ТЫАЛЫНАН КИИРБИТ ХОЛОРУГУНАН ТАХСАР (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
13.07.2017
Бөлөххө киир:

Римма Альбертовна кыһыл көмүс кылдьыылаах ачыкытын ылан остуолга элиппитэ муостаҕа түһэн истэҕинэ, сиирэ-халты тутан хаалла. Саҥа стилинэн тигиллибит сырдык итальянскай нуорка сонун уһулбакка кириэһилэтигэр лах гына олоро түстэ. Кыыһырбытыттан-кыйыттыбытыттан кыһыл көмүс долгуннурар суһуоҕун иннигэр түһэрэн намылыппакка, кэннин диэки эһэн кэбистэ. Үлэлиир сиригэр, мээрийэҕэ, чугаһаан иһэн кыыһын кылааһын салайааччытын Анна Иннокентьевнаны көрсөн кыйаханна аҕай.

«Римма Альбертовна, Нелли үөрэҕэр олох мөлтөөтө. Кыһаммат. Өйө-санаата күүлэй эрэ. Күүлэй үчүгэйгэ тириэрдибитэ суох. Биир кэлим эксээмэнин хайдах туттарар? Кэнники кэмҥэ борогуула да элбэх», — диэн тылбыҥнаатаҕа үһү. Учууталлар хамнастара үрдүк дииллэр. Иһиттэх ахсын, кинилэр хамнастара үрдээбит аатырар да, хаһааҥҥыта эрэ, уонча сыллааҕыта атыыласпыт нуорка сонунан тырыпыыскайдана сылдьаахтыыр. Эчи, унньулуҥнаан, соно сиэхтиин уһаабытын, саатар кылгаттарыа да эбит. Аныгы үйэҕэ реставрация диэни билбэт муҥа буоллаҕа. Быһыыта-таһаата да боростуойа бэрт, эбиитин икки этээстээх моҕохтонон, эр киһи хараҕа да быраҕыллыбат быһыылаах, ол иһин соҕотоҕун сылдьаахтыыр. Инньэ диэн санаабат, хоҥоруутугар да хоҥнорбот быһыылаах. Тос курдук туттар буоллаҕа үһү. Хас сырыы ахсын мин кыыспыттан иҥнэр да көрөн иһиллиэ.

Римма Альбертовна мээрийэҕэ сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлээбитэ оруобуна уон биэс сыл буолла. Дьыаланы-куолуну ымпыктаан-чымпыктаан билэр киһини мээнэ отунан-маһынан оҥорботтор, дэлэҕэ да бырабыыталыстыбаҕа делопроизводство отделын начаалынньыгынан ыҥыралларын хамнаһа улахан арыттаһыыта суох буолан, иннин биэрэ илик эрээри, барар буолла быһыылаах. Кылаабынайа, дуоһунаһа улахана уонна бырабыыталыстыба дьиэтигэр үлэлиирэ суолтата сыттаҕа. «Оскуоланы да билиллэр. Үлэҕиттэн тохтоотоххуна, билиэҕиҥ». Римма Альбертовна кыыһырбытыттан-кыйахаммытыттан үлэлиир баҕата сүтэн хаалла. Кириэһилэтиттэн ойон туран, кэбиниэтигэр күндү духуутун сытын хаалларан, тахсан барда. Кэдэччи туттан, үрдүк хобулуга тоһугураан, уулуссаҕа таҕыста. Киэҥ арылхай хараҕын күн уотуттан саатан араастаан симириктээн көрөрүн быыһыгар кынтаччы туттан Ленин болуоссатын диэки тоһугураан иһэн, утары көрсөр эр дьон үксэ кэнниттэн батыһа көрөн хаалалларын, дьахтар билэр буолан, өссө улуутумсуйбуттуу тутунна.

Төһө да үрдүктүк санана истэр, кыыһа кэнники кэмҥэ хараахтара уларыйбытын бэйэтэ да бэлиэтии көрбүтүн мэлдьэһиэн табыллыбат. Кыыһа уруккутун курдук атаахтаан кыра оҕолуу кэпсэтэ сатаабат. Харчы, күндү таҥас-сап ирдиирин эрэ билэр. Киэһэтин хойут кэлитэлиир. «Тоҕо түүннэри сылдьаҕын?» — диэтэҕинэ: «Улахаммын, кыра оҕо курдук көрөн бүт. Хата, бэйэҥ эдэримсийэргин тохтот», — диэн кынньыыр. Ийэтэ таҥнарын-симэнэрин сөбүлээбэт, тутуһар-хабыһар аххан. Соторутааҥҥыга диэри ийэтин тылыттан тахсыбат, ийэ дьууппатыгар эриллэ сылдьар оҕо этэ. Оҕо төһөнөн улаатан иһэр да, күүтүллүбэтэх боппуруос күөрэйэн иһэр дииллэрэ кырдьык эбит. Аҕыйах сыллааҕыга диэри куукула курдук таҥыннаран баран сиэтэ сылдьара, билигин, бука, сэргэстэһэ да хаамара биллибэт. Наһаа ытыс үрдүгэр тутан киһини таһынан тараҥнаппытын түмүгэ ити буоллаҕа. Кэнники муоданан маанытык таҥныбыт- симэммит молтоллубут кыыһынан киэн туттара, кини тугу саҥарбыта, туттубута-хаптыбыта кэпсэлгэ сылдьара, бэл, ийэтигэр кыыһыран ытаан мэрбэҥнээтэҕинэ — үөрүү буолара. Бу өйдөөтөҕүнэ, эбэтэ сөбүлээбэт этэ. «Дьоҥҥо оҕоҥ туһунан тоҕо наһаа кэпсиигин?» — диэхтиирэ. Римма ийэтин тылын аанньа ахтыа дуо, сапсыйан кэбиһэрэ. Неллитэ билигин баара-суоҕа уон сэттэтэ эрэ, өссө ситэн-хотон турдаҕына хайдах буолар? Ийэтин олох да саҥардыбат буолар ини. Икки сыллааҕыга диэри сайынын эбэтигэр тыаҕа тахсар этэ. Билигин истиэн да баҕарбат. Чэ, кэһэй. Кынтайа-кынтайа хаампытыҥ тохтоотоҕо буолуо. Кыыһыҥ проблематыттан ордубат инигин?

