллибитэ. Дойду ыһыллан күөрэ-лаҥкы түһэр кэмигэр быйаҥнаах алаастардаах Элэһиттэр олохторугар улахан охсууну ылбатахтара. Билигин тыа киһитэ харытын күүһүнэн ииттинэн олорор кэмигэр “Бэрэ”, “Хардыы” диэн бааһынай хаһаайыстыбалар тэриллэннэр эти-үүтү дэлэтиигэ, оҕуруот аһыгар идэтийэн үлэлииллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хаһаайыстыбалар буоллулар. Билигин бу бэйэлээх өҥ-быйаҥнаах Эбэ кураанахсыйан турар, арай, сайынын киин сирдэртэн дьон кэлэн сайылыыр.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0