-Римма.., дорообо! Көрсүбэтэх да ыраатта, — диэн чаҥкынас саҥаттан соһуйан эмискэ тохтуу түстэ.

-Кимҥиний эн? — дьахтар иннигэр турар толуу көрүҥнээх тыа дьахтарын аллараттан үөһэ өрө көрөн таһаарда.

-Билбэтиҥ дуо? Марусябын дии? — дьахтар эттээх төгүрүк сирэйэ курус гыммытыгар, бэл, уһуурга дылы гынна.

-Хайа Марусяҕын?.. Аа, өйдөөтүм, — дьахтар оҕо сааһын доҕорун билбэтэҕиттэн ымыр да гынан кыбыстан көрбөтө.

-Марусябын ээ. Оҕо сылдьан скакалкалаан, ыаллаах оонньоон биэрэрбит… Эн хотун-хаан буолбуккун, — кэмчиэрийэр.

-Туох наадалааххын? Бириэмэм олох суох. Наадалаах буоллаххына, түргэнник эт, — Римма Альбертовна оҕо сааһын доҕорун кута-мата быһыытын сүөргүлээбиттии көрөн турбахтаат, кыбыстыбыттыы халты көрөн кэбиһэр.

-Суох, туох да наадата суохпун. Боруоста киһилии кэпсэтиэхпин баҕарбытым. Эн тас көрүҥүҥ эрэ уларыйбатах. Ис буотараҕыҥ бүтүннүү киһи билбэт гына уларыйбытыттан хомойдум. «Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Киһи да уларыйар эбит, — Маруся кини хардатын истэ да барбакка, иннин диэки тоһугуруу турбут оҕо сааһын дьүөгэтин кэнниттэн батыһа көрөн хаалла.

-Умналаан да биэрэллэр? Кыайан ииппэт эрээрилэр тугу гынаары элбэх оҕолоноллор. Миэхэ биир да оҕо кыайтарбат, — диэн саҥарарын быыһыгар, аҕата тыа дьонун элэктээн күлэрин санаан кэллэ: «Дэриэбинэҕэ киһи барыта элбэх оҕолоох. Уот киэһэ 11 чааска барар, тэлэбиисэр сүгүн көстүбэт, ол иһин эрдэ утуйаллар. Түмүгэ — элбэх оҕо», — диэн бэлэһинэн күлэрэ. Кырдьык да, оннугар тахсар.

Бээрэ, санаабар аралдьыйан, бу ханна бардым? Ити учуутал дьахтар ону-маны кэпсээн уйулҕабын хамсатан кэбистэ. Массыыналаах этим буолбат дуо? Төннүөххэ. Киэһэ кыыһы кытта кытаанахтык кэпсэтиллиэ. Суумкатын иһигэр суотабай төлөпүөнэ тохтоло суох тыаһыырын истэн, хасыһан, хаһан ылыар диэри ньам барда. Бүгүн үлэ бүтэһик күнэ — бээтинсэ. Онон эрдэ бардахпына да, ким токкоолоһор үһүө? Салалта хойутаабат, тардыллар эрэ.

Римма Альбертовна кытаанахтык туттан, киэҥ-киэҥник хардыылаан, офиһыгар киирбэккэ, «Тойота Виш» массыынатыгар чугаһаан иһэн, холбоон «тыс» гыннарда…

Татьяна Находкина

                                                                                                                                          ***

Кэпсээн салгыытын «Тыалынан киирбит-холоругунан тахсар» кинигэҕэ ааҕыҥ. Ааптар тэтимнээхтик сайдар олоххо киһи киһиэхэ кыра да болҕомтоҕо наадыйарын мүччү тутан, кэхтии суолугар үктэниэххэ сөбүн итэҕэтиилээхтик суруйар. Олох саҥа кэрдиис кэмигэр атыллаары сылдьар улахан кылаас оҕолоругар ананар.

Кинигэ “Бичик” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0